С.Курилов «Буурҕа» кэпсээнин поэтиката

21 августа 6:40

Елена Афанасьевна Архипова,

к.ф.н., доцент кафедры якутской литература ИЯКН СВФУ


Юкагир ини-бии суруйааччыларыттан улаханнара, талааннаах суруйааччы Семен Курилов «Буурҕа» диэн кэпсээнэ бастыҥ айымньыларга киирсэн, 2000 сыллаахха «Сүүрбэһис үйэ кэпсээнньиттэрэ» антологияҕа бэчээттэнэн турар. Бу айымньы сахалыы тылбааһын Н.Заболоцкай оҥорбута.

Кэпсээн кээмэйэ тэттик, эпилогтаах уонна «Мин эһэм оҕонньор кэпсээнэ» диэн быһаарыылаах. Уопсай сыанабыл быһыытынан эттэххэ, психологическай, күүстээх ойуулааһыннардаах, уус-уран тыллаах айымньы. Хотугу дьон олоҕун, сиэрин-майгытын, үгэстэрин билиһиннэрэр, дьиҥнээх олоххо буолбут түгэннэри кэпсииринэн итэҕэтиилээх.

Айымньыга икки кэм көстөр, уол билигин эһээтиттэн кэпсээн истэ олорор кэмэ уонна эһээтин оҕо эрдэхтээҕитэ, быһа холоон, Черскэй өлбүт сылынан (1892) сирдэттэххэ, XIX үйэ бүтүүтэ.

Ааҕааччы хотугу тема, юкагирдар олохторо кэпсэнэрин тута маннык тыллартан сэрэйэр: түөлбэ уонна юкагирдар тыллара аллараа быһаарыылаах бэриллэн иһэр — туона (муҥха түһэрэн балыктыыр сир аата), виска (Халыма тыла, күөлтэн өрүскэ түһэр сиэни ааттыыллар), одуул (юкагирдар бэйэлэрин итинник ааттаналлар), юкола (күн уотугар хатарыллыбыт эмис балык), хор (атыыр таба), малахай (бэргэһэ), дьон аата барыта юкагирдыы — Похтикан, Тонти, Пэлтэн, Папахай, Ивантэгэ, Чучухай.

Айымньыга хара ааныттан көлүөнэ ситимэ баара көстөр, кэпсээнтэн кэпсээн диэн формалаах. Манна 4 көлүөнэ юкагир дьоно көстөн ааһар: хос эһээ-эһээ-аҕа-уол (сиэн, субу кэпсээни суруйа олорооччу диэн өйдүүбүт). Ити үтүө үгэс. Эһээ оҕотугар буолан ааспыты уустаан-ураннаан кэпсиирэ. Мантан сиэттэрэн эбии ханнык үгэстэр, итэҕэл көстүүлэрэ баалларын бэлиэтиэххэ сөп: оҕону кыра эрдэҕиттэн бултка-алтка илдьэ сылдьыы, үөрэтии-такайыы, ыарахантан толлубат гына бэйэ холобурунан иитии, бастакы сүрэхтэнии — бэлиэ көстүү, аҕа уолун хайгыыра, бултаан кэлбит дьону көрсүү сиэрэ, ойууҥҥа сыһыан, киһи куһаҕан буоллаҕына онно туох сиэр-туом баара: чуумпуруу, бэргэһэни устуу, быраһаайдаһыы, аньыылаах-харалаах киһини ыраах, тэйиччи кистээһин, тааһынан баттатыы, үрэх тааһын хомуйууну аньыырҕааһын, ойуун өллөҕүнэ — өрүс ытыыр диэн өйдөбүл, ойууну-таҥараны тэҥҥэ итэҕэйэллэр (аҕата ойуун өлбүт диэн сэрэйэр уонна суолу быһа кириэс охсуна, мэлииппэ ботугуруу олорор), ойуун абааһылардаах диэн буолар, ойуун кыырыыта (1;323-324), элбэх ойуун баар эбит «уон үһүс ойууҥҥа кэлиилэригэр мин тулуйбакка утуйан хаалбыппын» (1;322), ойуун өллөҕүнэ киһини илдьэ барар диэн өйдөбүл (уолчаан сөбүлүүр кыыһын Чучухайы ойуун эһэтэ илдьэ барыа диэн куттаныыта), хаартынан сэрэбиэй кэбиһии уонна ону итэҕэйэн саха киһитэ ойууну тиһэх суолугар атаарса барсыыта (1;322).

Айымньы тыла-өһө олус баай, уус-уран. Элбэх сонун тэҥнэбиллэр бааллар: тыал торҕон бөрөлүү улуйда, чукча табаларын халыҥ үөрэ сырсан үллэҥнэһэн эрэллэрин курдук буолла, аҕам оҕо курдук өс киирбэхтик, тыал өһүрбүттүү араас куолаһынан улуйар. Маны тэҥэ олус үчүгэй метафоралар-тыыннааҕымсытыылар баалларын этэр тоҕоостоох. Улахан кутталга киирэн олорор оҕо хараҕар өрүс дьахтарга майгыннаан көстөр: «Өрүс миэхэ ким да уоскутан кыайбат буолбут, эрэйгэ-муҥҥа ылларбыт, ыксаан тыына-быара хааттаран, баттахтарын турута тыытына, илиитин анныгар туох түбэспитин барытын үлтү кумалыы турар аҕамсыйан эрэр юкагир дьахтарын санаппыта» (1;321).

