Иванова Дженни Петровна, ИЯКН СВФУ, студент гр. НСТ-15
Научный руководитель: Герасимова Е.С., к.ф.н., доцент
Дьүкээбил – айылҕа дьикти-кэрэ көстүүтэ. Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, «полярное сияние (северное сияние) – свечение верхних слоев атмосфер планет, обладающих магнитосферой, вследствие их взаимодействия с заряженными частицами солнечного ветра”. Айылҕа бу ураты көстүүтүн мин кыра эрдэхпиттэн кэрэхсээн көрөбүн. Дьүкээбил ордук хоту сиргэ уон араас өҥүнэн суһумнуу оонньуур, сырдыргыы умайар. Уһук Хоту дойду символын быһыытынан сыаналанар, хайа да кэмҥэ харах кэрэхсии көрөр хартыыната буолар. Хомоҕой хоһоон буолан хоһуллар, ылбаҕай ырыа буолан ылланар, таабырын буолан таайтарыллар. Онон бу үлэбэр икки олохтоох суруйааччы дьүкээбили хоһуйбут хоһооннорун тэҥнээн ырытарга холонуом.
Үлэм төрүөтэ: айылҕа кэрэ көстүүтүн суруйааччылар хайдах хоһуйалларын билии.
Үлэм сонуна: бу тиэмэ урут ырытылла илик. Тэҥнээн көрөн, кэккэ бэлиэтээһиннэри оҥордум.
Үлэм сыала: кинигэни кытта үлэлииргэ үөрэнии, суруйааччылар айымньыларын тэҥнээн көрүү, уратыларын, маарынныыр өрүттэрин быһаарыы.
Сыалбын ситиһэр инниттэн хоһооннору сиһилии билистим, тэҥнээн, ырытан көрдүм, суруйааччылар олохторун, айар үлэлэрин туһунан хаһыакка тахсыбыт иһитиннэриилэри аахтым.
Василий Иванович Барабанскай 1932 сыллаахха кулун тутар 30 күнүгэр Омолой нэһилиэгэр табаһыт дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Хаһааччыйа аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран дойдутугар кэлэн булчутунан, табаһытынан үлэлээбит. “Саха сирин литератора” Ассоциация чилиэнэ, Усуйаана улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын Бочуоттаах үлэһитэ, Россия журналистарын Союһун чилиэнэ этэ. Билэр дьонун өйүгэр-санаатыгар Василий Иванович сатабыллаах салайааччы, туруу үлэһит, эрэллээх доҕор быһыытынан хаалбыт. Василий Иванович сүрүн үлэтин таһынан 1955 сыллаахтан журналистиканан утумнаахтык дьарыктаммыт, тыа сирин олоҕун туһунан очеркалары суруйан республикаҕа киэҥник биллибит. Итини таһынан билбитин-көрбүтүн, олоҕун уопутун туһунан элбэх хоһооннору, кэпсээннэри суруйбут. “Сындыыс табалар” (1985), “Омолой туундаратыгар” (1985), “Туундара тыына” (1993), “Туундара тойуктара” (1998), “Хомуһуннаах маамыкталар” (2005), “Ырыалар хаһан да өлбөттөр” (2008) диэн кинигэлэр автордара.
Илья Гаврильевич Климовскай-Ылдьаа Эһээ 1932 с. Усуйаана оройуонун Сайылык бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. Сэрии сылларыгар ыарахан олох эрийэн ситэ үөрэммэккэ хаалбыт. Улуус 70-с. сыллардааҕы чемпион-тракториһа. Үлэ, тыыл ветерана, социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа, Силээннээх бөһүөлэгин Бочуоттаах олохтооҕо. Ырыа-хоһоон суруйуутунан дьарыктанар, кэпсээни, тэттик сценкалары суруйууга эмиэ холонор. Бастакы хомуурунньуга «Силээннээҕим сиригэр» 2004 с. Дьокуускайга бэчээттэнэн тахсыбыт. Иккис кинигэтэ «Сайылыгым барахсан» 2006 с. күн сирин көрбүт. Үһүс кинигэтин 2009 с.таһаартарбыт. Ааттарыттан да сылыктаан көрдөххө, автор айымньыларын сүрүн тиэмэтэ – төрөөбүт дойдута.
