Кухотов Сергей Павлович, ФЛФ РСОК-15 устудьуона
Билим салайааччыта: Герасимова Е.С., бил.б.х., дассыан
Үлэ сыала-соруга:
- Н.А. Габышев айымньыларын ааҕыы.
- Хотугу омуктар олохторун, эйгэтин билии. Таба иитиитин туһунан чинчийэн үөрэтии.
- Таба иитиитин туһунан билии.
Үлэ тоҕоостооҕо: Киэҥ билиилээх суруйааччы омуктар доҕордоһууларын, сомоҕолоһууларын көрдөрбүт. Хоту сир олохтоохторо таба иитиитин сатабылларын билэрбит туһалаах.
Үлэ сонуна:
- 1. Норуот муудараһын, таба иитиитин омук төрүт дьарыгын сүтэрбэккэ билии.
- Хотугу омуктар олохторун эйгэтин билии. Таба иитиитин туһунан чинчийэн үөрэтии.
Николай Габышев улахан талааннаах прозаик-ителлектуал быһыытынан биллэр. (С. Руфов) 1982 сыллаахха Н.Габышев 60 сааһыгар С.Е. Дадаскиновтыын Хомустаахха баран иһэн Ньукулай төрөөбүт алааһыгар Чоҕунуурга тохтообуттара. Мин бэйэм Хомустаахтан төрүттээх буоламмын Николай Габышев төрөөбүт Чоҕунуурун билэбин. Дьиэтэ айан суолуттан чугас турар…
Мин Н.Габышев кэпсээннэригэр олоҕуран, хоту дойду олохтоохторун иитэр көлөлөрүн, таба иитиитин туһунан билиини чинчийэргэ холонобун. Бүлүү бөлөх улуустарыгар 1960 сылларга диэри таба көлөнү иитэн бултууллара. 1970 сылларга диэри кыыл таба курдук бултаан өлөрөн бүтэрбиттэрэ.
Николай Габышев 1940 сылтан 1947 сылга диэри хоту үлэлээбит буолан, 50-ус, 60-ус сылларга саха прозатын темата кэҥииригэр, байарыгар үгүс саҥа сүүрээни киллэрбит. 18 сааһыгар оройуон киинигэр Чокуурдаахха үөрэнэ киирбит. Горохов Семен Николаевич ахтыытыгар маннык суруйар: “Саҥа кэлбит учууталлар ортолоругар толору эттээх-сииннээх, көп-күөх харахтаах, бааһынайдыҥы дьүһүннээх, ыраас хааннаах эдэр киһи баара. Николай Алексеевич эйэҕэс майгытынан, холкутунан, билиитинэн-көрүүтүнэн үөрэх маҥнайгы күннэриттэн, оҕолорго сөбүлэппитэ”.
1958 сыллааха «Билэр дьонум» хомуурунньугар хотугу бөһүөлэк олохтоохторун, балыксыттарын, геологтарын, булчуттар тустарынан кэпсиир, ону таһынан хоту дойду айылҕатын, олоҕун ураты көстүүлэрин ойуулуур.
Билигин үгүс суруйааччылар, критиктэр уонна учуонайдар Николай Алексеевич суруйууларыгар сигэнэллэр. Хаһан, ханна ким туох диэн суруйбутун чуолкайдык билэринэн, элбэҕи аахпытынан тэҥнээҕэ аҕыйах. Кини аналитик суруйааччы, ааҕааччыларыныын сибээһэ быстыбат. Хас айымньытын ахсын ааҕааччытыныын маҥнай сэһэргэһэр ньыманан саҕалыыр.
Суруйааччы киэҥ билиилээҕин, олох историятын сайдыытын анааран толкуйдуурун кэрэһилиир киллэһик сэһэннэрэ ааҕааччы өйүн сайыннарар, толкуйдатар. Аан дойду үһүс сэриитэ буолбатын, сир планетата симэлийбэтин туһунан санаатын этэр. Киһи олоҕо халлаан байҕалын анныгар кылгас буоларын, онон олоҕу киһилии олорор наадатын өйдөтөр. Мин бу сэһэниттэн элбэх билиини ыллым. Былыргы аан дойду историятын үөрэппит чахчыларбын айымньыга илэ-бааччы көрдүм. Ол курдук, пирамидалар хайдах 50 үйэни бүүс-бүтүн туралларын киһи эрэ сөҕөр. Египеккэ этиҥнээх ардах түспэт үһү, этиҥ, чаҕылҕан суох кураан дойдута. Мамоҥҥа холоотоххо Египет пирамидата арыый соторутааҕы буолар.
Николай Габышев «Оо, хоту, хоту» кэпсээнигэр хоту дойду олохтоохторун куннээҕи эйгэтин, үлэлэрин-хамнастарын ойуулуур. Туундара кэрэ көстүүтүн, көтөрүн-сүүрэрин истиҥ-иһирэх тылынан хоһуйбут. Биһиги, Чокуурдааҕы көрбөтөх дьон, Н.Габышев кэпсээнин ааҕан, тэҥҥэ сылдьыспыт кэриэтэ буолабыт. Табаны, ыты көлө оҥостоллор. Кутуйах да, кырса да киирбэтин курдук атахха турар Петр Великэй саҕанааҕы ампаар баар. Сир анныгар хаһыллан тутуллубут холомо ураһаны музей курдук харыстыырга үөрэтэн суруйбут. Туундараҕа сахсырҕа суох эбит.
