Константинова Т.А
Северо-Восточный федеральный университет им.М.К.Аммосова, Якутск
star07931415@mail.ru
Научный рук.: Л.П. Григорьева, к.ф.н., доцент СВФУ
Саха биллэр романиһын В.С. Соловьев-Болот Боотур «Сааскы дьыбардар» (1971) уонна эбээн талааннаах суруйааччытын П.А.Степанов-Ламутскай «Сир иччитэ» (1987) романнара суруйааччылар айар үлэлэригэр, ону ааһан бэйэлэрин литератураларын историятыгар улахан суолталаах романнарынан буолбуттара. Болот Боотур «Сааскы дьыбардар» романынан литератураҕа бигэтик киирбитэ. Айымньы 1971 сыллаахха туспа кинигэнэн бэчээттэнэн тахсыбыта, ааҕааччы киэҥ сэҥээриитин ылбыта. «Сааскы дьыбардарга» сэбиэскэй былааһы олохтооһун маӊнайгы тыӊааһыннаах кэмнэрэ ойууланар. Суруйааччы Үйээнди эбээннэрин олохторо историческай событиелар — гражданскай сэрии, сэбиэскэй былааһы олохтооһун – кэмнэригэр хайдах уларыйан испитин итэҕэтиилээхтик көрдөрбүтэ. Айымньы сонун өрүтүнэн, биллэн турар, уобарастары арыйарыгар эбээн норуотун олоҕун, сиэрин-туомун, үгэстэрин уус-уран ньыма быһыытынан талааннаахтык туттубута буолар. Оттон Платон Ламутскай эбээн литературатыгар бастакынан роман жанрын төрүттээбитэ. Кини «Сир иччитэ» романын 20-чэ сыл устата суруйбута, элбэх матырыйаалы хомуйбута, үѳрэппитэ. Платон Ламутскай романын 1984 сыллаахха суруйан бүтэрбитэ, айымньы сахалыы тылынан 1987 сыллаахха маӊнай «Хотугу сулус» сурунаалга, онтон туспа кинигэнэн бэчээттэнэн тахсыбыта. Чинчийээччилэр Амма Аччыгыйын “Сааскы кэмин” саха норуотун олоҕун энциклопедията диир эбит буоллахтарына, Платон Ламутскай «Сир иччитэ» романын эбээн норуотун энциклопедията диэн киэн тутта этиэхпитин сөп. Тоҕо диэтэххэ, ромаҥҥа эбээн норуотун дьылҕата, үгэстэрэ, тутуһар сиэрэ-туома, абыычайдара, номохторо, сэһэннэрэ, итэҕэллэрэ сиһилии арыллар.
Биһиги бу романнарга булт сиэрин-туомун, үгэстэрин ойуулааһыны тэҥнээн ырытарга холоннубут.
Платон Ламутскай “Сир иччитэ” романыгар булт сиэрэ-туома хойуутук туттуллубут. Ордук эһэни бултааһыӊӊа сыһыаннаах сиэр-туом туттуллуута элбэхтик ойууланар. Эбээннэр былыр-былыргыттан эһэни олус ытыктыыллар, харыстаан да, толлон да, мээмэндьэ, абага, харандьа о.д.а ааттыылар.
Ромаҥҥа эһэни бултааһыҥҥа сыһыаннаах сиэри-туому ойуулааһын хас да түгэнин бэлиэтээтибит. Роман саҕаланыытыгар Маркани уолун кытта эһэҕэ түбэһэллэр. Маркани улаханнык эчэйэр, ол да буоллар эһэни ѳлѳрѳр. “Маркани ыарыытын дьэ билэн ынчыктаан барда. Киирэн эрэр күн диэки хайыһан олорон муӊатыйан энэлийдэ, ол быыһыгар тугу эрэ этэн алгыыр курдук ботугураамахтыыр, онтон нэһиилэ алтахтаан олорбут сириттэн туран, “куух-хаах” диэн суордуу саӊарда. Уола ону үтүгүннэ. Маркани быһаҕын ылан баран эмиэ суордаата, “кымырдаҕастар кычыгылаттылар, суордар тоӊсуйаллар. Гулуон-чулуон!” диэтэ, эһэ айаҕыттан быган тахсыбыт тылы ортотунан быһа баттаата. Сүлбэтилэр, ити курдук хаалларан кэбистилэр” [3, с. 7]. Бу сиэр-туом эһэни биһиги ѳлѳрбѳтүбүт, суордар, кымырдаҕастар дьаһайдылар диэн ѳйдѳбүллээх оӊоһуллар.
