Описание природы в романе А.В. Кривошапкина «Берег судьбы»

6 ноября 10:45
 

УДК 821.512.211.09

Алексеева Айыына Аркадьевна,

аспирант кафедры якутской литературы

ИЯКН СВ РФ СВФУ.

Научный руководитель:

Окорокова Варвара Борисовна, д.ф.н.

А.В. Кривошапкин «Дьылҕам кытыла» романыгар айылҕаны ойуулааhын

А.Кривошапкин “Дьылҕам кытыла” диэн бастакы романынан эбээн литературатын  ситиитин, саҥа кэрдиискэ тахсыытын кэрэһэлээбитэ. Бу айымньытыгар хоту дойду олохтоох эбээннэрин, Ламыҥха аҕатын ууhун, Нэгэ дьиэ кэргэнин ойуулаан, норуот олоҕор буолбут сүҥкэн уларыйыылартан биир кэрчик кэми көрдөрөр. Суруйааччы айылҕаны уhуннук-киэҥник, уустаан-ураннаан ойуулаабат. Холобур: «Нюлконжа тэллэҕинэн харгылаах хайа үрэҕэ Калдикчан сүүрүгүрдэр, үрэх кытыллара күөхтүҥү маҥан лабыкта үллүктээхтэр. Сүүрүгү таҥнары түстэххэ эмискэ тэтиҥ алардар арыллаллар. Бу үрэхтэн тайах сылы быhа арахпат диэччилэр. Оттон Нюлконжа аппаларыгар уонна сирэйдэригэр сайын да, күhүн уямкан таалалыыр», —  диэн курдук судургу тылларынан дьикти-кэрэ дойдуну арыйар. Ромаҥҥа хоту сир араас кыылын-сүөлүн эгэлгэтэ, хайата, уута-хаара, халлаана, сирэ-уота илэ-бааччы көстөр. Онуоха биир ойуччу миэстэни хайа ылар. Хайа модун, кэрэ көстүүтүнэн, салгынынан киһини ыраастыыр, санааны көрөҕөр, сааһылыыр күүстээҕин таһынан, сирэйэ туруорутуттан, хаара хастанан түһэриттэн, тыйыс, тымныы тыыннанар. Ол курдук, Нэгэ хайаҕа сыыhа үктэнэн өлө сыhан, ыарыhах буолбут түбэлтэтэ, Хааннаах Хайа туhунан үhүйээннэр ааҕааччыны дьиксиннэрэллэр. Маны сэргэ, хайалар, өбүгэ саҕаттан турар тыыннаах туоhулар буолан, ламуттар олохторун былыр-былыргыттан кэтээн көрө тураллар. Айымньыттан бу курдук этиилэри булуохха сөп: «Бэл, балыгынан баай Улгин үрэх тардыытыгар иилии турар хайалар ламут өлбүт дьахтары итинник кэбилээбитин көрө иликтэрэ», «сотору бу хайалар түhээн да көрбөтөх улуу сыбаайбалара ньиргийиэ», «сир ийэ, хайалар уонна тыалар эйиигинэн киэн туттуохтара», «Уолламмыппын!.. Уол төрөөбүт. Истэ5ит дуо, хайалар?».

Ромаҥҥа айылҕаны ойуулааhын сүрүннээн эбээн эйгэтин арыйар аналлаах, геройу характеристикалыыр сүрүн ньыма буолар. Айылҕа – эбээннэр олохторо, күннээҕи эйгэлэрэ буолан, араас сүүрэр-көтөр, сир-дойду маннык буолуохтааҕын курдук көстөллөр. Ламуттар биир кэмҥэ бэркэ дьиктиргээн бэйэ-бэйэлэригэр маннык дэhэллэр: «Күүппүттэрин курдук, тулалыыр хайалара тоҕо эрэ сууллубатылар. Хаһан да түспэтэх халыҥ хаар түспэтэ, сир бүтүннүү килиэ мууһунан бүрүллүбэтэ. Саамай дьиктитэ баар – бу кинилэр, ламуттар, уруккуларын курдук тымныы салгынынан тыыналлар, сулустар чипчиҥнэһэллэрин көрөллөр, күн тахсарын көрсөллөр. Оттон ыраахтааҕыта суох олох тохтоон хаалыа диэбиттэрэ».  Сэhэргээччи эбээннэр тустарынан этэр: «өрүстэр кытылларынан, хайа ырааhыйаларынан үүнэр ити сэдэх от-мас баар буолуохтааҕын курдук судургутук саныыллара». Арай туора киhи хараҕар кинилэр уратылара дьэҥкэтик көстөр. Ол курдук, саха киһитэ Алексей Алексеевич Семенов  кинилэргэ сырыттаҕын аайы «ламуттар хардарыта эрэ буолбакка, хас кэлии дьону кытта айылҕа курдук истиҥнэрин, сөҕүмэр чиэhинэйдэрин, оҕо курдук килбиктэрин, итэҕэйимтиэлэрин көрөн-билэн иhэр» уонна кинилэри таптаан, ытыктаан айылҕа оҕолоро диэн ааттыыр.  Автор эбээн олоҕун иhиттэн билэр буолан, айылҕа практическай өттүнэн, олоххо-дьаhахха сыhыарыллан арыллар: «Болбукта арҕах көстүүтүн мэhэйдиир уонна ыксал буоллаҕына ханна да ыыппаккка атаххар кыаhы буолан сордооччу». Ону тэҥэ ойуулааhыҥҥа үгүстүк герой тус сыhыана, тойоннооhуна  киирэр, холобур: «Быйыл үргэллээх чолбон хойутаан алтыстылар – дьыл уhуура буолуо».