Хайа да киһиэхэ төрөөбүт дойдута туохтан да күндү. Төрөөбүт сир ыллык суолуттан олох киэҥ аартыга саҕаланар, төрөөбүт төрүт буор киһиэхэ айар талааны бэлэхтиир, өлбөт-сүппэт аналлыыр. Ол иһин хайа да кэмҥэ ханнык да суруйааччы төрөөбүт дойдутун туһунан тиэмэни быһа ааспат, хоһоонугар холбуур, ырыатыгар ыпсарар.
В.И.Барабанскай «Үҥкүүлээ-дьиримнээ, дьүкээбил» уонна И.Г.Климовскай «Дьүкээбил» хоһоонноро маарыннаһар уонна уратылаһар өрүттээхтэр. Иккиэн айылҕа кэрэ-дьикти көстүүтэ – дьүкээбил уотун хоһуйаллар. Төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэллэр, кэрэни кэрэхсииргэ үөрэтэллэр.
И.Г.Климовскай дьүкээбили ойуулуур, сөҕөр-махтайар:
Араас өҥнөөх солколуу
Күлүмүрдүүр халлааным.
Тоҕо бэрдэй, кэрэтэй
Түүҥҥү көстүү туундарам.
Оттон В.И.Барабанскай бу кэрэ көстүүттэн дуоһуйарын таһынан, бэйэтин тус олоҕор сыһыары тутан көрдөрөр:
Үҥкүүлээ-дьиримнээ, дьүкээбил,
Олоҕум кутаата буолаҥҥын –
Элбэҕи көһүтэр эрэлбин
Эн кутааҥ мэлдьитин сырдаттын!
И.Г.Климовскай хоһоонугар дьүкээбил арыт тыаллыы ытыллар, долгун буолан түллэҥниир. Арыт тохтоон налыйан, сырдык сыдьаай кутуллар. Түүҥҥү күннүү сырдатар, төлөн буолан умайар, сырдьыгыныыр, сырылыыр. Оттон В.И.Барабанскай дьүкээбилэ кустуктаах өҥүнэн дьиримнээн, көҥүллүк дуоһуйа көрүлүүр, уостубат кутааны ыһыахтыыр.
Саха поэзиятыгар силлабическай хоһоон формата киэҥник туттуллар. В.И.Барабанскай уонна И.Г.Климовскай эмиэ бу ньыманы туһаммыттар.
И.Г.Климовскай хоһоонугар строкалар бары сэттэлии сүһүөхтэн тураллар:
Дьү-кээ-бил-бит оон-ньуу-та (7)
Сар-сыар-да-нан дьэ бүт-тэ. (7)
Сол-ко-ло-рун са-һыа-ра (7)
Ха-ра-ҥа-лыын мэ-лий-дэ. (7)
Строка бүтүүтүгэр дорҕооннор дьүөрэлэспэттэр, рифмата суох.
Оттон «Үҥкүүлээ-дьиримнээ, дьүкээбил!» хоһоон алта строфаттан турар. Эмиэ тэҥ кээмэйдээх, силлабическай хоһоон. Ритмнээх. Строкалар бары тоҕустуу сүһүөхтэн тураллар:
Са-наа-бар му-зы-ка куу-гу-нуур, (9)
Муо-ра-ны үр-дү-нэн кэ-ри-йэ. (9)
Сыар-ҕа-лар тыас-та-ра суу-гу-нуур (9)
Үүт ту-раан чуум-пу-га, түүн үө-һэ. (9)
Кирэстии рифманы туттубут:
Кылырдаан-кыҥкырдаан чуорааннар, (а)
Чэбдиктик дьыбарга күлэллэр, (б)
Тырымнас чаҕылхай сулустар (а)
Ыраахтан сир дьонун сэргииллэр. (б)
Ырытар суруйааччыларым хоһооннорун тыла-өһө судургу, өйдөнүмтүө, ааҕааччыга тиийимтиэ. Ол эрээри бу айымньыларга хоһоону киэргэтэр, тупсаҕай оҥорор ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма көрүҥнэрэ туттуллубуттар. Холобур, тэҥнээһин – туох эмэ көстүүнү атын көстүүгэ маарыннатан, холоон этии.