Сарсыӊӊы күнүгэр быһылаан буолбут сиригэр Мэӊдэк, Мэӊдуни, Тинькани кэлэллэр. Эһэ кинилэр араӊастаабыт хаһаас эттэрин алдьатан илдьэ барбыт этэ, онон ол эттэрин кѳрдѳѳбүтүнэн бараллар. Кѳтѳҕѳнѳн, отунан-маһынан кѳмүллүбүт эһэ хасааһын булан ылаллар. Салгыы айымньыга ааҕабыт: “Уолаттар ону хастыы тардаары гыммыттарын Мэӊдэк буойан тохтотто. Кини хаары тарыйда, хаппыт амынньыары мунньан уот сахта, сыа тоорохойун уокка быраҕан баран алҕаата. Эһэ курдук улуу кыыл хасааһын мэнээк үрэйэр улахан айыы буолар” [3, с. 9]. Маны таһынан, эһэ тииһинэн суоллаабыт этин илдьэ барар эмиэ аньыы эбит. “Тэӊнээх мин эрэ баарбын” диир кыахтаах киһи ылыан сѳп үһү.
Эһэни астыырга туспа сиэр-туом тутуһуллар. Ону Платон Ламутскай маннык ойуулуур: “Уолаттар быстахтарын-хайыттахтарын аайы: “Суордар тоӊсуйдулар”, “Кымырдаҕастар кычыгылаттылар”, — дии-дии, суордуу саӊардылар. Кыылы сүһүѳхтэринэн араартаан эттииллэр. Сүгэнэн эбэтэр батыйанан уӊуоҕу алдьатан эттиир айыы үһү. Ѳбүгэ саҕаттан тиийэн кэлбит үгэһи кэһэр сатаммат” [3, с. 11]. “Суордар тоӊсуйдулар”, “кымырдаҕастар кычыгылаттылар” диэн саӊараллара, үѳһэ этиллибитин курдук, биһиги ѳлѳрбѳтүбүт, ѳстүйүмэ диэн ѳйдѳбүллээх.
Эбээннэргэ эһэни бултаабыт киһи хайаан да алгыс этиэхтээҕэ ханна да суруллубатах ураты сиэр-туом быһыытынан биллэр. Онон айымньыга Маркани эһэ тѳбѳтүн аҕалтаран алҕыыр. “Маркани таһырдьа дэлбиргэ баайтарар, икки мас кэҕэни ураҕаска хатаан туруору астарар, ураҕастар икки ардыларыгар эһэ тѳбѳтүн сонос титириккэ күн тахсыытын диэки хайыһыннаран ыйатар” [3, с. 19]. Бу сиэр-туом эһэ икки атахтаахха кырыктыйбатын, ѳстүйбэтин диэн оӊоһуллар. Оттон мас кэҕэлэр – ойуун чыычаахтара диэн ааттаналлар, тахсыбыт быһылааны алгыс күүһүнэн уҕарыталлар эбит.
