Юко уол тулалыыр эйгэтэ ( Улуро Адо ,,Юко кэпсээннэрэ,, айымньытынан)

30 декабря 5:26

Новгородова М.Д., М-ЯЛ-15

Науч. сал. Григорьева Л.П., ф.н.к., доцент


Гаврил Николаевич Курилов-Улуро Адо юкагир норуотугар улахан суолталаах, киэҥ хабааннаах үлэни оҥорбут сүдү талааннаах киһи. Төрөөбүт тылын, норуотун культуратын бастыҥ тарҕатааччыта, ийэ тыла бигэ туруктаах буоларыгар үгүс сыратын анаабыта. Ол курдук, кини бастакы юкагир тылынан тахсыбыт букубаар ааптара, оскуола үрдүкү кылааһыгар уонна үрдүк үөрэх кыһатыгар анаан, «Билиҥҥи юкагир тыла» («Современный юкагирский язык») (2007) кинигэни суруйбута. Маны таһынан, юкагир норуотугар поэзия жанрын төрүттээбит суруйааччы буоларынан улахан суолталаах. Кини аан бастакынан юкагир литературатыгар поэзия сүрүн жанрын поэманы киллэрбитэ.

Улуро Адо айар үлэтин В. Огрызко, В. Окорокова, кыыһа Л. Курилова чинчийбиттэрэ, поэт быһыытынан үрдүк сыанабылы биэрбиттэрэ.

Улуро Адо поэт буоларын таһынан, юкагир норуотун олоҕун-дьаһаҕын, культуратын сырдатар оҕолорго аналлаах айымньылары суруйбута («Юко кэпсээннэрэ», «Сказка о Человеке и Красном Звере» о.д.а.). Ол туһунан литературовед В. Окорокова маннык суруйар: «Улуро Адо целенаправленно работал в детской тематике, предназначая для них свои произведения, и потому с его произведений в юкагирской литературе начинается детская тематика. Детская литература определяется не только тематикой, но прежде всего направленностью к душам юных читателей, средствами воздействия на их чувства, эмоции и сознание» [4, с. 13]. Улуро Адо айымньыларын юкагир тылынан суруйар, кинигэлэрэ нууччалыы, сахалыы тылбаастанан бэчээттэммиттэрэ, ааҕааччылар биһирэбиллэрин ылбыттара.

Улуро Адо «Юко кэпсээннэрэ» айымньыта оскуолаҕа 5 кылааска «Төрөөбүт литературабыт» предмет программатыгар киирэ сылдьар, үөрэтиллэр. “Юко кэпсээннэрин” сахалыы суруйааччы Василий Тарабукин тылбаастаабыта, айымньы аан бастаан 1973 сыллаахха бэчээттэммитэ [7]. Бу айымньыттан биһиги хотугу дойду айылҕатын кэрэтин, туундара араас кистэлэҥнэрин оҕо хараҕынан көрөбүт, сөҕөбүт-махтайабыт. Онон дакылааппыт сыалынан-соругунан Юко уол тулалыыр эйгэни хайдах ылынарын уонна ону ааҕааччыларга хайдах тиэрдэрин быһаарарга холонуу буолар.

Хас биирдии киһи олоххо бэйэтин миэстэтин буларыгар тулалыыр эйгэ оруола улахан. Тулалыыр эйгэ диэн тугуй? Мин санаабар, тулалыыр эйгэ – күннэтэ көрөр, алтыһар айылҕаҥ, туох эрэ саҥаны биллэрэр, иитэр-такайар дьонуҥ. Хас биирдии оҕо тулалыыр эйгэни ылыныытыгар уус-уран айымньы суолтата сүҥкэн. Тоҕо диэтэххэ, айымньы иитэр-үөрэтэр, такайар кыаҕа муҥура суох.

