Образ осени в лирике Дмитрия Апросимова

27 сентября 8:12

821.512.212.09Апросимов

Прокопьева С.В.,

Северо-Восточный Федеральный университет имени М.К. Аммосова, г. Якутск,

saas07@mail.ru

Научный рук.: Л.П. Григорьева, к.ф.н., доцент СВФУ


 

Дмитрий Апросимов 1999 сыллаахха тахсыбыт «Утум» диэн кинигэтигэр «Сүүрээн» (1968), «Үс үрүйэ» (1978), «Куралай Кустук» (1983), «Күндэли» (1985) диэн урут тахсыбыт хомуурунньуктара, араас сурунаалларга, хаһыаттарга бэчээттэммит уонна урут тахсыбатах айымньылара киирбиттэрэ. Дмитрий Апросимов айылҕаттан айдарыылаах худуоһунньук буолан, хоһоонноро ураты тыыннаахтар. Кини тугу барытын өӊүнэн, кыраасканан дьүһүйэр, сүрдээх уйан дууһалаах, атын киһи бэлиэтии көрбөтүн көрөр, кыраҕы харахтаах дьоҕурдаах поэт.

Дмитрий Апросимов саамай сөбүлүүр дьылын кэминэн күһүн буолар эбит диэн санааҕа кэлэммит, кини лирикатыгар күһүн уобараһын арыйарга холоннубут. Поэт «Утум» кинигэтигэр барыта 115 хоһоон баар, ол иһигэр 34 хоһоон айылҕаны хоһуйууга анаммыт. Оттон күһүнү, күһүҥҥү айылҕаны Дмитрий Апросимов 9 хоһоонугар хоһуйбут.

Халлаан сирдии чап – чаҕылхай –

Үчүгэйкээн көмүс күһүн!

Хаһаас арыылыы саһархай,

Хамсыы, ыллыы турар хатыӊ 

(“Күһүн”)

Таптыыбын Эдьээним хомустаах күөлүгэр

Былыттыы халыйан ааһар кус түһэрин.

Күһүӊӊү сарсыарда айгыстар туманын

Сипсиэр тыал саҕахха үүрэрин.

 (“Күһүн Эдьээммэр”)

Курустаал иһиттии

Лыӊкыныы түһүөхтүк,

Күһүӊӊү күөх халлаан

Күлүмнүү дьэӊкэрэр!..

(«Күһүӊӊү көстүүлэр»)

 

Күһүн тэттик, мааны хатыӊ

Саһыл сонун кэтэн, ыраах

Сүктэ баран иһэр кыыстыы,

                     Саһарҕаҕа сандаарыйар.                  

(“Көмүс күһүн”)

 

Поэт уус-уран уобарастааһын (эпитет, метафора, тыыннаҕымсытыы,  тэӊнээһин) көмөтүнэн киһи хараҕар көстөн кэлэрдии олус чуолкайдык күһүӊӊү айылҕаны ойуулуур, уобараһын тыыннаах оӊорор: “күндэлэс халлааны”, “үчүгэйкээн көмүс күһүн!”, “айгыстар туманын”, “чаҕылхай сарпалар”. Дмитрий Апросимов ордук уобараһын арыйарыгар тэӊнэбил ньыманы хото туттар эбит. Холобура: “Былыт уорҕатыгар быаны тарпыттыы”, “Хаһаас арыылыы саһархай”, “Курустаал иһиттии… күлүмнүү дьэӊкэрэр!..”, “ Сүктэ баран иһэр кыыстыы, саһарҕаҕа сандаарыйар”. Мантан көстөрүнэн, Дмитрий Апросимов күһүнэ курус, санаа түһүүлээх буолбакка, төттөрүтүн, кини айылҕаны кэрэ, ураты тыыннаах оӊорор, дьоӊӊо дьолу, үөрүүнү кынаттыыр.  Ааптар күһүнү ис дууһатыттан таптыыр, кини кутун абылыыр уостубат күүһүгэр бэринэр.

Мантан сиэттэрэн, Д.Апросимов күһүнүн уобараһын чопчулаары, саха народнай поэтын Семен Данилов күһүнүн уобараһын кытта тэҥнээн көрөргө сананныбыт.

Народнай поэт Семен Петрович Данилов Саха сирин хотугу норуоттарын – эбээннэр, юкагирдар, эбэҥкилэр суруйааччыларын түмэн, кинилэр айымньыларын сахалыы, нууччалыы тылбаастааһыны тэрийэн-салайан, улаханнык көмөлөспүтэ биллэр [1, с. 298].  Дмитрий Апросимов Семен Даниловтыын Якутскайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэнэ сылдьан билсибитэ. Ол туһунан маннык ахтан суруйбута: “Уопсайынан, училищеҕа үөрэнэ сылдьан хоһоон суруйарым биллибитэ. Аан бастаан миигин поэт буолууһуккун диэбит, уһуйбут киһи – народнай поэт Семен Петрович Данилов. Кини кылгас кэмӊэ училищеҕа учууталлыы сылдьыбыта, литературнай куруһуогу салайбыта. Семен Данилов көмөтүнэн, сүбэтинэн “Потоцкая уӊуоҕар” диэн хоһоону тылбаастаабытым уонна 1958 сыллаахха “Кини ыллаата мин иннибэр” диэн хоһоонум “Хотугу сулуска” тахсыбыта” [2, с. 302].

