Данилова Сардаана Васильевна, НСТ -13 устудьуона
Билим салайааччыта: Герасимова Е.С., бил.б.х., дассыан
Аныгы тэтимнээх үйэҕэ, олох-дьаһах сайдан истэҕин аайы, күннэтэ кэриэтэ саҥаттан саҥа нууччалыы тиэрмин киирэ турар, ол эбэтэр сахабыт тыла саҥа тылларынан байар, туттуллар эйгэтэ кэҥиир. Ол эрээри, сахалыы этиигэ нуучча тылын (тылбаастанар, сахалыы көрүҥнэнэр кыахтааҕын үрдүнэн) кыбытан, «бааһынайдаан» саҥарыы эмиэ элбии турар. Ол курдук, күн аайы бииргэ алтыһар доҕотторбут, бииргэ үлэлиир дьоммут кэпсэтиилэрин да кэтээн көрдөххө, нууччалыы тылы кыбытан кэпсэтэллэрэ олус киэҥник тарҕаммыт эбит:
1. Аат тылга туохтуур үөскүүр -лаа сыһыарыытын эбэн тутталлар: итогтаа (түмүктээ), прогулкалаа (дьаарбай), службалаа (сулууспалаа), телефоннаа (төлөпүөннээ), компьютердаа (көмпүүтэрдээ).
2. Нууччалыы туохтуурга буол, гын эбиискэни холбоон саҥараллар: трати гын (тутун, бараа), учи гын (үөрэт), яркай буол (чаҕылхай буол, күлүмүрдээ), свети гын (тыктар, сырдат), звони гын (төлөпүөннээ), дружи гын (доҕордос, табаарыстас), порти гын (алдьат, мэһэйдээ).
3. Нууччалыы туохтуурга сахалыы туохтуур -лаа сыһыарыытын эбэн тутталлар: заменяйдаа (солбуй), отмечайдаа (бэлиэтээ), обещайдаа (эрэннэр, тылгын биэр), подчеркивайдаа (тупсаран биэр), экономиялаа (харыстаа), анализтаа (чинчий, ырыт), завидуйдаа (ымсыыр), домойдаа (дьиэлээ).
4. Нууччалыы этиһэр, куруубай тылы тутталлар: заткнись (саҥаран бүт), молчи (саҥарыма), смотри (көр), уйди (бар), спи (утуй).
5. Даҕааһын аакка -ай, -эй, -ой сыһыарыыны эбэллэр: мелкэй (кыра), страшнай (кутталлаах), приятнай (үчүгэй), жесткай (кытаанах), миниатюрнай (кыра, чөкө), кыраһыабай (кэрэ), прямой (көнө), большой (улахан).
6. Нууччалыы сыһыаты уларыппакка кыбыталлар: случайно (алҕас), точно (чопчу), слишком (аһары), вообще (уопсайынан), например (холобур), короче (кылгатан эттэххэ), как будто (курдук), возможно (баҕар), иногда (ардыгар), хотя бы (саатар).
7. Нууччалыы ахсаан ааты: пятерка (биэс), двойка (икки), десятка (уон), первайга (бастакыга), семеркаҕа (сэттискэ), шестерка (алта).
8. Нууччалыы ситим тылы: или (эбэтэр), зато (ол оннугар), то есть (ол эбэтэр), и (уонна), может, вдруг (арай).
9. Нууччалыы эбиискэни: да, давай (чэ), неужели (ама хайаан), ну-ка (чэйиҥ эрэ), даже (оннооҕор).
10. Нууччалыы сомоҕо тылы: в первую очередь (бастатан туран), будь что будет (буолар буолуо), в конце концов (биирдэ баран эттэххэ), в любом случае (хайа баҕарар түгэҥҥэ), была ни была (хаһан да хайыахпыный).
Маны таһынан аныгы ыччат нууччалыы жаргон тылын эмиэ кыбытар. Холобур: ботаник – кыһаллар, туйгуннук үөрэнэр оҕо, мамбет – култуурата суох, киһиргэс (дэриэбинэттэн кэлбит оҕону этэллэр), камчатка – бүтэһик паарта, тачка – такси, полтинник – биэс уон солкуобай, бабки – харчы, хавчик – аһылык, уруһуй – киһиргэс.
Ити курдук, саха киһитэ төрөөбүт тылын сайыннарыан оннугар, нуучча эрэ тылын буолбакка, атын омук тылын кытта кыбытар буолан, бэйэтин тылын тэпсэн, сүтэрэн, умнан да эрэр диэххэ сөп. Аныгы үйэҕэ өссө «бассаап» диэн тарҕаммыта биллэр. Онно хоп-сип, ыччат төрөөбүт тылын киртитэн саҥарара эмиэ олус элбээбит. Хаһыакка да, сурунаалга да тылбыт-өспүт мөлтөх соҕус. Оннооҕор ыйбыт аатын сахалыы эппэппит, октябрьга, сентябрьга диэн саҥара сылдьабыт.
Билиҥҥи ыччат сахалыы-нууччалыы булкуйан саҥарара, туох түмүгэ буоларый, диэҥҥэ маннык хоруйдуохха сөп:
1. Нууччалары кытта өр кэмҥэ бииргэ олороммут, нуучча тылын сабыдыала дьон өйүгэр-санаатыгар, уйулҕатыгар дириҥник иҥмит буолуон сөп.
2. Сороҕор атын дьоҥҥо ураты буолан көстөөрү, тыл муодатыттан хаалсымаары, араас кинигэ, биэрии тылын үтүктэбит.
3. Нуучча эйгэтигэр үөскээбит, иитиллибит буолан, санааны ситэрэн, чуолкайдаан биэрэргэ, сороҕор нууччалыы өс хоһооно, «кынаттаах тыл», «сомоҕо домох» тоҕоостоох курдук буолаллар.
Түмүктээн эттэххэ, билиҥҥи үйэ ыччата нууччалыы-сахалыы булкуйан саҥарара олус хомолтолоох. Былыр-былыргыттан омук буолуу сүрүн бэлиэтэ – төрөөбүт төрүт тыла буолар. Олох хаамыытын кытта нуучча тыла син биир киирэн иһиэҕэ, ол да буоллар тылы маннык бас баттах туттары аҕыйатыахха наада. Ол туһугар, оҕону кыра эрдэҕиттэн тыл, кэпсэтии култууратыгар иитиэххэ, нуучча да тылын, төрөөбүт да тылын түгэниттэн көрөн, литературнай тыл сиэрин, нуорматын тутуһан саҥарарга үөрэтиэххэ наада. Онон хайа баҕарар омук бэйэтин туспа омукпун дэнэр буоллаҕына, култуураҕа, успуорка, үөрэххэ эрэ ситиһииитэ буолбакка, саамай сүрүнэ төрөөбүт тылын харыстыахтаах, үөрэтиэхтээх, киртитиэ суохтаах, төрөөбүт тылынан ыраастык, ылбаҕайдык саҥарарга дьулуһуохтаах.
Литература:
1. Петрова Т.И. Ыраастык сахалыы саҥарыах. – Дьокуускай, 1996 с.
2. Кэпсэтии тыла-өһө.