1931 сыл алтынньы 15 күнүттэн ыла Чурапчы улууһунааҕы „ Саҥа олох „ хаһыаты олохтоох типографияҕа бэчээттииллэр.Нэдиэлэҕэ үстэ: оптуорунньукка,чэппиэргэ, субуотаҕа 1618 тираһынан тахсар.
Хаһыакка сонун саха тылынан бэриллэр, ол гынан баран Россия , республика иһинэн тахсар араас уураах, дьаһал, тэлэбиидэнньэ бырагыраамата, дьон- сэргэ атыыга – эргиэҥҥэ биллэриитэ тылбаастаммакка эрэ нууччалыы тылынан бэриллэр.
Манна ,сүрүннээн, 2008 сыл атырдьах ыйынааҕы хаһыат 103-117 нүөмэрин көрдүм.
Хаһыат кэрэспэндьиэнэ айар үлэтин хабар тиэмэтинэн , көтөҕөр проблематынан көрөн маннык наардыахха сөп:
1 Улуус сонунун , уопсастыба тыын боппуруостарын туруорар тиэмэлэр: А. Слепцов „ Улуус сүбэтин мунньаҕар» “ (СО»103№) Г. Полускина « Кредитнэй кооператив – тыа сирин сайдар салаата» ( « СО»104№) ,» Тутуу күнүнэн“ “ (СО»105№), А. Захаров „ Улуус дьаһалтатын 5 ыйдаах отчуота“ ( „СО“ №115),А. Адамова „ Үөрэх дьылын көрсө“ ( „ СО“ № 117) бэчээттэммиттэр.
- Улууска ыытыллыбыт араас дьаһал, үбүлүөйүнэн ахтыы, олох – дьаһах сөптөөх проблематын көтөҕөр санаалар: И. Пономарев „ Үүтү аҕыйаҕы уонна босхо туттарыахха диэн этиим сэҥээриллибэтэ“( “ (СО»105№)) А. Адамова „ Улуус сарсыҥҥыта – ыччакка илиитигэр“ (СО»104№)) Г. Турантаев „ 60 сыл усталаах туоратыгар“ (СО»105№) Г. Полускина „ Одьулууҥҥа оскуола- лицей тутуллар“ (СО»106№) А. Адамова „ Тыа хаһаайыстыбатын бары хайысхата — Өлүөхүмэҕэ“( СО»115№), „ Саха сиригэр – нефтепровод“ (СО»112№),“Өлүөхүмэ минньигэс сыра“ (СО»113№) , „ Үөрэххэ киирии хайдаҕый?» (СО»115№) , Н. Гаврильева « Эҕэрдэ эйиэхэ , эдэр саас» (СО»107№) киирбиттэр.
3 Дьон- сэргэ чугас киһитин, үлэһит туһунан ахтыыта,үчүгэй дьаһал,тэрээһин, үлэни- хамнаһы сырдатар хабааннаах суруйуулар: Е. Каженкина – Чугдаара „ Сахалыы дууһалаах кийииппит“ (СО»115№) Г. Платонов „ Рабочайтан дириэктэргэ диэри“ (СО»112№), А. Макаров „ Хоннохторо аһыллан оттууллар“ , Н. Гаврильева „Бэҕэһээ болуоссакка „, Т. Далбаева „ Аҕабыт туһунан „ ( СО»113№), В Слепцова « Учууталым кэриэһэ“ ( СО»115№) бэриллибиттэр
4 Литературнай страница, олоххо буолбут дьикти түгэн, сырыы- айан туһунан кэпсээннэр, бэчээттэммити сэҥээрии : А. Максимова „ Россия кэскилэ“,Р. Сибирякова „ Бангладештан ыалдьыт“ ( „СО“ № 105), Н. Пахомова „ Дачнай амнистия – оттуур сиргэ „ ( „ СО“ № 106) , И. Павлов „ Ыһыах уонна стадион“ ( „ СО»№ 112), Н. Гаврильева « Олимпиада“ , И. Павлов „ Үтүө санаалаах эдьиий туһунан» , Э. Кузьмин „ Иван Михайлович сөпкө этэр « ( « СО» 109-111) , Н. Гаврильева „ Чараҥ сипсиэрэ « ( « СО» №115 ) бааллар.
- Тэлэбиидэнньэ бырагыраамата, биллэрии, араас уураах , дьаһал үксэ нууччалыы тылынан сылдьар.
