Ханнык баҕарар норуот ахсааныттан тутулуга суох, оҕону иитиигэ үтүө үгэстэрдээх, көрүүлэрдээх. Нуучча норуотун уhулуччулаах педагога К.Д. Ушинскай оҕону иитиигэ норуот опыта олус сыаналаах нэhилиэстибэ буолар диэн суруйбута. Оҕону өй — санаа, эт — хаан өттүнэн уhуйууга олоҥхо педагогикатыгар олоҕуран, хас биирдии иитээччи иитии тускула оҥорон, үлэтигэр туhаныан сөп.
Олоҥхо педагогикатын маҥнайгынан Константин Спиридонович Чиряев таба ыйбыта. Кини: «Олоҥхо норуоту иитэр хайысхата эгэлгэ Манна чиэс, үгэс, кырдьык, уопсай интэриэс туhугар туруулаhыы, кырдьаҕаhы, дьахтары, оҕону ытыктааhын, кыыс бэйэтин харыстаныыта, эр киhи таптал туhугар героическай охсуhуута, тулуур, дьулуур, төрөппүттэри, төрөөбүтт дойдуну төлөннөөхтүк таптааhын уустан – ураннаан хоhуйуллар…» — диэн бэйэтин санаатын дакаастыыр /Чиряев К.С. Олох педагогиката. – Дьокуускай, 1998, 48-60 с./.
Олоҥхо саха оҕотун үөрэтиигэ — иитиигэ сүдү улахан суолталаах. Г.Н.Волков саха олоҥхотун иитэр суолтатын туһунан маннык суруйар: „Олоҥхо, являясь концентрированным выражением духовной жизни якутского народа, несет на себе огромную педагогическую нагрузку; оно богато воспитательными идеями, в нем много образовательного материала, оно формирует любовь к народу и человечность, его текст развивает ум, память, наблюдательность, сами олонхосуты являются прекрасными учителями народа. В олонхо получили отражение цели воспитания и его методы, определены черты личности и средства воздействия на чувства, сознание и поведение подрастающего поколения“.
Киhи аймах үйэлэр тухары олох туhугар туруулаhар охсуhуу наадатын, эр санаалаах күүһүн, кэрэ үтүѳ быhыы — майгы үйэлээҕин, киhи олоҕо бүтүн норуотун олоҕор суолталааҕын олонхо философията кэрэhэлиир.
Олоҥхо кэнчээри ыччаттарбытын иитиигэ — уѳрэтиигэ туhанар сорук турар.
Доклад аата: Олоҥхо кэрэ эйгэтин оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго үөрэтии
Актуальноһа:
Олоҥхо — саха норуотун көмүс кылаата, баайа-дуола, үйэлэргэ муспут өйө-санаата, уус-уран айымнньытын саамай үрдүк чыпчаала. Бу улуу айымньыны былыр — былыргыттан норуот кэскилин иитэригэр күүс — көмө оҥостубута саарбаҕа суох. «Силиһэ суох мас үүммэт» диэн норуот өс хоһоонугар этиллибитин курдук саха оҕотун сахалыы тыыҥҥа иитиигэ оҕо саадыгар олоҥхону олох оҥостон иитии — үөрэтии үлэтин тэрийии ордук табыгастаах.
Сыала: олоҥхо муудараһыгар олоҕуран иитэр — үөрэтэр эйгэни тэрийии.
Үлэ соруктара:
- Олоҥхону оҕо иитиитигэр туһаныы (олоҥхо сүрүн санаатынан оҕону иитэргэ маннык хайысхалары тутуһуу: истии, көрдөрүү, алтыһыы, уһуйуу, такайыы, сайыннарыы).
- Олоҥхоҕо оҕо интэриэһин тардыы, саха оҕотун сахалыы кутун — сүрүн эргитэн, кулгааҕын арыйан, олоҥхоһут курдук өркөн өйдөөх, уус — уран тыллаах, сахалыы сиэрдээх, тобуллаҕас толкуйдаах буоларыгар, бастакы олугу ууруу айар дьоҕурун, фантазиятын сайыннарыы.
- Оҕолору сиэрдээх быһыыга — майгыга, ѳйгѳ — санааҕа иитии, ѳбүгэлэрбит үгэстэрин, итэҕэллэрин, тѳрүт культуураны оҕоҕо ѳбугэлэрбит оонньууларын нѳҥуѳ тириэрдии — үѳрэтии. Олоҥхо тылынан — ѳhүнэн, дьоруойдарын уобарастарын, олоҥхо дойдутунан былыргы ѳбүгэлэрбит олорон ааспыт олохторун кэрэhэлиир, салҕыыр, кэнчээри ыччаттарбытыгар кѳрдѳрѳн, үтүгүннэрэн, үөрэтии — иитии.
