Николай Калитин поэзитын уратыта

5 января 7:33

Рахлеева Валентина Леонардовна,

Северо-Восточный федеральный университет

Научный руководитель: Архипова Е.А., к.ф.н.


 

1940 сыллаахха бэс ыйын 1 күнүгэр Хаҥалас улууһугар Буотама үрэх кытыытыгар Дьикимдэ сэлиэнньэттэн чугас сиргэ көс олохтоох булчут-табаһыт дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһыгар идэтийбит булчут буолар ыра санаалааҕа. Ол оннугар, А.М. Горькай аатынан Литературнай институту бүтэрэн, суруйааччы буолар.

Тыа сирин Сэбиэтиттэн Өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэтигэр тиийэ үлэлээбит. Билиҥҥи кэмҥэ — Саха Сирин хоту омуктарын Ассоциацияларын вице-президенэ. Бастакы хоһоонноро 1958 сыллаахха оройуон «Сэбиэттэр знамялара» хаһыатыгар бэчээттэммиттэр. Бастакы кинигэтэ «Эркээйи» 1978 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Айымньылара өрөспүүбүлүкэ уонна киин сирдэр сурунаалларыгар, хомуурунньуктарыгар, «Литературнай хаһыакка», нэдиэлэ аайы тахсар «Литературная Россия» хаһыакка о.д.а. таһаарыыларга бэчээттэммитэрэ. Литературнай кириитикэ уонна ааҕааччылар сылаастык көрсүбүттэрэ. Бастыҥ айымньылара нуучча, казах уонна английскай тылларга тылбаастаммыттара. Ону таһынан, суруйааччылар айымньыларын ырытан, ыстатыйалары суруйар.
«Томмоо» сэһэнэ биир биллибит, биһирэммит айымньыта буолар. 2011 сыллаахха Россия Улахан литературнай бириэмийэтинэн бэлиэтэммитэ. Сэһэн нуучча, француз, эбээн уонна эбэҥки тылларыгар тылбаастаныахтаах эбит. Сэһэн сүрүн геройун уобараһа хас да сыл чочуйуллубут, кини хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктартан — эбэҥкилэртэн — төрүттээх тайҕа уола. «Томмоо»: «Образ главного героя создавался в течение нескольких лет, это собирательный образ одного из представителей малочисленных народов севера – эвенков. Он сын тайги, тайга – это его кров и родной дом. Но в этот дом приходит беда. Об этом и о том, как преодолевает трудности герой повести, рассказывается в книге».

1983 сыллаахха СССР суруйааччыларын сойууһугар киирээри сайабылыанньа суруйар. Оччолорго хас биирдии баҕарбыт киһини ылбаттар этэ. Николай Калитины суруйааччы сойууһугар ылын диэн Күннүк Уурастыырап суруйбута:  «…Лирика Николая Калитина задушевна, доходчива, образы его яркие, язык красочный… Я считаю, что Н.Р.Калитин вполне оправдает высокое звание советского писателя». Иккиһинэн Савва Иванович Тарасов:  «…Поэзией он активно начал заниматься в семидесятые годы. Тогда и появились у него своя тема, свои образы, свой заинтересованный интерес к окружающему миру… В поэзии Якутии заговорил своим голосом эвенк, человек, знающий прекрасно историю, культуру, думы и чаяния своего народа». Үсүһүнэн Сэмэн Тиитэбис Руфов: «…Я с удовольствием прочитал его стихи на якутском и русском языках (его стихи достаточно близко, насколько это возможно, переведенные на русский язык, собраны в книжке «Слушай, моя тайга». Якутск, 1982 год). Сознаюсь, что я душевно стал богаче и шире, что познал что-то новое, хотя и сам являюсь сыном якутского таежника. Мне приоткрылась отважная и сердобольная душа эвенка – охотника и оленевода, бережного хозяина тайги, мне стали более понятны его обычаи, уклад жизни, склад ума…».

Кини суруйааччы сойууһугар киирэригэр үс саха народнай поэттара бэйэлэрин мэктиэлэрин биэрбиттэрэ. Кини соторунан суруйааччы сойууһугар киирбитэ.

Николай Романович Калитин оҕо сылдьан булчут буолуон баҕата туолбатаҕын бэйэтэ маннык быһаарар: ”Төһө даҕаны баҕа санаам туолбатар, мин айар үлэбинэн буолар хоту дойду тыйыс айылҕата, кини дьоно-сэргэтэ, олохторо-дьаһахтара, тыынр салгыннара. Булт туһунан суруйар буоламмын мин тыыннаахпын”.

Кини айымньылара барыта бултка-алтка, айылҕаҕа ыкса сибээстээх буоланнар, кини олоххо бэйэтин суолун булар. Кини өбүгэ сиэрин-туомун ытыктыыры, тутуһары, өбүгэ дьарыгын умнан олох очууругар оҕустарыы содулун дириҥник көрдөрөр кэпсээннэрдээх. Холобур: “Булчут”,”Оһургинат”, “Саахалланыы”.

“Байанайым ымыытын ыллатан” диэн хоһоонун хомуурунньугар, кини хоту дойду айылҕатын кэрэтин, тыынар тыыннааҕын сөҕө-махтайа суруйар. Николай Калитин булчут удьуора буолан, эркээйини (бэлиэ) ордук ытыктыыр. Айар үлэ сырдык ыратыгар суолдьут оҥостор, ыҥырар идеалын уобарастыыр тыл быһыытынан сыаналыыр. Аймах – билэ дьонноро, эбэҥкилэр, туох кэрэни, ханнык үчүгэй өйдөбүлү хаалларбыттарын эркээйи оҥостон, бүгүҥҥү дьоллоох олох араас көстүүлэрин тустарынан суруйар. Ол таһынан киниэхэ таптал лириката эмиэ баар. “Эйиэхэ”, “Таптал, ытык таптал эн…”, “Мин үйэм тухары…”.

Түмүктээн эттэххэ, кини бэйэтэ туспа уобарастардаах, олоххо туспа көрүүлээх, дьикти талааннаах киһи.

Литература


  1. Калитин, Н. Байанайым ымыытын ыллатан. Дьокуускай, 2004.
  2. Калитин, Н. Томмоо. Дьокуускай, 2012.