Сыл устата « Саҥа олох « хаһыат ыстатыйатын бары ааптара олох үгүс к»стүүтүгэр санааларын дьоҥҥо- сэргэҕэ тиэрдэр туһугар
тиһигин быспакка үлэлиир.Нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар туһаайан суруйар буолан , киһи өйүгэр түһүмтүө публицистика истиилин хото туттан суруйар.
Ыстатыйа үксэ, араас интервью,очерк күннээҕи олоҕу ойуулуур буолан кэпсэтии тыла- өһө улаханнык уларыйбакка киирбит..
Хаһыат кэрэспэндьиэннэрин тылын-өһүн ырытан көрдөххө, нууччалыы тиэрмини тылбаастаабатахтар . Холобур, А. Слепцов дьаһалта мунньаҕыттан уочаркатыгар: пиломатырыйаал, кондитерскай оҥоһук, профилактикалыыр үлэ,целевой программа курдук тыллары ,онтон да атыттары хото туттубут.( СО 104).Маны эрбэммит мас , бурдук ас,бэкээринэ, чэбдигирдэр үлэ, тус сыаллаах бырагыраама диэн саха киһитэ тылбаастаан туттубута ыраатта. Г Полускина ыстатыйатыгар кредитнэй кооператив, ревизионнай комиссия, пай,система, коммерческай баан уо.д.а ( СО 104 №). Оттон А.Захаров тыа хаһаайыстыбатын туһунан суруйуутугар“ Квота,зерновой, кормовой,животноводческай комплекс,реконструкция,привязка,жилищнэй фонда,муниципальнай баланса,топографическай съемка „ диэн үгүс нууччалыы тыл туох да уларытыыта суох сиэри таһынан элбэх . Хаһыат тыла кэпсэтии тылыттан улахан тутулуктаах. Онон дьон- сэргэ нууччалыы тылы тылбаастаабакка эрэ хото туттара көстөр.Ордук тыа хаһаайыстыбатын салайааччылара нууччалыы тылы булкуйан саҥарара үгүс буолар.
Саха тылыгар баар аат тыл элбэх ахсаанын сыыһа туттуу, “ – ааһын,- ыы „ – үөскэтэр сыһыарыыны олус элбэхтик киллэрии курдук көстүүнү „СО“ хаһыакка суруйар дьон эмиэ тумнубаттар. Ону маннык холобурга көрөбүт.
А. Адамова интервьютыгар „ Бу лааҕыр сүрүн сыалынан республика бастыҥ ыччатын түмүү,улууска, республикаҕа ыытыллар араас дьаһалларга ыытар тэрээһиннэринэн уопут атастаһыыта, саҥа бырайыактары көмүскээһин уонна граннарга үлэлэһии буолар.( Бу лааҕыр республикаҕа саҥа бырайыагын көмүскүүр. Соруга бастыҥ ыччатын түмэр,сонун дьаһал уопутун атастаһар,грант ылар туһугар үлэлэһэр.) А. Макаров « Урукку отчуттар былааннарын аһара толорон оройуон үгүс тэрилтэлэрин, нэһилиэктэри хааччыйар буолаллара.Билигин чааһынай да дьон,бааһынай да хаһаайыстыбалар сыл тахсар отторун булуннулар да тохтоон хаалар буолбуттар.( Урукку отчут дьон былааны аһары толорон баран,оройуон үгүс тэрилтэтигэр, нэһилиэгэр көмөлөһөр этилэр.Оттон билигин чааһынай да , бааһынай да хаһаайыстыба киһитэ сыл эрэ тахсар отун оттуур буолбут.)
Ол эрээри хаһыат общественнай кэрэспэдьиэннэрэ: И.Пономарев,И. Павлов, В. Слепцова, Г. Турантаев — ханнык баҕарар боппуруоска санааны сахалыы суруйар дьонтон биирдэстэрэ буолаллар.Кинилэр этии сахалыы тутулун илдьэ сылдьаллар. Бу дьон нуучча тылын тутуннаҕына даҕаны аттыгар ускуопкаҕа тыл сахалыы барыйаанын биэрэр.
