КҮННҮК УУРАСТЫРАП КЭЛИҤҤИ ЛИРИКАТА. АЙЫЛҔА УОННА ОЛОХ ТУҺУНАН ХОҺООННОР

3 ноября 4:55

В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап кэлиҥҥи лирикатын уратытын “Тукулутта буоруттан” (1990), диэн поэт уһун үйэлээх, олус баай айар үлэтин түмүктүүр, хомуурунньугар көрөбүт. Кинигэҕэ уопсайа 60 тахса хоһоон уонна “Көтөр кынаттаахтар” поэма киирбит. Күннүк Уурастыырап поэзиятыгар үгүстүк дьыл араас кэмэ: саас, сайын хоһуйуллар. Кини олох эдэр сылдьан тулалыыр эйгэтин нарыннык тылынан ойуулаан тыыннаах көстүү оҥорор буоллаҕына, сааһыран иһиитин кытары айылҕа уратыларын кытта олоҕу сыаналыыр, анаарар ис хоһоонноох айымньылары суруйуута ситимнэнэр. Онон Күннүк Уурастыырап поэзиятыгар лирическай герой иэйиитэ бүүс бүтүннүү айылҕаттан айдарыылаах, айылҕа өйдөбүлүгэр ис хоһоонугар олус чугас. Кэлиҥҥи хоһоонноругар айылҕаттан көрдөһүү, киниэхэ сүгүрүйүү араас өрүттээх уобарастааһыннар нөҥүө киирэр.

Олох уонна айылҕа туһанан хоһооннор хомуурунньукка бэйэ-бэйэлэриттэн араарыллыбакка бииргэ көрдөрүллүбүттэр. Поэт олоҕун тиһэх сылларыгар таптыыр, ахтар айылҕатын уонна олорон ааспыт олоҕун үгүстүк ырыҥалыыра уонна айымньыларыгар уобарас быһыытынан киллэрэрэ. 

Күннүк Уурастыырап  поэзиятыгар Саха сиригэр, Амматыгар, Москва куоракка, Кавказка аналлаах хоһооннору булуохха сөп. Ол эрэн ханна да сырыттар таптыыр, ахтар эбэтэТукулутта буолар. Эбэтин туһунан долгутуулаах иэйиилээх тиһэх кэриэс хоһоонугар хоһуйар: 

Сүрэхтээххэ сөпсөтөр, 

Сүргэлээҕи көтөҕөр, 

Туйгунун, мааны мин эбэм 

Тукулутта барахсан 

Илин сарыал имигэр 

Иэйэ, сырдыы сыдьаайар, 

Абылаҥнаах мичилин 

Ама хайаан умнуомуй. 

(“Тукулутта эбэбин”) 

Суруйааччы айар идэ уонна олох тиэмэтин кэлиҥҥи лирикатыгар көрөбүт. Чулуу поэт бэйэтин идэтин олус үрдүктүк сыаналыыра, ол курдук эппиэттээхтик сыһыаннаһара, дьиҥнээх айар талаан сэдэҕин бигэтик өйдүүрэ. Кини бэйэтин кыаҕын, талаанын сэмэйдик сыаналанара. Ханнык да бэйэлээх поэт “ситэри, тилэри эттим, хоһуйдум” диирэ табыллыбатын өйдөтөрө: 

Оо, хаһан туох айбыт бэйэтэй, 

Ханнык күүс оҥорбут эбитэй, 

Бу сири, халлааны, киһини? –  

Тууратын булбатым итини. 

Тугунан, мин хайдах гынаммын, 

Тус чопчу таайыытын табаммын 

Тобулуом баарай бу күн аннын… 

(“Ыйытыы”) 

Ийэ дойду уобараһа Күннүк Уурастыырап кэлиҥҥи лирикатыгар ордук киэҥ философскай өйдөбүллээхтик ойууламмыт. Онон бу айымньыларга дойду уонна норуот холбоспут уобараһа көстөр. Ону таһынан, кэлиҥҥи хоһоонноругар айылҕаттан көрдөһүү, киниэхэ сүгүрүйүү араас өрүттээх уобарастааһыннар нөҥүө киирэр. Ол – булт умсулҕанын хоһуйар айымньыларга көстөр. В.М. Новиков бултааһыны кыдыйан, дьонтон ордук чорбойорго дьулуһуу быһыытынан хаһан да көрбөтөҕө. Бултааһын – ахтылҕаннаах айылҕатын кытта алтыһар сылтах, уоттаах салгынынан утаҕы ханнарар түгэн быһыытынан көрдөрүллэр. Эрдэтээҥи лирикатыгар көтөр-сүүрэр аймахтарын, доҕотторун кэриэтэ хоһуйуллар: 

Көмүстээх куорсуннаах аймаҕын, 

Көрбөтөх ыраатан, аҕынным. 

Чэ, кэпсээ, сэһэргээ, сиһилии 

Ким ханна, ким хайдах сылдьарын. 