- Олоҥхо тылын — ѳhүн кѳмѳтүнэн оҕону сахалыы тыынна ѳбүгэлэрбит олохторун — дьаhахтарын билиhиннэрээри. Бу олоҥхо диэн сүдү айымньыга оҕолору кыра саастарыттан уhуйан иитиигэ — үѳрэтиигэ.
- Тылларын саппааhын байытыы, уустаан — ураннаан бэргэн — хомоҕой тылынан кэпсэтэр уонна кэпсиир дьоҕурдарын, уобарастаан толкуйдуур фантазияларын сайыннарыы.
Научнай суолтата: олоҥхо ис кыаҕар олоҕуран, үүнэр көлүөнэни иитии проблематын быһаарыы.
Саҥалыы көрүү:
— олонхо муудараһыгар олоҕуран, кэнчээри ыччаты иитиигэ – аныгы үйэ тэтиминэн олоҥхоҕо сыһыаннаах электроннай формалаах оонньуулары ИКТ нөҥүө оонньотуу;
— кыргыттарга аналлаах „Кыыс Бухатыыр“ күрэҕи ыытыы
— ыытыллыбыт үлэлэри түмэн хомуурунньук таһаарыы
Сүмэһинэ:Ийэ тыла сүмэһинэ сүппэтин туһугар, күннээҕи туттар, кэпсэтэр тылларын, саҥаларын ыраастык, сахалыы саҥаралларын ситиһии, үөрэтии, иитии.
Үлэ формалара:
- Дьарыктар
- Бэсиэдэлэр
- Олоҥхо оонньуулара
- Олоҥхону оонньооhун (драматизация)
Оҕоҕо бастаан олоҥхо сириттэн дойдутуттан саҕалаан кэпсээhин, уруhуйу кѳрдѳрүү, олоҥхо дьоруойдарын уобарастарын кѳрдѳрүү, ѳйдѳтүү.
Дьарыкка сахалыы ѳбүгэ оонньууларын оонньоотуу. Олоҥхону улахан группа оҕолоругар үтүгүннэрэн аахтарыы. Оҕо уус уран тылы — ѳһү билэригэр бэйэтин сааhыгар сѳптѳѳх тойугу, олоҥхону үѳрэтии.
Сабаҕалааһын: Олоҥхо муудараһын туттан хас биирдии саха ыала, оҕо тэрилтэтэ оҕону иитиини дириҥник толкуйдаан, ырытан, үөрэтэн көрдөҕүнэ эрэ, билиҥҥи уустук олоххо сахалыы укулааттаах, сиэрдээх — майгылаах, бигэ туруктаах киһини иитэн таһаарабыт.
Ханнык баҕарар норуот төрүт культуратын, искусствотын билэр, киэн туттар, сайыннарар буоллаҕына, бу норуоту атыттар кэрэхсиир, ытыктыыр буолаллар. Норуот муудараһа, үйэлэргэ муспут баай үгэһэ, айар дьоҕура, талаана көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн истэҕинэ, биһиги төрүт культурабыт сүппэккэ, кэхтибэккэ салгыы сайдар кыахтанар.
Олоҥхону истэ, толкуйдата, оруолларынан толотторор үлэни күүскэ утумнаахтык ыытабыт. Ыытыллар дьарыктар сылын ахсын ыкса ситимнээхтик сайдан, олоҥхо ис хоһоонунан дириҥээн иһэр.
Олоҥхону үөрэтии түмүгэ — оҕо ситимнээх саната сайдар, сахалыы уустаан — ураннаан саҥарар, бэйэтин санаатын сааһылаан, аһаҕастык быһаарсар, араас таһымнаах күрэхтэргэ бэйэтигэр эрэллээхтик кыттар буолар.
Биһиги оҕолорбут олонхоҕо кулгаахтара — харахтара аһыллан, сайдам, сайаҕас санаалаах дьон буола улааталларыгар олукта ууруоҕун, «ойон тахсар күннээх, охтон баранар мастаах, уолан бүтэр уулаах орто туруу дойдуга иэримэ дьиэни иччилээн, иитэр сүөһүнү күрүөлээн, ураанхай саха ыччата сайда туруохтун!»
Ити курдук олоҥхо дьарыктарыттан олоххо үтүѳну олордуу, атын дьон иннигэр эппиэтинэстээх, дьонун — сэргэтин харыстыыр кѳмүскүүр киhини иитиигэ дьулуур, олох олоруу толору дьолугар тиийэр суолу арыйыы тѳрүтэ оҕо ис айылгытыгар иҥэр кыаҕа үөскүүр. Оҕо ону чопчу билинэн, ѳйүгэр хатаабатаҕын иhин, уйулҕатыгар (иhигэр) үтүѳ тѳрүт буолан, олоҕун тускулууругар кыах биэрэр күүс буолуо. Омук тѳhѳнѳн сайдыылаах да соччонон ѳбүгэлэрин ытыктыыр буолар.