“Дьүкээбил” хоһооҥҥо туттуллубут тэҥнээһиннэр: «араас өҥнөөх солколуу”, “арыт тыаллыы ытыллар”, “долгун буолан түллэҥниир”, “түүҥҥү күннүү сырдатан”, “төлөн буолан умайан”.
«Үҥкүүлээ-дьиримнээ, дьүкээбил!» хоһооҥҥо туттуллубут тэҥнээһиннэр: “күөх, кыһыл дуй буолан” , “аар байҕал долгуна”.
Тыыннааҕымсытан көрдөрүү (айылҕа араас көстүүтүн киһилии майгылаан ойуулааһын) холобурдара:
“Дьүкээбил” хоһооҥҥо: дьүкээбил “маҥан хаарга үҥкүүлүүр”, кэрэлэр “кэккэлэһэ сырсаллар”, “солколорун саһыара”.
«Үҥкүүлээ-дьиримнээ, дьүкээбил!» хоһооҥҥо: дьүкээбил “былаатын бүрүнэн, эбэни үрдүнэн үҥкүүлүүр”, “көҥүллүк дуоһуйа көрүлүүр”, долгун “кутааны ыһыахтыыр”, “үҥкүүнэн айхаллыыр”, чуорааннар “күлэллэр”, сулустар “сэргииллэр”.
Инверсия (этиигэ тыл бэрээдэгин уларытыы) холобура И.Г.Климовскай хоһоонугар көстөр: «Араас өҥнөөх солколуу күлүмүрдүүр халлааным”. Оттон В.И.Барабанскай хоһоонугар бу ньыма көстүбэт.
Хатылааһын (этэр санааны чиҥэтэн тылы, тыл ситимин хатылаан туттуу) холобура «Дьүкээбил” хоһооҥҥо көстөр: «Арыт тыаллыы ытыллар, долгун буолан түллэҥниир. Арыт тохтоон налыйан, сырдык сыдьаай кутуллар”, “дьикти көстүү дьүкээбил – хоту дойдум дьиктитэ». Оттон «Үҥкүүлээ-дьиримнээ, дьүкээбил!» хоһооҥҥо биир сиргэ туттуллубут: “олоҕум кутаата буолаҥҥын, элбэҕи көһүтэр эрэлбин эн кутааҥ мэлдьитин сырдаттын!”
Риторическай туһаайыы (тыыммат предмеккэ, көстүүгэ туһаайан этии) В.И.Барабанскай хоһоонугар баар, И.Г.Климовскай туттубатах.
Ойуулуур-дьүһүннүүр тыллар туттуллубуттар:
«Дьүкээбил” хоһооҥҥо: “ күлүмүрдүүр, түллэҥниир, налыйан, кэчигириир”.
Тыаһы үтүктэр тыллар: “сырдьыгыныыр, сырылыыр”.
«Үҥкүүлээ-дьиримнээ, дьүкээбил!» хоһооҥҥо ойуулуур-дьүһүннүүр тыллар: “дьиримнээн, тырымнас”.
Тыаһы үтүктэр тыллар: “куугунуур, суугунуур, кылырдаан, кыҥкырдаан”.
Синтаксис уонна пунктуация өттүнэн көрдөххө, «Дьүкээбил» хоһоон аҕыс сэһэн этииттэн турар, оттон «Үҥкүүлээ-дьиримнээ, дьүкээбил!» хоһоон сэттэ сэһэн уонна биир күүһүрдүү этииттэн турар. Онон хоһооннор холкутук ааҕыллаллар, истиҥ иэйиилээхтэр.
Сурук бэлиэтэ туттуллуута:
“Дьүкээбил» хоһооҥҥо: холбуу этиигэ 2, араарыллыбыт сиһилиигэ 2 соппутуой, даҕаамырга тириэ турбут.