Ромаҥҥа эһэни бултааһыӊӊа сыһыаннаах өссө биир түгэни кэрэхсээтибит. Биир күн Тинькани Гарпунилыын бултуу бараллар, кинилэри кытта Балин диэн уол барсар. Ол сылдьан эһэҕэ түбэһэллэр, ѳлѳрѳллѳр. Эһэлэрин сүлээри гыммыттара — этэ-сиинэ бүтүннүү баас. Бу эһэ атын эһэни кытта охсуспут, онтукатын ѳлѳрѳн ѳссѳ кѳмпүт эбит. “- Киһиэхэ саба түспүт абаҕаны аньыырҕаан тугун да ылбаттар. Бэл, тириитин даҕаны, — диэтэ Тинькани. Ол эрээри үѳһүн хайаан да ылыллыахтаах үһү.
— Оттон ол кѳмүллэ сытар абаҕа үѳһүн ылбаппыт дуо? – диэн Гарпуни ыйытта.
— Кэбис, абаҕа бэйэтэ дьаһайбытын тыыппат куолу. Оннук иэдээӊӊэ түбэспэт туһугар, — диэн Тинькани быһаарда” [3, с. 201].
Көстөрүн курдук, эһэни бултуурга эбээннэргэ туспа сиэр-туом тутуһуллар эбит. Платон Ламутскай романыгар ону болҕомтоҕо ылан хас да түгэҥҥэ ымпыктаан ойуулуур, сөптөөх-тоҕоостоох кэмнэргэ сюжекка киллэрэн геройдар уобарастарын дириҥэтэн, дьайыыларын ураты суолталаан биэрэр.
Айымньыга булка сыһыаннаах сиэри-туому кэһии эмиэ ойууланар. Ол курдук биир күн Тинькани эбээннэр үйэ тухары ытыктаан кэлбит тойон кѳтѳрдѳрүн ѳлѳрѳн аҕалар, улахан аньыыны-хараны оӊорор.
“ – Айыы! Бу тугу аҕаллыӊ? Киэр гына тарт!
— Манна эмиэ туох аньыыта хааламмыт үһү, — диэн Тинькани кыһалҕата суох саӊарда. – Сиэмэх кѳтѳр дии, ѳлүѳн ѳллѳҕѳ!
— Куһаҕанынан буулуоҕа. Киэр гына оҕус! – диэн Экичи күн диэки кѳрѳн кириэстэннэ. – Таӊара, абыраа! ” [3, с. 20].
Бу быһылаан эдэр киһи Тинькани элбэҕи билбэтиттэн-кѳрбѳтүттэн тахсыбытын ѳйдүүбүт. Этэйлэ оҕонньор “уолбун үчүгэйдик үѳрэппэтэхпин” диэн хараастар, үѳрэтэр-такайар тыла Тинькани этигэр-хааныгар иӊмэтэҕиттэн бэйэтин сэмэлэнэр.
Оттон Гарпуни чааркааныгар иҥнибит кырынааһы, маһынан охсуолаан ѳлѳрөр. Бултуйбут уол уонна аҕа кэпсэтиилэрин ааҕабыт:
“- Тоойуом, кырынааскын хайдах ѳлѳрдүӊ?
— Маһынан кырбаан.
— О, аньыы! – диэн Маркани соһуйда. Кини бултуйбут киһини мѳӊѳн хомотуон тардынна. Кырынааһы бэйэтэ сүллэ. Тириитин тиирэн хатарда. онтон уолугар тымтык маһынан ытык курдук хамсатан, кырынаас хампы барбыт тѳбѳтүн хайаҕаһынан мэйиитин булкуйтарда” [3, с. 122].
Бу сиэр-туом аньыыны бырастыы гыннарар сыаллаах оӊоһуллар. Уол кырынааһы кырбаабыта “мин чааркааммар тоҕо киирэн биэрдиӊ, аны киирбэт буол, кэһэй!” диэбиккэ тэӊнээх эбит.