Семен Данилов бэйэтэ суруйарынан: “Санаан көрдөхпүнэ: миэхэ күһүн туһунан хоһоон олус үгүс эбит. Мин дьыл кэмиттэн күһүнү ордук таптыыр быһыылаахпын… Баҕарабын мин күһүн өлүөхпүн. Ийэ айылҕабын кытта киэӊник-холкутук бырастыылаһан баран, эһэ арҕахха иһийэ киирэринии,  ийэ буорбар киириэхпин. Мин саас айылҕа уһуктуута күн сирин көрбүппүн. Айылҕа кэхтиитэ күн сириттэн барыахтаахпын. Дьоллоох дьон күһүн өлөллөр”. [8] Поэт кэлиӊӊи хомуурунньуктарыгар 20 хоһоон күһүнү хоһуйууга анаммыт (“Күһүӊӊү хоһоон”, “Күһүн”, “Күһүн көмүһэ”, “Күһүӊӊү хаһыӊнар”, “Эмиэ күһүнүм мунчаара”,  “Күһүнү көрсө”, “Көмүс күһүн”,  “Балаҕан ыйын тыаллаах түүнэ”, “Күһүӊӊү суол сиидэс курдук”,  “Күһүӊӊү түүн”, “Күһүӊӊү сарсыарда”, “Атырдьах ыйа”, “Күһүӊӊү”, “Бастакы хааро.д.а.).

Миигин өрүү долгутар

Күһүӊӊү тыам нам-намыын

Куру – һары чуумпута     

(“Күһүн”)

 

Кэрэ – куру күһүӊӊү киэһэлэргэ

Ый быыһа хараӊаҕа,

Чуумпуга чуӊкуйууга,

Сааһырбыт, олох олорбут киһиэхэ

Ыалдьыттыыллар ахтыылар,

Ааспыты ырытыылар…

(“Кэри-куру күһүӊӊү киэһэлэргэ”)

 

Күһүӊӊү суол, сиидэс курдук,

Сэбирдэҕинэн симэммит…

Эдэрбитигэр холкутук

Бу кэрэни тэпсэрбит 

(“Күһүӊӊү суол сиидэс курдук”)

 

Олохпунуун аахсан аахсан

Олус даҕаны сылайдым.

Мин күөх тэтиӊим барахсаан,

Эн наскылгар наадыйдым.

 (“Күһүӊӊү хоһоон”)

 

Көмүс күһүн.

Көмүс кынат.

Санаам күүһүн

Сүһүөх уйбат…

 (“Көмүс күһүн”)

Дмитрий Апросимов лирикатын кытта тэӊнээтэххэ, мин санаабар, Семен Данилов күһүӊӊү лириката арыый да санаа түһүүлээх матыыбынан суруллубут. Кини күһүнэ сааһырбыт, олоҕу олорбут киһи уобараһын кытта ситимнээх курдук. Холобура, “Сааһырбыт, олох олорбут киһиэхэ ыалдьыттыыллар ахтыылар”, “эдэрбитигэр холкутук бу кэрэни тэпсэрбит” “кырдьар сааспар мин маннык холку, намыын буолларбын (күһүӊӊэ тэӊниир), “Олохпунуун аахсан аахсан, олус даҕаны сылайдым”, “Санаам күүһүн сүһүөх уйбат…”.

Семен Данилов бэйэтин лирикатын  үс кэрдиис кэмӊэ араарын уонна кэлиӊӊи  поэзиятын туһунан маннык суруйбута биллэр: “Арыт буоллаҕына 50 сааспын туолан баран суруйбут хоһооннорбун дьиксинэ саныыбын: кырдьан, өйүм-сүрэҕим уостан, сылайан муот хоһооннору суруйбутум буолаарай?” – диэн. Ол гынан баран дууһам саамай дириӊ түгэҕэр: “Хата, кэнники уон сыллааҕы хоһооннорум ордук номоҕоннор, түс бастар, ордук тыыппалаахтар”, — диир санаа бигэтик сөӊөн сытар”. “Лирика үксүгэр муударас. Сүрэх муудараһа. Сааһырбыт киһи лириката ити өттүнэн күүстээх”. Ону литературовед В.Б. Окорокова: “С.Данилов бу олох туһунан туох баар санаалара-оноолоро түмүллүбүт хоһооннорун сөпкө өйдөөн сыаналаабыт”, – диэн бэлиэтиир [10, с. 99].