Холобур И. Пономарев үүтү барыстаахтык туттарар туһунан ыстатыйатыгар биир өйдөбүл хас да суолтатын өйөбүл (поддержка), „ соҕотуопкалыыр былаан“( квота ) диэни бу курдук суруйбут. Инньэ гынан санаатын чопчулаан биэрбит. ( көр.» СО“ 103№)
И. Павлов урукку санаатын түмүктүүр бэлиэтээһинигэр ыһыахтыыр сири
эргэ стадиоҥҥа төнүннэрэргэ туруорсар. Этии биир уустаах чилиэннэрин модальнай, эмоциональнай, экспрессивнэй суолталарын дэгэтинэн , толбонунан наардаан- сааһылаан, этии ис номоҕун ситэрэн , чиҥэтэн дьиппинитэн биэрэр идэлээх. „ Туох ааттаах үлүгэрэй, спортивнай оройуон ааттаахпыт да биир киһилии стадиоммут суох…. Стадиоммут сэргэхсийдэҕинэ ыччат дьарыктанар , эрчиллэр, сайдар киинэ буолуо этэ. Киэһэтин ырыа- тойук, үҥкүү, оһуохай, дискотека- тугу барытын тэрийэр кыах баар буолуо этэ.Оннук дуо?» Этиини түмүктүүр ыйытыы ааптар кыһыйан- абаран суруйбутун туоһулуур(көр»СО»112№).
В. Слепцова суруйуута кыракый кэпсээн курдук.Ол курдук истиҥ- иһирэх тыллаах- өстөөх.Ааптар сэрииттэн төннүбэтэх учууталын туһунан ахтыытыгар тус сыһыаны, сыанабылы көрдөрөн көмө саҥа чаастарын ( сыһыан тыл, саҥа аллайыы, эбиискэ ) , сиинтэксис ураты ньымаларын туттар.Онно саҥарар куолаһа кытта иһиллэргэ диэри.» Оскуола диэн үчүгэй да сир эбит этэ. Онно учуутал диэн үчүгэй да киһи баара“ Бу Варвара Григорьевна истиилин биир дьикти ураты көстүүтэ .(көр»СО»115№)
Г. Турантаев музей тэриллибит историятын туһунан ыстатыйатыгар ааптар бэйэтин аатыттан суруйар . Публицистика истиилин биир сүрүн уратыта диэн ааптар санаатын- оноотун , туохха эмэ сыһыанын сирэйинэн тута этэр. Кини бу тиэмэҕэ быһаччы сыһыаннааҕын быһаарыылаах сирэйдэммит этии кэпсиирэтин сыһыарыыта ( ананар, тутуллубута, бэлиэтэниэн сөп этэ), ону тэҥэ ыстатыйа уопсай ис хоһооно туоһулуур.
Онон , бастакытынан , „Саҥа олох“ хаһыат үгүс кэрэспэдьиэнэ нууччалыы тылы дьон- сэргэ хайдах саҥарарынан хото киллэрэр эбит.
Иккиһинэн, саха тылын алдьатыылаах көстүүтэ : элбэх ахсааны сыыһа туттуу икки аат тылы үөскэтэр сыһыарыыны элбэхтик киллэрии икки хаһыат ыстатыйаларын тумнубатах.
Үсүһүнэн, олохтоох саастаах дьон тылыгар- өһүгэр этиитин тутула билигин да балайда чөл туруктааҕын быһыытынан ону харыстыахха .Эдэр дьону онно такайыахха.
„ Саҥа олох « хаһыакка Сэмэн Данилов, Степан Алексеев , Иннокентий Окоемов баалларын саҕана, тэлэбиидэнньэ бырагырааматын, араас уурааҕы, дьаһалы барытын сахалыы тылбаастаан дьоҥҥо тиэрдэр этилэр. Билигин да ол тоҕо кыаллыбат буолуой? Дьон- сэргэ нууччалыытын туруорсара буолуо дии санаабаппыт. Тылбааһа мөлтөх буолан сөбүлээбэт буолуон сөп.Оттон оннук кыаллыбат түгэнигэр ис хоһоонун сахалыы быһааран биэрэн баран, нууччалыы хаһыат нүөмэрин ыйан кэбиһиэххэ.Оччоҕо хаһыат көстүүтэ да тупсуо, бэчээттэнэр матырыйаалга миэстэ да тахсыа эбит.
Онон хаһыат олох- дьаһах киэҥ эйгэтигэр сөптөөх хайысхатын
тутуһан төрөөбүт төрүт тылынан өссө да дьонугар- сэргэтигэр кэрэ кэпсээннээх буола турдун !