А.И. Софронов айымньыларыгар хоту дойду пейзаһа

26 марта 2:15

Башарина Зоя Константиновна – д.ф.н., профессор СВФУ

Соколова Матрена Васильевна – магистрант СВФУ ИЯКН


Анемподист Иванович Софронов – Алампа олоҕо уонна айар үлэтэ Хоту дойдуну кытары ыска сибээстээх. Ол курдук, 1909-1921 сс. атыыһыт   К. Д. Спиридоновка үлэлиир кэмнэригэр сайынын Өлүөнэ төрдүгэр Булуҥҥа балыкка киирэрэ. Бу сыллар кинини киһи, айааччы быһыытынан үүнүүтүгэр-сайдыытыгар элбэҕи биэрбиттэрэ: норуот олоҕун үөрэппитэ, үлэ ыараханын билбитэ, сири-дойдуну көрбүтэ, араас кэпсээни истибитэ. Ити барыта кэлин кини айымньыларыгар тыктарыллыбыта. Бу сылларга Анемподист Софронов поэт быһыытынан талаана сириэдийбитэ, бастакы драмалара, кэпсээннэрэ суруллубуттара.

Онтон 1923-1924 сс. Булуҥнааҕы атыы-эргиэн факториятын сэбиэдиссэйинэн ананан, кэргэнинээн Евдокия Константиновналыын Булуҥҥа кыстаабыттар. Бу сылдьан, «Саха омук» культурнай-сырдатар уопсастыба Булуҥнааҕы салаатын тэрийэн, ол иһинэн улахан дьону уонна оҕону саха суругар-бичигэр үөрэтэр оскуола арыйан, 4 ый үлэлэппитэ. Эдьигээн улууһун олохтоох сэбиэттэригэр быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлээбитэ[157, 5].

Софронов 1924 сыллаахха үлэтин сүнньүнэн Өлөөн төрдүгэр сылдьан баран, «Айаннаан сылдьыбыт бэлиэм» диэн этнографическай уочарка суруйбут. Уочаркаҕа сүрүн миэстэни Хоту сир айылҕатын ойуулааһын ылар. Суруйааччы хотугу дойду кэрэ көстүүтүнэн –хайаларынан, ыраас салгынынан дуоһуйа астынар: «Киһи хараҕа ыларын тухары туох да маһа-ото суох, кубус-кураанах. Ыбыс-ыраас, туус маҥан толоон курдук сир кырыытыгар тиийэн турдубут. Мэктиэтигэр, салгынныын, тыаллыын атыҥҥа дылы буолан хаалла. Арай онон-манан булгунньах курдук уһулута ыстанан тахсыбыт, ыраас халлаан күн куйаас былыта халлаан улаҕатыттан ойон тахсан иһэрин курдук, хайалар төбөлөрө маҥхаһан тураллара».

Бу уочарка биир бастакынан этнографияҕа, хотугу норуот историятын үөрэтиигэ биир сонун, олох кырдьыктаах хартыынаны уустук-ураннык ойуулаан хаалларыы холобура буолар [106,7]. Ол курдук, ааптар эбээн норуотун ураты олоҕун-дьаһаҕын, дьарыгын ойуулаан көрдөрөр.

Аны туран Алампа поэзиятыгар хотугу дойду уратылаах айылҕата, өҥө-дьүһүнэ эмиэ хойуутук көстөр. Сулус, дьүкээбил дьүһүлгэннэрэ аан бастаан биһирэмнээх өрүттэнэн аныгы литератураҕа киирбиттэр[87,5]. Дьыл кэмиттэн ордук тыйыс кыһын, хараҥа түүн ойууланар. Силлиэ, муус, хараҥа уобарастар эмиэ үгүстүк көстөллөр (20, 6)

Ол курдук, 1924 сыллаахха суруллубут «Хотугу түүн» хоһоонно суруйааччы олох көстүүлэрин, киһи дьылҕатын айылҕа хартыыналарынан тэгэлитэн көрдөрөр. Айымньы санаа түһүүлээх, ол эрээри күүстээх философскай түмүктээх. Үгүстүк символиканы уонна аллегорияны туттар. Хотугу түүнү ойуулууругар поэт хоту түүн уратытын эрэ буолбакка, өссө кини олохтоохторго кутталы суоһуурун көрдөрөр. Түүн, суукка көннөрү кэмэ, туох эрэ ынырыгы, кутталлааҕы күүтүү быһыытынан бэриллэр. Түүн харанатынан сабарданан сутаабыт бөрөлөр кэлэллэрин ойуулуур:

Дьааҥылар таманнарыгар

Табаны баттаары,

Сиэҥин сиэри,

Ороскуоту оҥороору,

Сутаабыт бөрө

Суоһуран-суланан,

Улуйан ордоотоон улуу түүн

Уутун уймаата,

Күөх түүн

Көҥүлүн көҕүрэттэ.

