НИКОЛАЙ МИХАЙЛОВИЧ ТАРАСОВ «КҮН ЭРИЛИ» ОЛОҤХОТУГАР КӨСТӨР ОЙУУЛУУР-ДЬҮҺҮННҮҮР НЬЫМАЛАР

16 ноября 11:38

Саха фольклоругар Ийэ олоҥхоһут Николай Михайлович Тарасов «Күн Эрили» олоҥхотун ойуулуур-дьүһүннүүр дэгэтин чинчийэр, дириҥник ырытар үлэ суох. Билим хабааннаах үлэлэргэ Н. Тарасов олоҥхоһут быһыытынан бэрт сэмэйдик ахтыллар. Н. Тарасов «Күн Эрили» олоҥхотугар көстөр ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалар:

  • Кэккэлэтии. Кэккэлэтии олоҥхоҕо ордук этиэхтэн эриэккэстик, сиэдэрэйдик бэриллэр. Н.М. Тарасов «Күн Эрили» 2286 строкалаах олоҥхотугар 275 кэккэлэтии баар. Кэккэлэтии арааһын көстүүтэ:
  1. Тыл суолтатыгар олоҕурар:

а) биир тыл эбэтэр биир тыл ситимэ хаста эмэ хатыланар: 

Хоойго сытар 

Холоонноох доҕор оҥостуоҕум, 

Тэллэххэ сытар  

Тэҥнээх доҕор оҥостуоҕум…[4: 49]; 

б) маарыннаһар суолталаах тыл төхтөрүйэн хатыланар: 

Айгырастаах тэһииннээх эбит, 

Аарыктаах сулардаах эбит,  

Көһүүн көнтөстөөх эбит.. [4: 21]; 

в) синоним эбэтэр антоним тыл туттуллар: 

Сыһыыттан сылгылаан, 

Хонууттан хомуйан… [4: 58]; 

г) пааралаһар тыл туттуллар: 

Өлөр тыыны өрүһүйэ, 

Хаалар тыыны харыһыйа… [4: 59]; 

  1. Кэккэлэтии тыл олох биир эбэтэр маарыннаһар форматыгар олоҕурар. Холобур:  

Үрүҥ көмүс ыҥыырынан  

Ыҥыырдаан кэбистэҕэ, 

Дьапта көмүс чаппарааҥынан 

Чаппараактаан кэбистэҕэ, 

Кыыһар-ыыһар кычымынан 

Кычымнаан кэбиһэн баран… [4: 58]; 

  1. Кэккэлэтиигэ тылын ахсаана үксүгэр тэҥ буолар:

Көтүрдэр тиистэрин миилэтин, 

Көрдөр харахтарын харатын… [4: 59].

Бу холобурдарга көстөрүнэн, олоҥхоһут олоҥхотугар хатылааһыны синонимнарга олоҕуран туттар эбит. Онтуката көннөрү этэн кэбиһэрдээҕэр быдан дорҕоонноохтук, хомоҕойдук иһиллэр.  

  • Гипербола.Олоҥхо омуннаах фантазията ордук чаҕылхайдык бухатыыр дьүһүнүн-бодотун, быһыытын-таһаатын, дьиэтин-уотун, сирин-дойдутун, сэбин-сэбиргэлин, охсуһууларын ойуулааһыҥҥа көстөр. Ол курдук олоҥхоҕо Күн Эрили бухатыыр төрөппүттэрин балаҕана холооно суох дарбатыллан этиллэр: 

Орто дойдуга 

Ороһуоллаах салгын оҕустаҕына 

Ороскуоттаах буолуо диэннэр 

Отут хос ойоҕостообут эбиттэр. 

Үөһэттэн үс бииһин  

Үргүөрэ үргүйдэҕинэ 

Үлүгэр дьүөрэлээх буолуо диэннэр 

Үс хос үрүттээбит эбиттэр… [4: 16] 

Онтон абааһы бухатыырын хаан чаҕаан сэбэрэтин маннык сүрдээн-киэптээн ойуулуур: 

Чаан олгуй саҕа төбөлөөх, 

Чааскы саҕа харахтаах, 

Тимир хотуур курдук тыҥырахтаах, 

Моонньугар мойбордоох, 

Кутуругар буоҕалаах, 

Далан Өксөкү 

Таҥнары көтөн сабырыйан 

Түһэн тиийэн кэллэҕэ… [4: 27]. 

Ити курдук, олоҥхо фантастиката муҥура суоҕун көрдөрөр түгэннэр «Күн Эрили» олоҥхоҕо элбэхтэр. 

  • Литота. Литотанан омуннаан — олус кыччатан этии Н.Тарасов олоҥхотугар көстөр. Ол курдук: 

Уҥа диэки олорор киһи  

Улар саҕа буолан көстөр, 

Кэтэҕириин диэки баар киһи 

Кэҕэ саҕа буолан көстөр

Улахан дьоһуннаах дьиэ буолар эбит… [4: 17].

  • Эпитет. Н. Тарасов олоҥхотугар уустаан-ураннаан этэр кубулуйбат эпитеттар араастарын табыгастаахтык туттар, холобур, күнү – аламай маҥан күн; халлааны – өндөл дьүрүс маҥан халлаан, киҥкиниир киэҥ халлаан, сиикэй маҥан халлаан, араҕас сабыдал маҥан халлаан, добун маҥан халлаан;былыты – эбил чаҕыл былыттар; ыйы – тэргэн ый.  
  • Тэҥнэбил. Олоҥхоҕо тэҥнээһин ньымата бэрт киэҥник туттулллар. Н. Тарасов «Күн Эрили» олоҥхотугар 68 тэҥнэбил баар. Олоҥхо тэҥнэбилэ — омуннаах тэҥнэбил. 