Истиҥ иэйиилээх, эйэҕэс сыһыаннаах, сылаас тыыннаах «Юко кэпсээннэрэ» хас да чаастан турар, хас биирдии чааһа туох эрэ сонун түгэнинэн ааҕааччыны кэрэхсэтэр. В. Окорокова «Юко кэпсээннэрэ» жанрын хас да лоскуй кэпсээннэртэн турар сэһэн диэн быһаарар: «В целом произведение воспринимается как повесть, состоящая из множества маленьких рассказов и соединены одним главным героем и непрерывностью сюжета”[4, с. 18].

Айымньы сюжета ааптар дойдутугар тиийэн оттомноох, дириҥ толкуйдаах Юконы көрсүүтүттэн саҕаланар. Онтон кэпсээн сүрүн ис хоһооно сыыйа Юко тулалыыр эйгэтин тула арыллан барар. Юко — ааптар кырачаан доҕоро. Юко баара-суоҕа биэс саастаах. Юко диэн юкагир тыла, сахалыы тылбааһа кырачаан диэн буоларын Улуро Адо быһааран биэрэр. “Юко кэпсээннэрэ” — автобиографическай айымньы. Ону ааһан Юко уобараһа — түмүллүбүт уобарас. Ааптар бэлиэтииринэн, бу уобарас прототибынан 6 саастаах Коля Атласов буолбут эбит [2]. Айымньы композицията Юко уол тулалыыр эйгэни хайдах ылынарынан, туохтан долгуйарыттан, үөрэриттэн, хомойоруттан тутутуктанан уратытык таҥыллыбыт.

Улуро Адо айымньытыгар оҕо уонна улахан дьон икки ардыгар баар сыһыаны сатабыллаахтык арыйар. Юконы кытта тэҥҥэ ийэтэ, аҕата, эбэтэ уонна таайа бааллар. Кинилэр бары уолу истиҥник таптыыллар, оҕо сааһа дьоллоох буолуон олус баҕараллар. Ол сылаас эйгэҕэ сыстан, Юко булчут, бостуук , таба эмчитэ буолуон баҕарар [4 , с.17].

Кырачаан доҕорбут Юко төрөөбүт дойдутун айылҕатын, отун-маһын туһунан кэпсиир. Кини туундара уонна киин сир ото-маһа, айылҕата атыннааҕын маннык быһаарар: «Манна сирдиин-уоттуун туспа, эһиги сиргититтэн букатын атын. Эһиэнин курдук, суон баараҕай мас үүммэт. Ол биллэр. Манна сайын сир үрдэ кыратык ирэр, түгэҕэ өрүү тоҥ сытар, уонна кыһын олус күүстээх тыал түһэр. Ол тыал улахан маһы силиһиттэн түөрэн, сиҥнэри охсон кэбиһиэн сөп» [7, с.5]. Юко кэпсээниттэн биһиги туундара олохтоохторо талах мастан чаачар саа, таба үүрэр күрэй диэн тайах оҥостоллорун билэбит. Кини саҥа төрөөбүт тугуту тоҕо сөбүлүүрүн, Иранал диэн быычыкаайык тугуттааҕын туһунан кэпсиир. Маны таһынан, Юко Чаҕаа диэн түөрт атахтаах доҕордоох. Чаҕаа — булчут ыт. Юко баҕа санаата, улаатан охсон, Чаҕаанын кытта элбэх булду бултуон баҕарар. Ол эрэн, ол баҕа санаата туолбат — «Чаҕаа атын дойдуга барар». Бу түгэҥҥэ юкагир норуота муударай санаата, мындыр толкуйа арыллар. Олох сокуонунан «кэлбит хаһан эрэ төннүөхтээх», ол онтон оҕолорун Юконы араҥаччылыыллар. Онон кэпсээҥҥэ саамай уһулуччу миэстэни Юко доҕотторо ылаллар диэн түмүктүөххэ сөп. Юко доҕотторун — тугуттарын Ираналы, Гутаваны, ытын — ис сүрэҕиттэн олус күүскэ таптыыр, аһынар. Бу доҕотторуттан кини элбэҕи билэр, сырдык баҕа санааланар. Доҕотторун көмөтүнэн кырачаан уолчаан күн ахсын туох эрэ саҥаны билэр, ол билбитин бэйэтэ өйдүүрүнэн быһаара, ырыта сатыыр. Холобур, тугут улаатан тоҕо  киһиттэн тэйэрин, умнарын интэриэһиргиир. Иранал диэн тугутугар, онтон сылтаан кыыһырар. Дьон онтон күлэр.