Ромаҥҥа уу – олох, айылҕа бэлиэтэ буолар. Айымньы устатын тухары  уу, өрүс, үрэх, күөл, ардах диэн өйдөбүллэр арыаллыы сылдьаллар. Маныаха суруйааччы кэрэ айылҕаны сэргэ уу суох буолуутун, курааны эмиэ ойуулуур. Кини ламуттар дьикти эйгэлэрэ суох буолуон сөбүн харааста, аймана ойуулуур: «Хайа да диэки хаамтар ханна да уу суох буоллаҕына, эгэ халлаантан түhүө дуо? Дьороҕор сотолоох чуор тайахтар ханналарый? Ханналар кыраҕы уямканнар? Хайа үөдэҥҥэ түстэхтэрэй били эйэлээх кыыл табалар? Суохтарын курдук суохтар, күөх халлааҥҥа буруо симэлийэринии таhы-быhа мэлийбиттэр. Аа тайҕа көс дьонугар дьылҕа-хаан тойон ама маннык ынырыктаах алдьархайы тосхойбута буолуо дуо?», «Хара тыанан таба ааспат, чороҥ соҕотох илуму холумтана буруолаабат күнэ үүнэр куттала саба барыйан турара». Айымньыга кытыл диэн өйдөбүл күүстээх. Норуот хайаан да бэйэтэ кытыллаах буолуохтаах. Айылҕата, кытыла суох эбээн норуота суох. Нэгэ дьиэ кэргэнэ үрүҥ кыhыл киирсиитигэр алдьархай тирээбитигэр, өлөр өлүү дьиэлэрин ааныгар кэлбитигэр айымньы саҕаланыытыгар кураантан, аччыктааhынтан быыhаммыт, ып-ыраас уулаах сирдэрин тымырыгар көhөн тиийэллэр. Итинэн автор эбээн норуотугар эстэр симэлийэр алдьархай тирээтэҕинэ төрүт айылгыга, айылҕаҕа төннөргө ыҥырар курдук.

Нэгэ дьиэ кэргэнигэр икки “адьырҕа” суоһуур. Биир өттүттэн дьиҥнээх бөрө кини табаларын сиэри ыгар, оттон табата суох тыыннаах хаалар кыахтара суох. Иккис өттүттэн, баай киһи кинилэр мөлтүүллэрин, айаҕар киирэн биэрэллэрин кэтиир. Нэгэ дьиэтиттэн бараары туран, дьонугар этэр: «Тардылыннахпына, табаларгытын хомуйан түhүлгэттэн ыраатыннарбакка бииргэ тутаарыҥ. Инньэ гымматаххытына ыhыллан хаалыахтара, тоҕо эрэ суор да элбээбит» — диэн дьаhайан тахсан барар. Нэгэ ити тыллары дьахталларга, ол эбэтэр норуокка туһаайар: «Дьахталлар саҥата суох атаара көрөн хааллылар. Кинилэр дууhаларын өйдөммөт дьиксинии тымныынан хаарыйда». Маны түмсүүлээх буоларга ыҥырар, норуокка сэрэтиилээх, түгэхтээх этии курдук өйдүөххэ сөп.

 Ромаҥҥа эбээннэр бултууллара, сааланаллара кыhыл-үрүҥ сэриилэhиитин кытта кэккэлэhэ ойууланар. Онуоха үс хатыланар түбэлтэ көстөр. Бастаан Омчэни муус хайдыбытыгар түспүт тайаҕы быыhаан таhаарар уонна дьоно төhө да аччык олордоллор, ыппакка ыытан кэбиһэр, ол кэннэ Чоймо муоhугар иилистэн тииккэ кыбыллыбыт, өлөн эрэр тайаҕы босхолуур, онтон үhүс түбэлтэҕэ тайах миэстэтигэр Түмээ буолар. Кинини үрүҥнэр тутан өлөрөөрү кыҥаан истэхтэринэ харабыллаан испит саха киhитэ кистээн куоттарар,  босхолоон тыынын быыһыыр. Манан суруйааччы айымньытыгар кыылыттан киһититтэн, омугуттан, үрүҥүттэн кыһылыттан тутулуга суох бары айылҕа оҕолоро буоларбытын итэҕэтэр, олох туhугар охсуhууга, өлөр-тиллэр кэмҥэ биир буолуохтаахпытын этэр, ону тэҥэ революция кэмин ойуулаан, киhи киhини кытта кыргыhыыта, бэйэ-бэйэни утары туруу кыра норуокка ордук дьулаанын көрдөрөр, норуотун туhугар аймана ыалдьар.

Онон, А. Кривошапкин романыгар айылҕаны сирэйинэн даҕаны, хос номохтоон даҕаны ойуулааhына олус интэриэhинэй. Сюжет сайдыытын төрүттүүр, идеяны сүгэр айылҕаҕа сыһыаннаах символ-көстүүлэр суруйааччы уус-уран маастарыстыбатын туоһулууллар.