Аргунова К.В., студентка ИЯКН СВ РФ СВФУ
Научный руководитель: Архипова Е.А., к.ф.н.
Александр Сергеевич Пушкин айымньылара литературоведтар бэлиэтииллэринэн, аан дойду бары тылыгар тылбаастаммыт. Ол быыһыгар Саха сирин хотугу норуоттарын тылларыгар.
Ол курдук, А.С. Пушкин “Я памятник себе воздвиг нерукотворный” (1836) диэн бэйиэт уонна поэзия тиэмэтигэр анаммыт хоһооно хотугу норуотттар бары тылларынан саҥарбыта.Эбэҥки тылыгар Анна Мыреева, билэлиэгийэ билимин кандидата, эбээннии Василий Лебедев, эбээн бэйиэтэ, филолог-учуонай уонна Андрей Кривошапкин, эбээн суруйааччыта, Саха сирин общественнай деятелэ, дьүкээгир тылыгар Гаврил Курилов-Улуро Адо, дьүкээгир суруйааччыта, тылбаасчыт, билэлиэгийэ билимин доктора, чукчалыы Григорий Вельвин, Аллараа Халыма улууһун айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччыта тылбаастаабыттара. Тылбаастар айымньы сүрүн ис хоһоонун толору тиэрдэллэр. Ол курдук, сүрүн уобарастар сорох тылбаастарга бэйэлэрин тылларынан, сорохторго нууччаттан киирии тылынан бэлиэтэммит. Холобура: эбээн, дьүкээгир тылыгар памятникнууччатттан киирии тылынан барбыт, онтон эбэҥки тылыгар иливум, чукчалыы кэтоольдиэн тылбаастаммыт. Бу көстүү хотугу норуоттар тылларын лексическэй уратыларын бэлиэтиир. Хоһоон формата бары тылбаастарга уларыйбатах. Улуро Адо уонна Григорий Вельвин тылбаастарыгар Пушкин тутуспут кириэстии рифмовката толору тутуһуллубута тылбаас үрдүк таһымын көрдөрөр.
Тылбаасчыттар А.С. Пушкин поэзиятын эрэ буолбакка прозатын эмиэ тылбаастаабыттара. Ол курдук, эбэҥкилии Г.М.Василевич(1895 — 1971), историческэй билим доктора, устудьуоннары кытары тылбаастаабыт остуоруйалара 1935 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта. Кини үөрэннээчитэ Н. Салаткин А.С. Пушкин “Станционный смотритель”, “Дубровский”курдук айымньыларын бэйэтин төрөөбүт тылынан саҥардыбыта. Оттон эбээн тылыгар “Сказка о рыбаке и рыбке”, “Сказка о попе и работнике его балде” К.А. Новикова, И.В. Хабарова, А.Н. Аруева 1938 сыллаахха тылбаастаан тус-туспа кинигэ гынан таһаартарбыттара.
Хотугу суруйааччылар Пушкиҥҥа сүгүрүйэн кини айымньыларын тылбаастаан бэйэлэрин норуоттарыгар тиэрдэллэрэ, ону таһынан киниэхэ анабыл хоһоон айаллара, айымньыларыгар уобарас гынан киллэрэллэрэ. Ол курдук, Николай Тарабукины (1910-1956), эбээн литэрэтиирэтин төрүттээччи, А. Пушкин айымньылара айар үлэ алыбар кынаттаабыттара. “Пушкин” диэн анабыл хоһоонугар эбээн үгэһин кытары улуу Пушкин уобараһын дьүөрэлээбитэ:
В среднем мире
Великий Пушкин жил.
В верхнем мире
Сказочный богатырь был .
Пушкин умер,
Но произведения его остались… [1, 10]
Ону таһынан “Люблю солнечный свет” диэн хоһоонугар Пушкин уобараһын билиини тэлэр, сырдыгы сыдьаайар учуутал быһыытынан киллэрэр. Эбээн суруйааччыта Платон Ламутскай (1920-1986) айар үлэтигэр А.С. Пушкин эмиэ сүрүн суолтаны ылар. Ол курдук, улуу бэйиэккэ анаан “Пушкин уонна эвен” хоһоонун суруйбута.
Саха сирин хотугу норуоттарын литературата сайдарыгар нуучча классик суруйааччытын, А.С. Пушкин, айымньылара кынаттаабыттара. Тылбаастаммыт айымньылара хотугу норуот сайдыытыгар, билиитэ-көрүүтэ хаҥыырыгартөһүү күүс буолбуттара.
Туһаныллыбыт литература
- Павлова В.Н. Ааттыаҕа миигин манна баар бары омук: Биобиблиографическай ыйынньык. – Дьокуускай: Бичик, 1999. – 80 с.
- Петрова С.М. Эвенская литература в школах Республики Саха (Якутия): Учеб. Хрестоматия. – СПб.: отд-ние изд-ва “Просвещение”, 1994. – 175 с.
- Писатели Земли Олонхо: Биобибл. справочник. – Якутск: Бички, 2000. – 448 с.
- Пушкин А.С. Памятник туруоруннум кэхтибэт кэс тылтан:/ Хомуйан оҥордо уонна бэчээккэ бэлэмнээтэ С.И. Тарасов. – Дьокуускай: Бичик, 1999. – 16 с.