Юко уол тулалыыр эйгэттэн тугу билибитин, алтыһар доҕотторун туһунан ырыа ыллыыр идэлээх. Кини талах үнүгэһин, үрүччэ, Чаҕаа тустарынан уонна тугутугар Ираналга, доҕор оҕолоругар анаан ыллыыр. Ырыалар суолталарын туһунан В.Окорокова маннык быһаарбыта: «Каждый рассказ сопровождается песней-стихом Юко: о тальнике, ручейке, об олененке, собаке, об отце и др. В песнях этих налицо описательность, эпическое начало которых свидетельствует о том, что они происходят от народных песен… В рассказах Улуро Адо песни даются в конце каждой главы и как бы содержат себе заключительную часть рассказа» [4 , с. 18].

Юко кырачаан ааҕааччылары эппиэтинэстээх, чугас киһи иннигэр кыһамньылаах буоларга үөрэтэр: «… О, түксү, мантан ордук кыайан кэпсээбэппин. Ийэм уоккун отун, чэйгин өр, сотору дьуһуурунайдаан бүтэн, ыстаадаттан аҕаҥ кэлиэ диэтэ. Биллэн турар, аҕам олус утаттаҕа, түргэнник чаанньыгы оргута охсуохха» [7, с. 23] Бу оҕо уонна төрөппүт икки ардыгар истиҥ таптал, кыһамньы, убаастабыл баарын көрдөрөр сүрдээх иһирэх түгэн.

Түмүктээн эттэххэ, айымньы кырачаан оҕо санаатынан, көрүүтүнэн суруллубут буолан, олус истиҥ эйгэлээх, сырдык сыдьаайдаах. Бастатан туран, Улуро Адо “Юко кэпсээннэрэ” айымньыта хоту дойду айылҕатын кытта билсэргэ, төрөөбүт дойдуну ис сүрэхтэн таптыырга, тулалыыр эйгэҕэ болҕомтолоох, аһыныгас буоларга, чугас дьону, тулалыыр олоҕу таптыырга үөрэтэр дириҥ ис хоһоонноох айымньы. Иккиһинэн, Юко туох саҥаны, сонуну билэр даҕаны саҥаттан саҥа баҕа санааланан иһэр. Ол аата, тыйыс туундара хорсун оҕото билиэн-көрүөн баҕата улаханын, ыра санаата сырдыгын-ырааһын кэрэһэлиир. Онно тулалыыр эйгэ улахан оруоллааҕын Улуро Адо “Юко кэпсээннэрэ” айымньытынан итэҕэтэр.

 

Туһаныллыбыт литература:

  1. Бочонина В. Умуллубатын, юкагир оттубут кутаатын уота // Илин.1997. №1. С. 2-3.
  2. Курилов Г.Н. Избранное: стихотворения, поэмы, рассказы, эссе, публицистика. — Якутск: Бичик, 2013.
  3. Курилова Л.Г. Улуро Адо: литературоведческий очерк. — Якутск: Бичик, 2008. 96 с.
  4. Окорокова В.Б. Высокое парение потомка Великого Орла-Улуро Адо.-Якутск: Северовед,1998. 76 с.
  5. Юкагирская литература: Сборник / Сост. Вячеслав Огрызко.-М: Литературная Россия, 2006. 376 с.
  6. Улуро Адо, Семен Курилов Юкагирские костры. — Якутское книжное издательство, Якутск, 1965.
  7. Улуро Адо. Юко кэпсээннэрэ. — Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота,1973.