Бэртээхэйдик мэтириэттэри ойуулаабыта баар, манна да тэҥнэбиллэри кэрэхсэбиллэхтик туттар: «Похтикан уонна Тонти баар-суох күүстэринэн түһэллэр, имнэрин уҥуоҕа кырыыланан дьүдьэйбит, сирэйдэрэ-харахтара таастыйбыт курдук буолан хаалла» (1;321). Эбэтэр ойуун мэтириэтэ: «…сарыы таҥаһын таҥнан баран, дьон ортотугар кэлэн турар эбит. Атына диэн, билигин кини аҕа ууһун муударай өйдөөх баһылыгын быһыытынан холкутук туттара уларыйан, атын дьон тэҥинэн сымнаан хаалбыт уонна туох эрэ кыһалҕаҕа түспүт көрүҥнээх. Ойуун күн уотуттан хараҕа симириҥниир буолбут, урут киниттэн хаһан да итинник мөлтөөн биэриини дьон көрбөт этилэр. Ол да буоллар уҥуоҕунан үрдүгэ, кырбас эти хайы баттаан кэбиспит курдук тэллэҕэр уоһа – бу киһи уратылааҕын туоһулуура» (1;323).

Психологизм күүстээх. Л.Я.Гинзбург этэр литературнай психологизма (2) айымньы саҕаланыаҕыттан баар. Дьиҥэр буурҕа түспэтэҕэ буоллар, барбыттарын курдук айаннаан дьиэлэригэр кэлиэх этилэр, онтон манна эмискэ өрүһүнэн устан истэхтэринэ буурҕа түһэн айанньыттары (балыксыттары) куттуур, ол түгэҥҥэ санаа оонньооһунун ааптар дьэ сатаан ойуулуур. Хас биирдиилэрэ тус туһунаннык быһыыланаллар, холобура оҕо: «Долгун үүннэр-үүнэн, кэтирээн, дириҥээн истэ. Оҥочону өрө кыыратан таһааран баран, дириҥ дьаамаҕа таҥнары эҕирийбэхтиир, оччоҕо тыыныҥ хаайтарар, хараҕыҥ бэйэтэ симиллэр, төбөҕөр араас ынырык санаалар киирэллэр. Мин бырааттарбын, бары урууларбын кытта, кинилэри араастаан таптыыр уонна хос ааттарынан ааттаан бырастыыластым» (1;320). Быыһанан баран, Тонти саҥата суох ытаан тыынын таһаарбыт буоллаҕына, Похтикан эрдиитин имэрийэн ыксаллаах түгэҥҥэ тостон хаалбатаҕын иһин махтанар (1;321). Оҕо психологията: «Мин өрүстэн биһиги аньыыта-харата суох дууһабытын быыһыырыгар көрдөстүм-ааттастым, өлбүт ойууну солбуйар улахан ойуун буолуом диэн тылбын биэрдим…» (1;321). Уолчаан сөбүлүүр кыыспын эһээтэ – улахан ойуун илдьэ барара буолуо диэн кутталыттан синигэр түһэн былыргы өбүгэтин үгэһин билэр эрээри кэһэн, иһигэр ойууну кытта үөхсэр (1;322). Онон психологическай түгэннэр бу кэпсээни күүһүрдэн, сытыырхатан биэрэллэр.

Айымньыга «На Бога надейся, а сам не плошай» диэн нуучча өһүн хоһоонун сахалыытын олус тоҕоостоох миэстэҕэ туттар. Буурҕа кэмигэр уолаттар туох баар сэниэлэринэн эрдинэллэр, таҥараттан да көрдөһөр бокуойдара суох, истэригэр син биир көрдөспүттэрэ буолуо диэн сэрэйэбит эрэ, ол гынан баран итинник ыксаллаах, мүччүргэннээх кэмҥэ төһө да үҥэр-сүктэр таҥараламмытын иһин бэйэҥ эмиэ түһэн биэрбэккэ тыыннаах хаалар туһугар охсуһуохтааххын диэн санаа этиллэр. Манна биир олох дьиҥин (факт, истина), хоту дойду уратытын саныахха сөп. Хотугу дьон сатаан харбаабаттар эбит, тоҕо диэтэххэ, мэлдьи тымныы буолан сөтүөлээбэттэр, муустаах ууга хайдах харбыаххыный, онон ууга түһэр түбэлтэҕэ тимирэр эрэ аакка бараллар.