«Үҥкүүлээ-дьиримнээ, дьүкээбил!» хоһооҥҥо араарыллыбыт сиһилиигэ 5, биир уустаах чилиэннэргэ 3, холбуу этиигэ 3, кыбытык тылга 1, туһулууга 1 соппутуой, паараласпыт тылга 3 тириэ уонна күүһүрдүү этиигэ 1 сурук бэлиэтэ туттуллубут.
Дорҕоону наардааһын хоһоону оҥорууга, хоһоон иһиллиитигэр улахан оруоллаах. Онтон хоһоон хос дэгэтэ, иһиллиитэ тутулуктанар. Ньиргиэрдээх бүтэй дорҕоон (б, д, г, дь, ҕ, һ) туттуллуута:
«Дьүкээбил” хоһооҥҥо: 30
«Үҥкүүлээ-дьиримнээ, дьүкээбил” хоһооҥҥо: 56
Диэрийэр бүтэй дорҕоон (л, р, м, н, ҥ, нь, й,) туттуллуута:
«Дьүкээбил” хоһооҥҥо: 94
«Үҥкүүлээ-дьиримнээ, дьүкээбил” хоһооҥҥо: 148
Мантан көстөрүнэн, В.И.Барабанскай хоһооно, дорҕооннор дьүөрэлэһиилэригэр олоҕуран, ордук күүстээх иэйиилээх, өрө күүрүүлээх.
Хоту сир хоһуун суруйааччылара В.И.Барабанскай «Үҥкүүлээ-дьиримнээ, дьүкээбил” уонна И.Г.Климовскай «Дьүкээбил” хоһооннорун ааҕан, тэҥнээн көрөн баран мин маннык түмүккэ кэллим:
- Ис хоһоонноро маарыннаһар, сүрүн санаалара биир — төрөөбүт дойдуга таптал, айылҕа кэрэтин кэрэхсээһин.
- Хоһооннор силлабическай (тэҥ кээмэйдээх) форманан суруллубуттар.
- Ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма араас көрүҥнэрин туттуу хоһоону ордук уус-уран, хомоҕой оҥорор.
- Дорҕоону наардааһын, дьүөрэлээһин хоһоон тылын киэргэтэр, биир кэлимсэ, этигэн оҥорор.
Хоһооннору иккиэннэрин мин олус сөбүлээтим. Хайата да ураты тыыннаах. Бу хоһооннору аахтаххына, дьүкээбил уон араас өҥүнэн оонньуура хараххар көстөргө, сырылас тыаһа кулгааххар иһиллэргэ дылы буолар, суһумнуу дьиримниир халлааннаах хоту сир оҕото буоларгынан киэн туттууҥ күүһүрэр.
Туһаныллыбыт литература
- Барабанскай В.И. Туундара тыына. – Бэрдьигэстээх, 1993. – 71 с.
- Барабанскай В.И. Үөлэһэ аһаҕас тордохпут иһигэр // Дьааҥы саһарҕата. – 2009, бэс ыйын 27 күнэ. – 9 c.
- Барабанскай В.И. Эһэм Мэмээл кэпсээннэрэ // Дьааҥы саһарҕата. – 2008, балаҕан ыйын 20 күнэ. – 9 с.
- Барабанскай В.И. Эһэм Мэмээл кэпсээннэрэ // Дьааҥы саһарҕата. – 2008, алтынньы 11 күнэ. – 9 с.
- Барабанскай В.И. Эһэм Мэмээл кэпсээннэрэ // Дьааҥы саһарҕата. – 2008, алтынньы 25 күнэ. – 9 с.
- Иванова А.И., Шараборина А.Д. Хайыр орто оскуолатыгар «Барабанскай ааҕыылара» // Дьааҥы саһарҕата. – 2010, от ыйын 16 күнэ. – 8 с.
- Куличкин Г.А., Шараборина А.Д. Омолой нэһилиэгин устуоруйата. – Дьокуускай, – 122 с.
- Климовскай И.Г. Силээннээҕим сиригэр. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 48 с.
- Климовскай И.Г. Сайылыгым барахсан. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 64 с.
- Мизун Ю.Г. Полярные сияния. М., Наука, 1983, 136 c.
- https://ru.m.wikipedia.org/wiki/