WHATS APP СИТИМ ТЫЛЫН-ӨҺҮН ЫРЫТЫЫ

25 июня 2:22

Бурцева Алина Анатолиевна,НСТ-15 устудьуона
Билим салайааччыта: Герасимова Е.С., бил.б.х., дассыан


Сорох киһи саха тыла кэнники кэмҥэ чахчы сайынна, кыаҕа улаатта диэн астынар, сорох буоллаҕына тылбыт сыыһырда, мөлтөөтө-ахсаата диэн айманар. Ол аата хайдаҕый? Тыл үөрэхтээхтэрэ тыл култууратын үрдэтэр наада буолла диэн өйгө-санааҕа кэлэн эрэр. Ол ис дьиҥэ тугуй? Мин санаабар, манна сүрүн төрүөтүнэн социальнай ситимнэр буолаллар. Мин олортон биирдэстэрин, сааһыттан тутулуга суох дьон-сэргэ кэккэтигэр тэнийбит “Whats App” норуокка этиллэринии “Ватсап” ситимин таарыйарга сананным. Ол курдук, хас биирдии киһиттэн: «Ватсап диэн тугуй? Туох учугэйдээҕий уонна туох куҺаҕаннааҕый?» диэн ыйыттахха бары: «Наадабытын түргэнник быһаарсабыт», «Олус наадалаах» дииллэр. Биир эмэ киһи: «Бириэмэбитин ылар, аралдьытар», онтон олох аҕыйах киһи: “тылбыт буортуланар, алдьанар” диэн этэр.
Бу “Whats App” тылыгар куһаҕан өттүнэн хайдах дьайарый? Ол төрүөтэ туохха сытарый? Мин санаабар, билигин дьон баһылыыр өттө үксэ бары: “Ыксыыбыт, ол иһин кылгатабыт” диэн аһаҕас доҕооннору сотон, тылы олох да уларытан суруйаллар. Бу маннык быһыы сүрүннээн алын кылаас оҕолоругар улахан кутталлаах. Саҥа билэ-көрө сылдьар, саҥа сайдан эрэр оҕолор төрөппүттэрэ хайдах суруйалларын көрөн, атын да дьоннору үтүктэн социальнай ситим содулугар ылларан тыл сөпкө суруллуутун умнуохтарын ааһан, сыыһа суруйалларын олох да билбэккэ улаатыахтарын сөп. Дьэ оччоҕуна саха норуотун инники көлүөнэтэ грамотнайа суох буолар, ол эбэтэр олохсуйбут литературнай нуорма сүтэр-симэлийэр кутталлаах.
Мин бу үлэбинэн сиэттэрэн билиҥҥи саха саҥатыгар саамай уларыйбыт сүрүн тыллары маннык наардаатым:
1. Дифтону кылгатыы: буолуо – боло, суох – сох, буолар – болар, көрсүөххэ – керсехэ, охсуохха – охсоха, аргыстаһыахпыт – аргыстаһехпыт, остуол – остол;
2. Аһаҕас дорҕоону түһэрии: билбэтим – билбэтм, бардыбыт – бардбт, быһыылаах – бьлх, бүгүн – бугн;
3. Бүтэй дорҕоону түһэрии: эппэппин – эпэпин, бүттэ – бутэ, билбэппин – бибэпн, түннүк – тунук, көрбүппүт – кобупт;
4. Сахалыы йа дорҕоону нууччалыы я буукубанан солбуйуу: хайа – хая; хайаан да – хаян да;
5. Уһун аһаҕас дорҕоону кылгатыы: эҥин араас – игин арас, наада – нада, кыыс – кыс;
6. Тылы кылгатыы: буоллаҕа – бо, учугэй баҕайы – учой байы, суох – ьох, быһыылаах – бьлх, буолбат дуо – бта, ботта, батта, бэйэм – бээм, ыйыттахпына – ыйыттахпа, тиийдэхпинэ – тийдэхпэ, бэҕэһээҥҥи – бэьээни, элбэх – эбэх;
Маннык элбэх сыыһаны, билиҥҥи саха тылын биир сүрүн кыһалҕатын хайдах туоратыахха сөбүй диэн хоруйга мин маннык толкуйдаахпын. Төһө да тэлэбиидэнньийэ, араадьыйа, хаһыат нөҥүө бу тыл маннык сөпкө суруллуохтаах диэн кэпсээбиттэрин, үөрэппиттэрин иһин дьон-сэргэ ылыныа суоҕа. Арай оскуола оҕолоругар саха тылын уруогар учууталлар дьаныардаахтык уонна туруулаһан туран кинигэ бөҕөтүн аахтардахтарына, диктант бөҕөтүн суруттардахтарына, оҕолор сыыһаларын ырытыстахтарына туох эмэ түмүк тахсыа. Онтон улахан дьон, ыччат хайдах буолар? Мин санаабар, төлөпүөҥҥэ киһи бэчээттиир кэмигэр, нуучча тылын халыыба тахсарын курдук, сахалыы сөптөөх тыл бэлэм халыыптара эмиэ баара буоллар, дьон ылыныа эбитэ буолуо. Ол аата, хас суруйан истэхтэрин аайы кинилэр суруйбут тылларыгар маарынныыр тыллар тахсан иһэллэр, ону киһи наадалаах тылын ылан баттаан иһэр. Бу маннык приложениены оҥорон «Play market», «App Store» уктахтарына, сахалыы шриби оҥорбуттарын курдук бэрт үчүгэй хамсааһын буолуо этэ. Бастатан туран, киһи көрөн тыл сөпкө суруллуутун өйүгэр хатыыр; иккиһинэн, сөпкө суруйар буолар; үсүһүнэн кыһалҕа быһаарыллыа этэ.
Түмүктээн эттэххэ, саха норуота аныгы кэм сайдыытын кытта тэҥҥэ хардыылыа, ол гынан баран онно баһыйтарыа суоҕа, төрүт сахатын тылын харыстыа диэн эрэнэбин. Тыла суох – норуот суох! Норуот баайа – кини тыла!

Литература испииһэгэ:

1. Неустроев Б.Ф.-Мандар Уус. Ойуу тыла. Айыы тыла. – Дьокуускай, 2004 с.
2. Петрова Т.И. Ыраастык сахалыы саҥарыах. – Дьокуускай, 1996 с.
3. “Whats App” социальнай ситим.