Төрөөбүт тылы үөрэх биридимиэтин быhыытынан үөрэтии Федеральнай государственнай үөрэх ыстандаартын ирдэбилинэн көрүллэр. Алын сүhүөх кылааска оҕону тыл эйгэтигэр киллэрэргэ, уран тылга умсугутарга, бэйэ санаатын сааhылаан санарарга ситимнээх үлэни тэрийии бырайыага. Улуустан, нэhилиэктэн төрүттээх уус тыл умсулҕанын туппут суруйааччы, поэт А.И.Софронов — Алампа айар үлэтин, олоҕун чинчийэн үөрэтии.
Күлүүс тыллар: Төрөөбут тылы эбии талар чааска үөрэтии, ытык өйдөбүллэр, чулуу дьон олоҕун чинчийии, ситимнээх үлэ, Алампа үөрэҕин тэрийии.
Төрөөбут тыл — көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр ханнык баҕарар норуот улуу нэһилиэстибэтэ, киһи аймах ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл – оҕоҕо тулалыыр эйгэтин кыраҕытык билэр — көрөр, чугас дьонун — сэргэтин кытта истинник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, өйө — санаата сайдар, өбүгэтин үөрэҕин утумнуур сүрүн эйгэтэ буолар. Төрөөбут тыл, Федеральнай государственнай үөрэх ыстандаартын ирдэбилинэн, атын үөрэх биридимиэттэрин кытта бииргэ оҕо лиичинэс быһыытынан сайдыытын хааччыйыахтааҕа этиллэр, ону сэргэ урукку өттүгэр ирдэнэ илик саҥа булгуччулаах ирдэбили – үөрэнээччигэ үөрэх сатабылларын сайыннарыыны киллэрэр. Эбии үөрэх былаанын талар чааһыттан бэйэтэ көрөн эбии үөрэтэрэ көҥүллэнэр. Оҕону кыра сааһыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэр, уран тылга умсугутар, бэйэ санаатын сатаан этэргэ үөрэтэр сыал-сорук хайа баҕарар учууталга, иитээччигэ турар. Ол инниттэн ситимнээх үлэни тэрийии туһунан сырдатыахпын баҕарабын.
Норуот муудараһа, олоҕу анааран көрүүтэ, ийэ тыл кэрэтэ барыта айар тыл аҕата А.И.Софронов — Алампа айымньыларыгар толору сонон сылдьар. Алампа айымньылара оҕо тус толкуйдаах, сатабыллаах, дойдутугар, дьонугар — сэргэтигэр үтүө сыһыаннаах буоларга үөрэтэр да, сирдиир да. Ол иьин үөрэтии — иитии үлэтигэр «Алампа үөрэҕэ» диэн 5 олуктаах бырайыагы оностоммун үлэлээтим.
Бырайыак сүрүн сыала: А.И.Софронов — Алампа олоҕун, айар үлэтин үөрэтэргэ эйгэни тэрийии.
Соруга:
—Алампа айымньыларын ааҕыы, үөрэтии, ырытыы;
-Алампа аймньыларын атын уруоктарга табыгастаахтык алтыһыннарыы;
-кылаас таһынааҕы дьарыктары утумнаахтык тэрийии;
-айымньы нөҥүө тобуллаҕас толкуйу, үтүө майгыны — сигилини иитии;
-ийэ дойдуга тапталы, айылҕа кэрэтин өйдөөн көрөргө, харыстыырга уһуйуу;
— уус — уран тыл сүөгэйин — сүмэтин иҥэринэн, төрөөбут тылынан хомоҕойдук саҥарыы.
Сабаҕалааһын: маннык ситимнээх былаанынан тэрийбит үлэм эдэр учууталларга, эбии дьарыгы тэрийээччилэргэ айымньылаахтык үлэлииллэригэр көмөлөөх буолуоҕа.
Маҥнайгы «Мин Алампам» олукка учуутал тус билиитин ханатан, ону оҕолорго тиэрдээри Алампа олоҕун, айымньыларын инэн — тоҥон үөрэтиитэ, анаарыыта киирэр. Үлэ түмүгүнэн араас таһымнаах тэрээһиннэргэ кыттар.
Иккис олук «Алампа уруоктара». Суруйааччы айымньыларыгар олоҕуран аныгы кэм технологияларын туһанан алтыһыылаах үөрэҕи тэрийэр. Ол курдук «Оҕо — оҕо эрдэххэ» ааҕыы, уруһуй, ырыа, «Маҥнайгы хаар» нуучча тыла, ааҕыы; «Хатын» тулалыыр эйгэ, математика уруоктарыгар о.д.а. айымньыларынан ыытыахха сөп. Маннык биир кэлимсэтик үөрэтиигэ оҕо билиитэ чопчуланар, чин буолар.
Үһүс олук «Алампа ааҕыыта». Ааҕыы уруоктарыгар айымньыны ырытыы араас ньымаларын таһынан хоһоонноохтук ааҕыы үөруйэхтэрин инэрии, ааҕыы лааҕырын тэрийэн улэлэтии. Алампа айымньыларынан араас таһымнаах ааҕыыларга, дьүһүйүүлэргэ, нпк кыттыы.
Төрдүс «Айар кут» олук оҕо дьоҕурун уһугуннарар, талаанын арыйар сыаллаах. Уруһуй, оҥоһук араас көруҥэр выставкалары, конкурстары, айан суруйааһыны тэрийии. Табыллыбыт үлэлэри оҕо сурунаалыгар, хаһыатыгар сырдатыы.
Бэһис олук «Алаас уола Алампа». Манна кылаас таһынан үлэҕэ оскуола, нэһилиэк библиотекардара төрөппүтү кытта ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр. Ол курдук кылаас чаастарын, библиотечнай уруоктары, экскурсиялары, викториналары тэрийэллэр.
Төһөнөн сыралаһан үлэлиигин да соччонон үлэн угуйуулаах, таһаарыылаах, ситиһиилээх, үтүө түмүктэрдээх. Ситимнээх үлэм түмүгүнэн араас таһымнаах конференцияларга, ааҕыыларга, Алампа уруоктара улуустааҕы учууталлар уруоктарын сборнигар, үөрэнээччилэрим улуус, республика таһымнаах ааҕыыларга, нпк, литературнай дьуһүйүүгэ көхтөөхтук кыттан бириистээх миэстэҕэ тиксиилэрэ барыбытын өссө кынаттыыр.
Маннык үлэ суолтата тугуй?
-үөрэнээччи бэйэтин норуотун чулуу дьонун олоҕун билэр, кини айымньыларын нөҥүө төрөөбут тылын баайын иҥэринэр;
-биир дойдулааҕынан киэн туттар, кини холобуругар иитиллэр;
-умсугуйан туран ааҕааччы суолугар үктэнэр;
-сахалыы тыынҥа иитиллэн, сиэр — майгы өттүнэн санаата сайдар;
-өйө -санаата уһуктар, тобуллаҕас толкуйданар;
-дьоҕура тобуллар, айар — тутар сатабыла сайдар.
Алампа үөрэҕинэн ыытыллар үөрэтии — иитии тиһиктэрэ оҕо бары өттунэн сайдарыгар, үтүө киһи буоларыгар сүрүннүүр, көмө тирэх буолар. Төрөөбут норуот олоҕун төрүт үгэһин иҥэрэр, онон духуобунай сайдыылаах, киһилии сиэрдээх, гражданскай көрүүлээх, төрөөбүт сиригэр -уотугар бэриниилээх, кэрэҕэ тардыһар, айымньылаах үлэҕэ сыстаҕас буолууну ситиһэр.