(“Лоокууттуун кэпсэтии”) 

Оттон олоҕун тиһэх сылларыгар айылҕалыын алтыһыы дьикти түгэннэригэр дууһатын туттарбыт поэт сүрэх үөрүүтэ оҥостубут дьарыгыттан арахсар кэриэс хоһоонугар маннык строкалары хаалларбыта: 

Сааскы күн отууга хонорум! 

Сааланыы аны дьэ бүттэҕэ, 

Саас ылан,уурайыы кэллэҕэ… 

Үчүгэй даҕаны буолара 

Үрэххэ муус бара турара. 

Таптыыр дьарыгыттан кырдьан арахсан эрэр киһи дириҥ кутурҕан, хомолто тылларын ыһыктыан сөп курдуга. Ол эрээри, кини хаһан да төһө да ыарахан ыарыыга ыллардар кэмсинии, муҥурданыы, суланыы поэта буолбатаҕа.

“Лоокууттуун кэпсэтии” диэн балладыттан саҕалаан бу дойдуттан барыан аҕыйах сыл иннинэ айбыт “Көтөр кынаттаахтар” диэн поэматыгар Күннүк Уурастыырап айылҕа маанылаах оҕолорун – көтөрдөр-сүүрэрдэр тустарынан истиҥ-иһирэх тыллары этэн хаалларбыта. Поэмаҕа уопсайа 44 чыычаах арааһа хоһуйуллубут. Ону таһынан, хайдах дьыл иһэрин билэр бит-билгэ ойууланар. Бу поэмата оҕолорго бэйэтэ “энциклопедия” буолар кыахтаах айымньы. Поэт уһун үйэтигэр иҥэриммит өйдөбүлэ, сырдык санаата-оноото халбаҥнаабатын хайҕыахха эрэ сөп [4; 22]: 

Айылҕабыт, аан дойдубут 

Баар-суох мааны оҕолоро, 

Икки атах бар дьоннорбут 

Истиҥ, бастыҥ доҕотторо –  

Бары көтөр кынаттаахтар… 

(“Көтөр кынаттаахтар”)  

В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап кэлиҥҥи лирикатыгар айылҕа уонна олох туһунан хоһооннорун уратытын чинчийэн баран, маннык түмүккэ кэллибит: 

  1. Күннүк Уурастыырап кэлиҥҥи хоһоонноругар айылҕаттан көрдөһүү, киниэхэ сүгүрүйүү араас өрүттээх уобарастааһыннар нөҥүө киирэр;
  2. Олох уонна айылҕа туһанан хоһооннор хомуурунньукка бэйэ-бэйэлэриттэн араарыллыбакка бииргэ көрдөрүллүбүттэр. Поэт олоҕун тиһэх сылларыгар таптыыр, ахтар айылҕатын уонна олорон ааспыт олоҕун үгүстүк ырыҥалыыра уонна айымньыларыгар уобарас быһыытынан киллэрэрэ;
  3. Ийэ дойду уобараһа Күннүк Уурастыырап кэлиҥҥи лирикатыгар ордук киэҥ философскай өйдөбүллээхтик ойууламмыт; 
  4. В.М. Новиков поэзията ханнык да ыарахан түгэҥҥэ өрүү сырдык сыдьаайдаах поэзия буолар;
  5. Суруйааччы айар идэ уонна олох тиэмэтин кэлиҥҥи лирикатыгар көрөбүт. Эдэр көлүөнэ суруйаачыыларга поэзия тыл искусствота буоларын өйдөөн туран суруйалларыгар ыҥырар.

Туһаныллыбыт литература

  1. Канаев Н.П. Күннүк Уурастыырап айымньыта. – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1968. – 160 с.
  2. Спиридонов И.Г. Аар тайҕа абылаҥа. – Дьокускай: “Сахаполиграфиздат”, 1995 – 88 с.
  3. Спиридонов И.Г. Литературабыт бэҕэһээ уонна бүгүн. – Дьокуускай: “Бичик” национальнай кинигэ кыһата, 1995. — 206 с.
  4. Уурастыырап К. Тукулутта буоруттан. – Якутскай: Кинигэ издательствота, 1990 – 96 с.

 Literature

  1. Kanaev N.P. Kүnnүk Uurastyyrap ajymn’yta. – Jakutskaj: Saha sirinjejeҕi kinigje izdatel’stvota, 1968. – 160 s.
  2. Spiridonov I.G. Aar tajҕa abylaҥa. – D’okuskaj: “Sahapoligrafizdat”, 1995 – 88 s.
  3. Spiridonov I.G. Literaturabyt bjeҕjeһjeje uonna bүgүn. – D’okuuskaj: “Bichik” nacional’naj kinigje kyһata, 1995. — 206 s.
  4. Uurastyyrap K. Tukulutta buoruttan. – Jakutskaj: Kinigje izdatel’stvota, 1990 – 96 s.