УОЛ ОҔО – БИҺИГИ ЭРЭЛБИТ

22 апреля 10:51

Кистэлэн буолбатах, билиҥҥи кэмҥэ уол оҕо кыра сааһыттан кыыска сабыйтаран, ис кыаҕын арыйбакка — туһаммакка улаатан, уопсастыбаҕа тус бэйэтин көрдөрбөккө хаалан буолан эрэр. Ол иһин, уол оҕо сайдар суолун тобулан биһиги үлэлиэхтээхпит диэн санааттан бу проегынан үлэлииргэ санаммытым.

Уолу кыра эрдэҕиттэн ийэтэ иитэр, онтон детсад, оскуола, үрдук үөрэх. Ол тухары куруук дьахтар аймах иитэр-үөрэтэр. Иккиһинэн гаджет үйэтэ. Интернет, гаджет сайдан оҕолорбут сатаан оонньообот да кэпсэппэт да буоллулар. Эт — хаан, өй-санаа өттүнэн сайдыыбыт сатарыйбыт диэн көрөбүн.

Уол оҕону иитиигэ кэрэ эйгэнэн, өбүгэлэр үгэстэринэн уйулҕатын уһугуннаран, киһи быһыытынан сайыннарыы диэн соругу туруордум.

Иитии сүрүн хайысхалара:

  1. Аҕа түмсүүтэ. Хомойуох иһин, аҕата суох аҥардас ийэҕэ иитиллэ сылдьар уолаттар аҕыйаҕа суохтар. Үгүстэр бэйэлэригэр сыанабыллара намыһах, ыарахантан чаҕыйар, атын дьоннуун бодороһууларыгар эрэйдэнэллэр. 2019 сыллаахха оскуолабытыгар төрөппүттэргэ аналлаах форумҥа, аҕалар түмсүүлэрин кытта көрсөн — кэпсэтэн сылын аайы уол оҕоҕо аналлаах тэрээһиннэри ыытыахха диэн былааннаабыппыт.

Онон былырыыҥҥаттан «Өбүгэлэр оонньуулара» диэн күрэҕи номнуо иккитэ ыыттыбыт. Оҕолор дьаныардаахтык, интэриэһиргээн туран кытталлар, эт — хаан өттүнэн сайдаллар.

Маны таһынан ураты үөрэх айылҕаҕа сыһыан буолар. Аҕалар уолаттары илдьэ сылдьан бултуурга, балыктыырга, сиргэ — уокка сөптөөхтүк, харыстабыллаахтык сиэри — туому тутуһан сылдьарга үөрэтэллэр.

  1. Ырыанан кэрэ эйгэҕэ иитии. Уол оҕону ырыанан патриотическай өйүн-санаатын уһугуннарыы, кэрэҕэ уһуйуу. 7-11 кылаастарга уолаттар хордарын тэрийэн оскуола иитии үлэтигэр саҥа сүүрээн киллэрдибит. Мин санаабар, араас жанрдаах, ис хоһоонноох ырыалары үөрэтэннэр, сайдаллар, арыллаллар. Бэйэ — бэйэлэрин кытта ордук билсэллэр, тумсүүлээх буолаллар.
  2. Патриотическай иитиигэ араас көрсүһүүлэр. Спортивно — патриотическай, профориентационнай көрсүһүүлэр уол оҕо сүргэтин көтөҕөллөр. Бэйэни көмүскэниигэ, уһаныыга араас мастер — класстары, кэпсэтиилэри ыыталлар. Онон уол оҕоҕо эрэлин үрдэтэллэр, инники көрүүтун кэҥэтэллэр.

Бу үлэ барыта төрөппүтэ, кылаас салайааччыта суох сатаммат. Бары биир ситим буолан тутуспутунан оҕо туһугар үлэлиэхтээхпит-хамсаныахтаахпыт. Сахалыы сайдам санаалаах, көнө майгылаах, ыраас дууһалаах, олоххо бэлэмнээх уолу иитэн таһаарыахтаахпыт.