Яковлева Алина Ивановна, СВФУ, ИЯКН, яо-14
Науч. руководитель: Сорова Ирина Николаевна
Андрей Васильевич Кривошапкин — биллиилээх эбээн суруйааччыта уонна поэта. Саха Республикатын биллиилээх общественнай-государственнай деятеля, Саха Республикатын төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарын Ассоциацияларын Бэрэссэдээтэлэ, республика Государственнай Мунньаҕын (Ил Түмэн) депутата.
Биһиги Андрей Васильевич Кривошапкин «Хара тыа хаһаайына» уонна «Уямкааннар хоту түһэллэр» диэн айымньыларын көрдүбүт. «Хара тыа хаһаайына» айымньы тэттик кэпсээннэртэн таҥыллан оҥоһуллубут сэһэн. Сүрүн герой Тормита — таба көрөөччү эбээн. Кини сорсуннаах булчут, мындыр сонордьут, бэргэн ытааччы эрэ буолбатах. Кривошапкин сөбүлүүр геройударын ортолоругар биир сүрүн миэстэни табаһыттар ылаллар. Ол сонун буолбатах. Табаһыт идэтэ киниэхэ чугас.[1]
Туох баар эбээн омугун сиэрин-туомун, хайдах бултуулларын, табаны иитэллэрин бу айымньыттан билиэххэ сөп.
«Уямкааннар хоту түһэллэр» айымньыга бастакы Аҥар муос диэн чубуку туһунан кэпсэнэр. Кини киһи илиититтэн өлбүтүн туһунан суруллар.
Бастакынан, Хара тыа хаһаайына диэн айымньыга тыллары көрдүбүт.
Малга-салга сыһыаннаах тыллар
Илим
Илим маһа — илим лабыаҕа, мас хотоҕос (деревянный поплавок сети) [2]
Илим муоһа — хотоҕос, илим хотоҕоһо (берестяной поплавок сети) [2]
Балык бөҕөтүн тутан илимэ долгулдьуйар.
Муоһа — бэриэччит табаны салайар ньуоҕу быа (ремень оленя-передовика в упряжи; вожжа) [2]
Наарта — салааска (санки для катания с гор или перевозки вручную небольших грузов) [2]
Булду барытын мин наартабар тиэй уонна быһалыы дьиэҕэр төнүн.
Сыарҕа — таһаҕас сыарҕатын кэннигэр нэлэччи түһэр, үөһээ өттүнэн кэтириир араама, сыарба кутуруга (расширенная кверху рама, наклонно укрепленная на задней части грузовых саҕай) [2]
Учаах(буочах) — ыт көлөҕө сыарҕаны соһор сүрүн быа (тяровый ремень в собачьей упряжки, потяг) [2]
Үүтээн — күүдээх (землеройка) [2]
Ындыы — таһаҕас (покладка, груз вообще) [2]
Уолаттар уучаабы уонна ындыы табаларын туттааннар, түргэнник хомунан бардылар.
Ыҥыыр
Ыҥыыр — таһаҕас ыҥыыра, хаҥха (вьючое седло) [2]
Тыынар тыыннаахха сыһыаннаах тыллар
Буур — аттаммыт көлүүр табата.
Сэргэйдиин кини таба үөрэ турар ыстаадатыгар тиийэн алта эмис бууру туттулар.
Ньуоҕуһут (эвенк. нēгаркăн) — трехгодовалый олень-бык [2]
Ньуоҕуһут табалара муустаах ууттан соччо куттаммат буолаллар.
Сокдьой — кыыл таба [4]
Кыыл табаны манна судургу сокдьой диэн ааттыыллар, булууттарга табыгаһа суох сиргэ тэччийэр.
Тугут — тайах оҕото (детеныш лося, лосенок) [2]
Бастакы тугут төрөөтүн кытта тута ол үөрүүлээх сураҕы рацияннан түһүлгэҕэ биллэрдилэр.
Иккиһинэн, «Уямкааннар хоту түһэллэр» айымньыга.
Малга-Салга сыһыаннаах тыллар
Имта – чубуку салыыр тааһа [5]
Мантан чугас имталаах сир баар.
Тыынар тыыннаахха сыһыаннаах тыллар
Уямкаан – чубуку [5]
Бу уямкааннар үөрдэрэ дьоҕускаан эбит.
Сутээнчэн – оҕолоох тыһы чубуку [5]
Бастакылара – аҥар муостаах кырдьаҕас сутээнчэн барыларыттан киһи хараҕар ордук быраҕыллар.
Бочикаан – чубуку быйылгы оҕото [5]
Аҥар Муос кэнниттэн кыракый бочикаана тиэтэйэн сүүһэ лоппоруҥнуур.
Гаанипа – чубуку былырыыҥҥы оҕото[5]
Боочикаан кэнниттэн убайа гаанипа үөр айанын букатын да таһаҕаска уурбакка иһэр.
«Хара тыа хаһаайына» айымньы сүрүн ис хоһоонун туһунан Дмитрий Кириллин эппит: «Хоту дойду хатыламмат кэрэ айылҕатын, манна олохтоох аҕыйах ахсааннаах төрүт нэһилиэнньэ маанылаах баайын — табаны харах харатын курдук харыстааһын буолар. Ол да иһин суруйааччы «таба баарын тухары — эбээн норуота баар буолуо» диэн бигэргэтэр». [4]
Ол курдук, эбээннэр тыынар тыыннаахха, малга-салга маннык курдук тыллары туттар эбиттэр. Былыр былыргаттан эбээннэр кыыллары олус сыаналыыллар. Ис дууһаларын ууран туран иитэллэр. Холобур, табата суох билигин эбээннэр сүппүт-симэлийбит буолуохтарын сөп этэ.
Онтон «Уямкааннар хоту түһэллэр» диэн айымньытыгар браконьерствоны утары туруу, айылҕа кыылларын харыстааһын көстөр. Айымньы сүрүн геройа Кириллов этэринэн: «Барахсаттары! Тыыннаах орпуттарын көрүүй! Николаев да буолларгын барыларын син кырпатаххын! Дьэ аны браконьердарга түбэһимэҥ. Өйдөнүҥ!» Бу айымньыларынан Кривошапкин тыынар тыыннаах төһө ытыктабыллааҕын, сыаналааҕын көрдөрбүт.
Литература
- Петрова, С.М. Эвенская литература в школах Республики Саха (Якутии) : Учеб. хрестоматия. — СПб. : отд-ние изд-ва «Просвещение», 1994.
- Диалектологический словарь якутского языка : Сост.: П.С.Афанасьев, М.С.Воронкин, М.П.Алексеев. — Москва — издательство «Наука», 1976.
- Эвенско-русский словарь, Роббек, В.А., Роббек М.Е. — Новосибирск — Наука, 2004, — С. 138
- Хара тыа хаһаайына / А.В.Кривошапкин; [Д.В.Кириллин аан тыла уонна тылб.]. — Дьокуускай: Бичик, 2005. — С. 51
- Оҕо сааһым табалара: Сэһэннэр/ А. Е. Естафьев уруһуйа. Якутсай : кинигэ изд-та, 1985