Тииккэ тэҥнээһин:  

Бу уол  

Суллаабыт тиит курдук сотолоох, 

Быллыа тиит курдук былчыҥнаах, 

Хастаабыт тиит курдук харылаах… [4: 23]; 

Хатыҥҥа тэҥнээһин:  

Кийиит дьахталлар  

Киэргэнэн-киэргэнэн бараннар, 

Ханыылаһан-сиэттиһэн  

Хаамсан киирэн иһэллэрин курдук, 

Сиэрэй солко сэбирдэхтээх  

Хатыҥ мас хаймыылардаах эбит… [4: 14]; 

Хатыҥ мас курдук 

Хантачччы таттаран… [4: 55]; 

Холобурдарга көстөрүнэн, олоҥхоҕо тэҥнэбил олоҥхоһут өйүн үлэтин, толкуйдуур дьоҕурун туоһулуур.  

  • Архаизмнар. Олоҥхоҕо кэлин туттуллубат буолан эргэрбит тыл баар. Эргэрбит тыллары икки сүрүн бөлөххө араараллар: сүппүт (архаизмнар) уонна былыргыны бэлиэтиир (историзмнар) тылларга. Холобур, олоҥхоҕо маннык былыргыны бэлиэтиир тыллар бааллар: саар ыаҕас, удьаа хамыйах, бадаайы хамыйах, сир иһит уо.д.а.Манна көстөрүнэн, ордук дьиэ-уот тэрилэ, мал-сал былыргыны бэлиэтиир тыллар араҥаларыгар көспүттэр.  
  • Киирии тыллар . Н.Тарасов «Күн Эрили» олоҥхотугар 7 нууччаттан киирии тыл баар. Холобура, даҕааһын аат: кытаайыскай, долуой, бэйбэриэт; аат тыллар: арсыын, чиэппэр, сыбаайба. Бу тыллар олоҥхоҕо хаста да туттуллаллар:

Айах тутаннар 

Үрдүк үөрүүнү, 

Сырдык сыбаайбаны 

Сылаанньыта тэрийэн… [4: 69]; 

Ол илдьэ тиийэн кэлэннэр 

Дьэ эмиэ сырдык сыбаайба 

Үрдүк үөрүү буолла… [4: 70]; 

Н. Тарасов «Күн Эрили» олоҥхото сэбиэскэй кэмҥэ суруллубут буолан, ол кэмҥэ саха тылыгар бүтэһиктээхтик киирбит нууччалыы тыллар көстөллөр. 

Түмүктээн эттэххэ, олоҥхоҕо эгэлгэ араас ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалар: кэккэлэтии, гипербола, литота, эпитет, кубулуйбат эпитет, тэҥнэбил дэлэччи туттуллубуттар.  Ханнык баҕарар олоҥхоҕо туттуллар эргэрбит (архаизм) тыллар олоҥхоҕо хойуутук көстөллөр.  Бу олоҥхоҕо сүрүннээн ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалартан тэҥнээһин, омуннааһын, кэккэлэтии, эпитет үгүтүк туттуллубуттар. Николай Михайлович Тарасов киин улуус олоҥхоһута буолан, олоҥхоҕо хотугу диалект суох. Тылыгар-өһүгэр кэм сабыдыала көстөр. Олоҥхоһут үгэстэн туораабакка халыыптары киэҥник туттан, дорҕооннор үөрэ-дьүөрэ этиллиилэрин тылтан тылы дьүөрэлээн, ойуулуур-дьүһүннүүр тыл эгэлгэтин, уус-уран тэҥнээһиннэри, ойуулааһыннары сатаан хоһуйар. 

Туһаныллыбыт литература

  1. Афанасьев П.С. Саха билиҥҥи тыла. Лексикология. – Дьокуускай: Саха государственнай университетын издательствота, 1996. – 192 с.
  2. Васильев Г.М. Якутское стихосложение. – Якутск: Якутское книжное издательство, 1965.- 128 с. 
  3. Копырин Н.З. Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1981. — 192 с.
  4. Тарасов Н.М. Күн Эрили. – Кировскай: Саха республикатын Горнай улууһун Кировскай нэһилиэгин дьаһалтата, 1999. — 82 с.

 Literature

  1. Afanas’ev P.S. Saha biliҥҥi tyla. Leksikologija. – D’okuuskaj: Saha gosudarstvennaj universitetyn izdatel’stvota, 1996. – 192 s.
  2. Vasil’ev G.M. Jakutskoe stihoslozhenie. – Jakutsk: Jakutskoe knizhnoe izdatel’stvo, 1965. — 128 s.
  3. Kopyrin N.Z. Saha pojezijatyn d’үһүnnүүr n’ymalara. – Jakutskaj: Saha sirinjejeҕi kinigje izdatel’stvota, 1981. — 192 s.
  4. Tarasov N.M. Kүn Jerili. – Kirovskaj: Saha respublikatyn Gornaj uluuһun Kirovskaj njeһilijegin d’aһaltata, 1999. — 82 s.