Өссө биир түгэни болҕомтоҕо ылабыт. Мэӊдуни бултуу сылдьан кырса киирэн биэрбитин сыыһа ытан куоттаран кэбиһэр, онтукатыттан олуһун кыйаханар. Онуоха Маркани бу курдук үѳрэтэр: “Барбыт булка ымсыырбат куолута. Аньыы! Ити курдук, кэнниттэн хайгыы-хайыы сырыттаххытына, хайа да бэйэлээх булт, ѳссѳ хайҕалы ылаары, мэлдьи ымсыырдан куота эрэ сылдьар буолуоҕа. Киһи бэйэтин мѳлтѳҕүттэн, сатаабатыттан булду куоттарар” [3, с. 124].
Платон Ламутскай “Сир иччитэ” романыгар булт сиэрин-туомун ойуулааһын олус умсугутуулаахтык ойууламмыт. Ордук эһэни бултааһыӊӊа туһаныллар сиэр-туом толору арыллыбыт. Маны таһынан, булка сыһыаннаах сиэри-туому кэһии, аньыыны оӊоруу хас да холобурун кѳрдүбүт.
Болот Боотур “Сааскы дьыбардар” романыгар булт сиэрин-туомун ойуулааһын сүрүннээн Сэргэчээн, Аанча уобарастарын кытта ситимнэнэн ойууланар.
Аанча туһаҕар солоӊдо иӊнэн үѳрэн-кѳтѳн дьонугар эргиллэр. Онуоха ийэтэ хап-сабар сыа арыытын чааркаан диэки уунан эрдэҕинэ эһэлэрэ тохтотор. “Дьаабал баара, үѳрүүтүгэр ѳйѳ кѳтѳн, куолутунан, були тумсугар арыы аҕаары, чааркааӊӊа тарбачыстаҕа үһү. Арба, оһоҕостоох дьахтар булт тэрилин таарыйыа да атыллыа да суохтаах” [1, с. 13]. Оҕонньор бэйэтэ сыаны ылан уотун аһатар, алгыыр уонна солоӊдо тумсугар чугаһатан айах тутар. Кэлбит булду айах тутуу – биир ураты үгэс. Ѳссѳ да булт кэлэ турдун диэн ѳйдѳбүллээх.
Ромаӊӊа эбэлэрэ эмээхсин эһэни бултааһыӊӊа туттуллар сиэр-туом туһунан сиэттэригэр кэпсиир, үтүѳ үгэстэргэ үѳрэтэрэ айымньы биир суолталаах миэстэтинэн буолар. “Эһэни ѳлѳрдѳхтѳрүнэ араастаан алгыыллар, араас туомнары толороллор: “Эйигин биһиги ѳлѳрбѳтүбүт, суордар тырыта тыытан ѳлѳрдүлэр”, эбэтэр “бытыӊ наһаа элбээн, онтон харыстаан ѳлѳрдүбүт” дэһээччилэр. Эһэни ѳлѳрѳн кэллэххэ, оҕолор: “Хаарыан эһэбитин, абаҕабытын ѳлѳрбүккүт”, — диэн ытаһыах тустаахтар. Эһэ этин сиэх иннинэ, бастаан суор курдук хаһыытыах, эбэтэр кэҕэлии куукуктуох кэриӊнээххин. Оһоҕостоох дьахтарга, эбэтэр кыра оҕоҕо эһэ этин сиэтэр сатаммат: оҕо эһэ курдук киӊнээх, кыыһырдар эрэ часкыйа сылдьар буолааччы. Дьэ ол барыта эһэ киһини кытта уруулуу буоларыттан” [1, с. 31].
Бу кэрчиккэ кэпсэнэр сиэри-туому биһиги “Сир иччитэ” ромаӊӊа эмиэ бэлиэтии кѳрбүппүт. Марканилаах эһэни астыылларыгар суордуу хаһыытыыллар. Икки атахтаах уонна эһэ уруулуу буолаллар диэн итэҕэлинэн сиэттэрэн, суордар тырыта тыытан ѳлѳрдүлэр диэн суордуу хаһыытыыллар эбит. Икки атахтаахха эһэ ѳстүйбэтин туһугар.