Саха народнай поэта Семен Данилов уонна эбэӊки суруйааччыта Дмитрий Апросимов иккиэн дьыл кэмиттэн күһүнү ордук, уратытык таптыылларыгар бүк итэҕэйдим. Кинилэр иккиэн күһүн бултуулларын, айылҕаҕа сынньаналларын ордороллор эбит. Маны таһынан, айар куттаах дьон быһыытынан иэйиилэрэ күһүн күүһүрэрэ саарбаҕа суох. Семен Данилов эппитинии: “күһүн мин айылҕаны кытта алтыһар, силбэһэр кэмим эбит. Күһүн хайаан даҕаны айылҕаҕа тахсабын, кинини кытта булчут быһыытынан, кини төрөппүт оҕотун быһыытынан, ол эрэ кэнниттэн поэт быһыытынан үөрэ-көтө , астына көрсүһэбин…” [8].

Тэӊнээһин түмүгүнэн, Дмитрий Апросимов хоту үөскээбит киһи буолан, айылҕалыын ордук чугастык алтыспыта хоһоонноругар көстөр. Дмитрий Апросимов этэринэн, айылҕа – дьиӊнээх киһи, кини дууһалаах, сүрэхтээх, тыллаах. Кырдьык, кини хоһоонноругар ааҕааччы айылҕаны тыыннаах киһи курдук ылынар. Кини күһүӊӊү лириката ардыгар  кэрэ сэбэрэлээх инникигэ эрэли түстүүр эдэркээн кыыһы (Саһыл сонун кэтэн, ыраах/Сүктэ баран иһэр кыыстыы) эбэтэр толору астаах-үөллээх мааны далбар хотун дьахтар уобараһын ылынар диэн санааҕа кэллибит. Оттон  Семен Данилов күһүӊӊү айылҕата сааһырбыт, олоҕу олорбут киһи, о.э. народнай поэт бэйэтин уобараһын арыйар курдук. Күһүн туһунан хоһооннор суруллубут кэмнэрин чуолкайдаатахха, Семен Данилов 1960-70-с сылларга, оттон Дмитрий Апросимов 1970-80-с сылларга, о.э. айар үлэлэрин тиһэх кэрдиис кэмнэригэр күһүн туһунан хоһооннору айбыттар. Биһиги бу үлэбитинэн күһүнү, күһүҥҥү айылҕаны хоһуйуу хас биирдии поэкка уратытын көрдөрдүбүт уонна Дмитрий Апросимов күһүнүн уобараһын чопчулаатыбыт.

Туһаныллыбыт литература


  1. Аввакумов П.Д., Сыромятников Г.С. Семен Данилов туһунан ахтыылар: ахтыылар / П.Д. Аввакумов, Г.С. Сыромятников. – Якутск: Якутское книжное издательство, 1983. 300 с.
  2. Апросимов  Д.Н. Утум: хоһооннор, номохтор, ахтыылар  / Д.Н. Апросимов.– Дьокуускай: Бичик, 1999. 352 с.
  3. Апросимов Д.Н. Завещание предков: Стихи, проза. Перевод с якутского /Иллюстр. Т.Степанова, А.А. Апросимова. – Якутск: Кудук, 2000.  104 с.
  4. Апросимов Д.Н. Иччилээх өтөх: сэһэн, кэпсээннэр, сэһэн-очерк, ахтыылар  / Худож. Дь. А. Бойтунов. – Дьокуускай: Бичик, 2004. 192 с.
  5. Архипова Е.А. Хоһоонунан айымньы тутулун ырытыы / Е.А. Архипова. – Дьокуускай, 42 с.
  6. Данилов С.П. Айымньылар/ Семен Данилов; [редкол.: Ф.В. Габышева, Н.Е. Винокуров – Урсун (эппиэттиир ред.)]. – Дьокуускай: Бичик, 2012. – 304 с.
  7. Данилов С.П. Талыллыбыт айымньылар – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1985. -342 с.
  8. Данилов С.П. Чахчылар уонна санаалар // Чолбон. №2.
  9. Окорокова В.Б. Сияние полярных огней. – Дьокуускай: Бичик, 2013. 176 с.
  10. Окорокова В.Б. Саха литертурата үйэлэр кирбиилэригэр: Ыстатыйалар / М.Г. Старостин ойуута. – Дьокуускай: Бичик, 2000. – 160 с.
  11. Хазанкович Ю.Г. Поэты не рождаются случайно… (Творчество Д.Н. Апросимова). – Якутск: Бичик, 2009. 64 с.
  12. Хазанкович Ю.Г. Эвенкийская литература: Учебное пособие. / Ю.Г. Хазанкович. – М.: МАКС Пресс, 2002. 120 с.