Юкагир хараҕынан саха маннык көстөр: «Миколашка Черепов …көр-нар майгылаах, огдооботуйбут саха оҕонньоро, маннык дьон сахаларга аҕыйахтара суох уонна кинилэр, быһыыта, биһиги тыйыс тыыннаах кыраайбыт олохтоохторун санньыар санааларын чэпчэтэргэ үөскүүллэр» (1;321). Саха балаҕаннааҕа (1;321), оттон юкагир ураһаҕа (1;322) олороро эмиэ миэстэтигэр ахтыллан ааһар. Икки тус-туһунан омук уратыта.

Үөрэҕэ суох хотугу дьон нуучча айанньытын, үөрэхтээх, учуонай Черскэйи уонна кини дьиэ кэргэнин сорохтор салла, бэккиһии көрөллөр. Холобура уола Саша кинигэ ааҕарын көрө-көрө, оннооҕор кини кумааҕылыын кэпсэтэр дэһэллэр, кэргэнин Марфаны «эмиэ удаҕан дииллэр, үрэх дириҥин кэмниир, таастары хомуйар үһү» диэн сурах тарҕанар (1;323). Сорохтор санааларыгар, ордук уол аҕатын кыыһырбыт санаатыгар, Халыма нууччаны аһыйан буолбакка, киэргэлин, ол эбэтэр таастарын хомуйбуттарыттан өһүргэнэн быыппастыбыт дии саныыр (1;323). Манна наһаа күүстээх антропоморфизм, ол эбэтэр айылҕаны, тулалыыр эйгэни тыыннааҕымсытан өйдөөһүн көстөр.

Кэпсээн сүрүн чааһын бүтүүтэ оҕо психологията бэриллэр: кини ситэн өйдөөбөтөх, Халыма тоҕо буурҕа түһэрбитин. Черини кистээбит күннэригэр Халыма уоскуйбут, ону олохтоохтор Халыма кыыһыран, хомойон буурҕаланна дии санаабыттар, нууччалар биһигинниин Иван Черскэйи аһыйан дии санаабыттар… Түмүгү хас биирдии ааҕааччы бэйэтэ оҥостор.

Эпилогка икки үйэ, урукку кэм уонна саҥа үөрэхтээх кэм алтыһыыта этиллэр. Эһээ үһүйээн кэпсиирэ, сиэн уол үөрэхтэнэн ол үһүйээнтэн олох дьиҥнээх кырдьыгын, историческай түгэннэри булуута. Улахан нуучча ойууна диэн ааттыыр киһилэрэ реальнай киһи, олус үөрэхтээх, сайдыылаах, учуонай Иван Черскэй. Кини туһунан википедияттан справка. Кэпсээҥҥэ дьонун аата, көмүллүбүт сирэ чопчу ыйыллыбыт:

Иван Дементьевич Черский родился 3 (15) мая 1845, при крещении получил имя Яна Станислава Франтишка. В возрасте 10 лет потерял отца. По свидетельству Б. Дыбовского, после смерти отца воспитанием Яна и его старшей сестры Михалины занималась мать. Она обеспечила Яну хорошее домашнее образование, хотя заботилась в основном о «салонном» воспитании — обучении танцам, музыке и пр. По данным В. Ермоленко, перед поступлением в Виленскую гимназию И. Черский владел четырьмя иностранными языками — французским, немецким, английским и латынью, а по данным Национальной Библиотеки Беларуси он также играл на фортепиано и хорошо рисовал. С 1860 года И. Черский продолжил образование в Правительственном (Шляхетском) институте в Вильно.

1877–1881 — Геологическое, геоморфологическое и гидрологическое исследование всех берегов озера Байкал.

 1881 — Геологическая экспедиция по долине реки Селенги.

 1885 — Геологическое изучение Сибирского почтового тракта от озера Байкал до Уральского хребта

1891–1892 — Исследование берегов рек Лена, Колыма, Индигирка, Яна для комплексного изучения неисследованных областей Северо-Восточной Сибири.

Иван Дементьевич Черский скончался от туберкулёза 25 июня (7 июля) 1892, во время экспедиции в Северо-Восточную Сибирь. Был похоронен на берегу, в устье реки Омолон. Жена — Черская, Мавра Павловна (1857—1940) — исследователь Сибири. Сын — Черский, Александр Иванович (1879—1921) — орнитолог и натуралист, исследователь Дальнего Востока.

Түмүктээн эттэххэ, С.Н.Курилов «Буурҕа» кэпсээнин ааҕан кини талааннаах психолог суруйааччы буоларын көрөбүт уонна Халыма сүнньүнэн олорор аҕыйах ахсааннаах юкагир омук чэпчэкитэ суох олоҕун, үгэстэрин, урукку кэми билэбит, өйдүүбүт.

 

Литература:

  1. Сүүрбэһис үйэ кэпсээнньиттэрэ: саха прозаиктарын айымньыларын антологията. Дьокуускай: Бичик, 2000. — С. 320-324.
  2. Хализев, В.Е. Теория литературы. М., 2013. — 432.
  3. Черский И.Д. https://ru.wikipedia.org/wiki/Черский,_Иван_Дементьевич (проверено: 16 марта, 2016 г.)