Ромаӊӊа Сэргэчээн бултуйан кэлэр. Онуоха дьиэлээхтэр “Байанай кэллэ” диэт ааннарын тэлэччи аһан кэбиһэллэр, итэҕэл быһыытынан Байанайы дьиэҕэр киллэриэхтээххин. “Бүүчээннэрин сүлэн, астаан бүтэриэхтэригэр диэри наар ботугураһан кэпсэттилэр. Буолумуна, бу кэмӊэ бу тирии тордох иһигэр ытык ыалдьыт Байанай-Синкэнэ бэйэтинэн киирэн олордоҕо. Кини баарыгар бас баттах туттар, саӊарар табыллыбат. Ити түгэӊӊэ холобур, тимир солуур да кылдьыытын дэӊӊэ мүлчү тутан, “халыр” гыннардахха, соһуйан, куттанан, Байанай таһырдьа ыстаныа уонна аны биирдэ да киириэ суоҕа” [1, с. 109]. Булдунан эрэ айахтарын иитттинэн олорор ыал бу сиэри-туому хаһан да кэспэттэр, Байанайы эрэ хоргутуннарбат туһугар кыһаллаллар.
П.Ламутскай “Сир иччитэ”, Болот Боотур “Сааскы дьыбардар” романнарыгар кѳрбүппүтүнэн айылҕа оҕолоро – эбээннэр, булдунан ииттинэн олорор дьон, булт сиэрин-туомун хайаан да тутуһаллара ирдэнэр эбит. Эһэ – эбээннэргэ ытык кыыл буоларын быһыытынан, эһэни бултааһын, астааһын сиэрэ-туома романнарга иккиэннэригэр ураты ис хоһоонноохтук ойууламмыт. Эһэни ѳлѳрдѳххүнэ, хайдахтаах да ыксаллаах түгэӊӊэ сиэри ситэрэри умнуллуо суохтааҕа этиллэр. Итиэннэ, аҕа саастаах дьон бултуйдулар, эбэтэр тыаҕа таҕысталлар эрэ оҕолорун үѳрэтэ-такайа сылдьаллар. “Сир иччитэ” ромаӊӊа Этэйлэ оҕонньор, Маркани уолаттарын, “Сааскы дьыбардар” ромаӊӊа эбэлэрэ эмээхсин сиэттэрин үѳрэтэллэрин үгүстүк кѳрѳбүт. Бултаабыт, куоттарбыт булка, Баай Байанайга сыһыан үтүѳ ѳйдѳбүллэрин кэнэҕэски ыччаттарыгар тиэрдэргэ дьулуһалларын айымньылартан билэбит. Онон романнарга ойууланар сиэр-туом иитэр-үѳрэтэр суолтата улахан. Билиӊӊи кэмӊэ, хомойуох иһин, норуот үтүѳ үгэстэрин, булт сиэрин-туомун ыччат дьон соччо тутуспат буолла. Бу өттүттэн көрдөххө, айымньылар норуот үтүө үгэстэрин, ураты сиэрин-туомун илдьэ сылдьалларынан үйэлэргэ тоҕоостоох, суолталаах буолуохтарыгар саарбахтаабаппыт.
Литература
- Болот Боотур. Сааскы дьыбардар: роман. – Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1971. 456 с.
- Васильева, Д. Болот Боотур // Васильева Д. Умнуллубат ааттар. – Дьокуускай, 2000. – С. 79-87 ; Чолбон. – 1996. – № 2. – С. 56-59.
- Ламутскай П. Сир иччитэ: роман. – Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1987. 296 с.
- Окорокова В.Б. Автор первого эвенского романа // Окорокова В.Б.Сияние полярных огней. – Якутск, 2013. С. 98-111.
- Хазанкович Ю. Дух земли // Эвенская литература: Сборник / сост. В. Огрызко. – М.: Литературная Россия, 2005. — С. 226-238.
- Эрчимэн. “Сааскы дьыбардар” туһунан // Арай мин умайбат буолуум. — Дьокуускай: Кинигэ издат-вота, 1973. — 224 с.