«Человек из тундры» кэпсээнигэр журналист ыйы быһа табаһыт, балыксыт олоҕун билээри туундараҕа олорбут. Ытыс саҕа маастар суруйбут айымньыта илии ытыһыныы сып-сылаас иэйиини биэрэр. Чахчы да истиҥ сыһыан баар. Саха киһитин хоту дойду олохтооҕун булчут мындыр идэтигэр үөрэтэр. «Били Күндэлэйгэ эһэни саата суох бултаһа барсан испитигэр дылы!» — диэн өс хоһооно норуокка баар.
«Таба тутуута» диэн оонньууну 6-10 саастаах уолаттар оҕо саастан үөрэнэн табаны хайдах тутарга үөрэнэллэр. Этин-сиинин холоон, ол да табалар уйуохтара диэн кырдьаҕас оҕонньор быһаарар.
«Хоолдьуга буурун көҥдөйдүү сүлэннэр, атахтары, муостары тиирэн, буорун үрдүгэр дьуолка оҥорон кэбиһэллэр.
Николай Габышев сэһэнигэр эриллэҕэс тииккэ алта бэрэбинэ атахха, сиртэн саһаан үрдүккэ 4 кырыылаах хаптаһын хоппо — араҥас ыйанан турар. Бу ытыктыыр ойууннарын, удаҕаннарын араҥастыыллар, үксүн сир кырсын ылан, хоруобу мууска ууран, кырсынан сабан көмөллөр, ону «ылахха ууруу» диэн ааттыыллар.
Кырса иитэр тимир хапхааннарын балык миинигэр оргуталлар, оччоҕо оҕунуоҕун эҥин сыта суох буолар. Оччоҕо кырсалар-үрүҥкэйдэр атыҥыраабаттар.
Черла эбэҥки кыыһа – кылбаа таба диэн ааттаах кыыс бухатыыр эбит. Дээбики хоһуун таптыыр кыыһыныын Индигир өрүскэ олохсуйбуттар. Таба ииттэн, оҕо төрөтөн дьоллоохтук олорбуттар.
Варвара Васильевна курдук саастаах эбэлэрбит, эһэлэрбит үһүйээннэрин сурунан, сэһэргээн үйэтитиэхпит. Саха сиригэр нууччалар кэлиилэрин сэһэргээбит. Ол 380 сыла буолла. Былыргы историябытын Габышев кэпсээнэ эмиэ чиҥэтэр. Уруускай Уустуйаҕа нууччалар олохсуйбуттарын кэпсиир.
Таба иитиитигэр атыырдары сүүмэрдииллэр. Мөлтөх атыырдары 7-8 саастарыттан атаан туспа ыстаадаҕа түмэн эккэ туттараллар. Таба биир ыстаадаҕа уруурҕаһар эбит.
Руфов С.Т. «Айанньыт саха ахтыылара» кинигэтигэр Булуҥ табаһыттарыгар сылдьыбыт. Хааргын табалар уойунньаҥнарынан, дьэллигэ суохтарынан, адьырҕаттан (бөрөттөн) куотан хаалбаттарынан олохтоох боруодатааҕар ордуктар. Эттэрэ минньигэс. Кинилэри көлүүр таба оҥорорго сатаан айааһана иликтэр.
Чуумсук — дьиэни-уоту көрөр, аһы-үөлү бэлэмниир. Ыстаадаҕа 8 үлэһиттээх. Сайын балыктыыллар, күһүн кыыллыыллар, кыһын кырсалыыллар. Сааһырбыт дьон дьүкээбил уота күүһүрдэҕинэ, төбөлөрө ыалдьар, мэйиилэрэ эргийэр.
Түмүк:
1-нан. Хоту дойду омуктарын олохторун-дьаһахтарын, сиэрин-туомун биллим.
2-нэн. Табаны иитии үлэтин, таба сааһынан аатын, туттуллар тэриллэрин чинчийдим.
3-нэн. Омуктар доҕордоһуулара күүстээх буолан, сомоҕолоһон Хоту дойдуга тыыннаах олорор сатабылы кыайабыт.
Туһаныллыбыт литература:
- Афанасьев П.С., Воронкин М.С. Диалектологический словарь якутского языка. – Москва, 1976 с.
- Габышев Н.А. Таптыыр харахпынан. Дьокуускай, 2008 с.
- Габышев Н.А. Серебряная береза. Москва, 1988 с.
- Иванов А. Туундараҕа «Ньоргунэй» дьиэрэйэр Чолбон 12.2005 с.
- Старостина Я. Болот Боотур романыгар эбээн норуотун сиэрэ-туома. Чолбон, 2011 с.