Сидорова Сандаара Руслановна,
студентка СВФУ им. М.К. Аммосова, НСТ-15
Научный руководитель: Герасимова Е.С., к.ф.н., доцент СВФУ
«Хайа да бэйэлээх омук уйан сирэ – Ийэ Тыла»
Мандар Уус
Тэлэбиидэнньийэ дьон өйүгэр-санаатыгар дьайан, тугу эрэ итэҕэтэ сатыыр сыаллаах буолан, судургу соҕус, киһиэхэ тиийимтиэ, өйдөнүмтүө тыллаах-өстөөх, итиэннэ сахалыы саҥаны тарҕатар, төрөөбүт тылы иитиэхтиир биир сүрүн эйгэбит буолар. Ол эрээри, хомойуох иһин, сахалыы саҥабытыгар билигин да сыыһа-халты үгүс эбит.
Ол курдук, «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр ханаал туһунан ykt.ru форумҥа, биир блоггер маннык суруйар: «Саха» – национальнай хампаанньа. Киниттэн ураты атын маннык ханаал Арассыыйаҕа да, аан дойдуга да суох. Ончу! Кини соруктарыттан биир саамай сүрүннэрэ – саха омугун дьоһунун харайыы, былыргыттан кэнэҕэскигэ омук утумун хааччыйыы, үүнэр ыччаты төрөөбүт тылыгар угуйуу, тыл эйгэтин хаҥатыы буолар. Киниттэн ураты ханнык да тэрилтэ маннык ураты, дьоҥҥо өйдөнүмтүө күүһүнэн туһаммат. Оскуолаҕа саха тылын үөрэппэт саха улам элбээн иһэр, кинилэр сахалыы аахпаттар даҕаны, суруйбаттар даҕаны. Ол гынан баран кинилэр сахалыы саҥараллар, сахалыы саҥаны өйдүүллэр эбээт! Бу дьоҥҥо туһаайыллыахтаах этэ буоллаҕа дии. «Саха» НКИХ тэлэбиидэнньэтэ – сахалар биһиги бары киэн туттуубут, дьоҥҥо утары уунарбыт» диэн этиинэн бэйэтин санаатын түмүктүүр.
Мантан сиэттэрэн, бу киһи толкуйдуур толкуйунан, саныыр санаатынан салайтаран, «Саха» ханаалыгар «Кинозавод» биэриитигэр «Муммуттар» киинэ туһунан кэпсэтиигэ, кыттааччылар нуучча тылын хайдах тутталларын маннык наардаан киллэрдим:
- Нуучча тылын тылбаастаабакка эбэтэр сахалыы көрүҥнээбэккэ туттуу. Холобур: 1. Толкуйдаан баран, телефон нөҥүө куоракка уже заочно үөрэнэ сылдьарын булбуппут (Толкуйдаан баран, төлөпүөнүнэн куоракка кэтэхтэн номнуо үөрэнэ сылдьарын булбуппут) Хаһыакка статья суруйбуттар этэ (Хаһыакка ыстатыйа суруйбуттар этэ) 3. Образ уонна метафора көмөтүнэн саха киһитин качестволарын көрдөрө сатаабыппыт (Уобарас уонна метафора көмөтүнэн саха киһитин майгытын көрдөрө сатаабыппыт) 4. Октябрьга тыаҕа тахсан киинэбитин салҕыы устубуппут (Алтынньыга тыаҕа тахсан киинэбитин салҕыы устубуппут) 5. Үлэбитин ноябрьга түмүктээбиппит (Үлэбитин сэтинньигэ түмүктээбиппит)
- Тыл ситимигэр буол, гын көмө туохтуурдаах нууччалыы тылы туттуу. Холобур: 1. Тэрээһин торжественнайдык буолбутугар махтаммыта аҕай (Тэрээһин өрөгөйдөөхтүк ааспытыгар махтаммыта аҕай) 2. Миигин кини назначи гыммыта (Миигин кини анаабыта) 3. Биһигини Яна руководи гыммыта (Биһигини Яна салайбыта) 3) Биһиги ити стили присвои гыммыппыт ыраатта (Биһиги ити истиили иҥэриммиппит ыраатта).
- Нуучча тылын олоҕор -лаа сыһыарыыны эбэн туохтууру үөскэтии. Холобур: 1. Министиэристибэбит биһигини поддержкалыыр (Министиэристибэбит биһигини өйүүр) 2. Кинилэр биһигини приглашайдаабыттара (Кинилэр биһигини ыҥырбыттара) 3. Кини уруккуттан выступайдыыр буолан, үөрүйэх этэ (Кини уруккуттан кыттар буолан, үөрүйэх этэ).
Өскөтүн киэҥ араҥаҕа элбэхтик биллэр-көстөр, тэлэбииһэринэн бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ тахсар дьон саҥалара бу курдук үгүс сыыһалаах буоллаҕына, Ийэ Тылбыт мөлтүүр-ахсыыр суолга тиийэрэ биллэр. Дьиҥэ, киһи санаатын сайаҕастык этэригэр, тугу этиэхтээҕин көнөтүк быһаарарыгар, нуучча тылын кыбыпппакка да тиэрдиэн сөп дии саныыбын.
Кэнники сорох дьон «тылы наһаа сахатыталлар» диэн санааларын аһаҕастык үллэстэр буоллулар. Мин санаабар ол сөп, тылбыт кэҥиирэ, сайдара үчүгэй суол.
Онон, Ийэ Тылбытын харахпыт харатын курдук харыстаан, баар сахалыы тылы тумнубакка, туораабакка, ыраастык сахалыы саҥарыах диэн этиинэн түмүктүүбүн.
Литература
- Петрова, Т.И. Ыраастык сахалыы саҥарыах. – Дьокуускай, 1996.
- Неустроев, Б.Ф.-Мандар Уус. Ойуу тыла. Айыы тыла. – Дьокуускай: Бичик, 2004.