Билиҥҥи саха тылын уларыйар төрүөтэ

8 июля 10:22

Сидорова Сайаана Ивановна,

Cеверо-Восточный федеральный университет

Научный руководитель: Герасимова Е.С., к.ф.н., доцент,

Cеверо-Восточный федеральный университет

Аахпат киһи тылын баайын эгэлгэтэ аччыыр. Олорон ааспыт, Саха тылын баһылаабыт классик суруйааччыларбыт кэпсээннэрин-хоһооннорун ааҕар киһи аҕыйах. Ол иһин дьон үксэ сыппах тылы туттар, уус-ураннык саҥарарын ыарырҕатар. Тылбыт ол иһин сүтэн, симэлийэн иһэрэ бэлиэтэнэр. Тылбыт ахсаана кыччаатар кыччаан, аҕыйаатар аҕыйаан, эбиитин сыыс тыл, атын омуктартан киирбит тыл баһылаан, төрөөбүт тылбыт кэхтэр суолга туран эрдэҕэ. Холобур: 1. Короче, мин дьиэбэр бардым (Чэ, мин дьиэбэр бардым). 2. Эн миэхэ, давай, сарсын кэлээр (Эн миэхэ, чэ, сарсын кэлээр).  3. Чэ, домойдаатыбыт (Чэ, дьиэлээтибит).

Онно эбиискэ буолан саңа үйэ айыылара, аан ситим салаалара, суруйсар сыаллаах тэриллэр киирэннэр, ыччат тылын мөлтөтөллөр. Ол курдук: тылы кылгатыы, тутулун уларытыы, сыыһа өйдөбүлгэ туттуу тылбыт эстэригэр кыһайар. Холобур: 1. Пр, ха ханна сылдьаан? (Привет, хайа ханна сылдьаҕын?) 2. Бээһээ жоска тоска этэ . Нерва бүппүтэ. Инник тобуктук сылдьыам диэн санаа соҕа (Бэҕэһээ наһаа чуҥкук этэ. Ньиэрбэм бүппүтэ. Итинник куһаҕаннык сылдьыам диэн санаа суоҕа (сылдьыам дии санаабатаҕым). 3. Крч, мин һотору тием (Чэ, мин сотору тиийиэм).

Саха сирин үрдүгэр, ордук чуолаан нуучча тыла туттуллара эмиэ төрүөт буолуон сөп. Хаһыат буоллун, телевидение буоллун, курэх торума буоллун уо.д.а. киһи барыта туттар, ааҕар, истэр сүрүн өрүттэрэ үксүн нууччалыы суруллаллар. Холобур:


  1. Здравствуйте, куоракка дьону түң-таң операциялаан обургу соҕус айдаан буолла (Дорооболоруҥ, куоракка дьону түң-таң эпэрээссийэлээн обургу соҕус айдаан буолла).
  2. Коммунистар суукка уонна Киин выбордыыр комиссияҕа 1 каналы үңсэр былааннаахтар. – (Хомуньуустар суукка уонна Киин быыбардыыр хамыһыйаҕа 1 ханаалы үңсэр былааннаахтар .)

Ити курдук күннээҕи олоххо туттуллар атын омуктан киирбит тыл олус элбэх. Сайдыы баран, олохпут уларыйан, тупсан, атын омугу холобур оҥостон иһэрбит үксүү турар, ол онтон сиэттэрэн тылбыт эмиэ “инновацияланар”. Саҥа тылы олохтуур түгэннээх буоллахпытына, мин санаабар, хайаан  даҕаны уруулуу тыллаах омуктарбыт тылларын ырытан-үөрэтэн, сыымайдаан, уу сахалыы сыһыарыылары, тыл тутулун туттан уларытарбыт оруннаах буолуоҕа, эбэтэр онно сыһыаннаах, өйдөбүлүнэн маарынныыр, ол эрэн билигин туттуллубат, умнуллубут саха тылыгар баар тылынан солбуйуохха сөп. Бу манна хас биирдии киһи кыһалҕаны көрөн, үөрэтэргэ турууластаҕына омукпут уһун үйэлиниэ, кэхтэр суолга киириэ суоҕа.

Тылбыт симэлийбэтин туһугар туруулаһыахтаахпыт. Биһиги, билиҥҥи үйэ эдэр ыччата, ылсыбатахпытына, дьэ, чахчы кэхтэр суолга турара мэлдьэх буолбатах. Ол иһин биир санаанан салайтаран, ыччат түмсэн сөптөөх быһаарыныыны ылынан, сыыһата суох суруйууну көҕүлээн үлэлээтэхпитинэ табыллыа, саха тыла чэчирээн, симэлийбэккэ сириэдийэн сайдара – барыта бэйэбититтэн тутулуктаах!

Литература


  1. Петрова Т.И., Ефремова Н.А. о.д.а. Саха тыла: Тыл-өс култуурата. Дьокуускай, 2015.
  2. Петрова Т.И. Ыраастык сахалыы саҥарыах. – Дьокуускай, 1996.