Хоһооҥҥо сүрүн миэстэни дьүкээбили ойуулааһын ылар. Софронов итэҕэтиилээхтик ойуулуур дьүкээбилэ, ааҕаачы хараҕар, бу араас дьикти кыраасканан, уотунан оонньуу турардыы көстөн кэлэр.  Хоту дойду дьикти көстүүтэ туундараны сырдатан, муна сылдьар булчукка абырал буолар. Айымньыга дьүкээбил уобараһа саҥа олоҕу саҕар күүс:

…Дьүкээбил уота

Умулла-умулла умайда,

Намтыы-намтыы таҕыста,

Сарбынньах-сарбынньах сандаарда,

Күлүм-күлүм күндээрдэ,

Көҕөрөн-кытаран көһүннэ,

Ирим-дьирим элэҥнээтэ,

Эргэл-дьэргэл дьэрэкээннэннэ,

Эбир-эбир буолбахтаата.

Хоту дойду тыйыс айылҕатын этинэн-хаанынан билбит Софронов хоту дойдуга киһи айылҕаттан уонна кини  көстүүлэриттэн тутулуктааҕын көрдөрөр. Кини айымньыларыгар киһи уонна айылҕа быстыспат сибээстээхтэр. Айылҕа киһиэхэ көмөлөһөр, ардыгар сөп суолу ыйан-кэрдэн биэрэр күүстээх[40,2].

Анемподист Софронов хоту өрүс төрдүгэр олорон төрөөбүт дойдутугар ахтылҕанын  «Аан дойду ахтылҕана» (1914с.) хоһоонно суруйар. Айымньыга лирическэй герой «атын сиртэн айхал тардыһа» төрүт буоруттан «айаҕын аһатар наадаттан» арахсан, дойдутун ахтан, «салбыҥнас кынаттаах саар-кыыл буолан» кэрийэн кэлэр. Төрөөбүт дойдутун айылҕатын дуоһуйа көрөн, дойдутуттан арахсыбытыттан кэмсинэр. Хоту дойдуга утарыта туруоран, дойдутун сылаас, сырдык кырааскаларынан ойулуур: «сайыҥҥы күннэр», «ойуу-бичик дойдум», «күөх отунан мустубут» о.д.а.

Ону көрөн олорон,                            Абатын дии санааппар,

Айахпын аһатар наадатыгар               Хөхсум иһинээҕи сүрэҕим

Аан дайдыбыттан арахсан,                 Көбүөхтүөр дылы хамнаата,

Атын сирдэргэ айманан,                    Хайҕах хара быарым

Аралдьыйа сылдьарым                       Халырҕаччы хамнаата.

Бу хоһоон биир уратытынан эмиэ аллегорияны туттуу, олох көстүүлэрин айылҕа хартыыналарынан тэгэлитэн көрдөрүүтэ күүстээҕэ буолар. Айылҕа көстүүлэрин нөҥүө Алампа олоххо, олох уларыйыытыгар сыһыана, түмүктээһиннэрэ көстөр. Айылҕа көстүүлэринэн ааптар герой ис туругун уларыйыытын-тэлэрийиитин арыйар. Бу хоһоонно дойдуга буола турар бөрүкүтэ суох быһыыттан аймалҕан, санаа баттатыы тыына биллэр. Оннук кэмҥэ поэт лирическэй геройа көхсүн кэҥэтэр сирэ – төрөөбүт алааһа. Дьиҥ олоххо суох идеальнай сыһыаны, гармонияны айылҕаҕа эрэ булар.

Онон, Анемподист Иванович Софрорнов – Алампа, маҥнайгытынан, саха литературатыгар хотугу теманы биир бастакынан киллэрбит суруйааччы буолар. Иккиһинэн, Алампа хотугу дойду уратытын ойуулууругар ордук кыһын, түүн  киирэр. Усуһунэн, Алампа хотугу темаҕа хоһоонноругар сүрүн уобраһынан дьүкээбил, хаар, муус, силлиэ буолаллар. Төрдүһүнэн, Алампа общество олоҕун ыарахаттарын аллегориялаан ойуулуурга хоту дойду пейзаһын  туһанар.

ЛИТЕРАТУРА


  1. А. И. Софронов – Алампа: проблемы исследования жизни и творчества: сборник научных статей. – Якутск : ИГИ АН РС(Я), 2006. – 209 с.
  2. Билюкина А.А. Алампа…(жизнь в творчестве) – Якутск, 2001. – 137 с.
  3. Бурцев А.А. Введение в историю якутской литературы. – Якутск: Сахаполиграфиздат, 2004. – 208 с.
  4. Саввинов А. А.И.Софронов Булуҥ сиригэр. – Чолбон №11, 2009 с. – 176-181 стр.
  5. Семенова В.Г. Алампа: личность норуот историятыгар суолтата. – Дьокуускай: Ситим-Медиа, 2011. – 448 с.
  6. Семенова В.Г. Анемподист Софронов поэзията (Үөскээбит төрүттэрэ. Проблематиката. Поэтикатын уратылара). – Дьокуускай: Саха ун-тын изд-вота, 2002. – 159 с.
  7. Художественное наследие А.И. Софронова – Алампа в контексте российского просветительства: материалы Всроссийской научно-практической конференции. – Якутск: ИГИиПМНС СО РАН, 2014. – 292 с.