УДК 821.512.211.09+
929 Ламутский
Тимофеева Л.Г.,
Северо-восточный федеральный университет, Якутск
timluda2012@yandex.ru
Научный руководитель: Архипова Е.А., доцент, к.ф.н.
Эбээн литературатын классик суруйааччыта, поэт, прозаик, ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Саха АССР Культуратын Үтүөлээх үлэһитэ, учуутал Платон Афанасьевич Степанов-Ламутскай олоҕун, айар үлэтин бүтүннүүтүн төрөөбүт норуотугар анаабыта. Доҕотторо, үөлээннээхтэрэ ахталларынан өйдүүн-санаалыын, туттан-хаптан сылдьардыын, тыллыын-өстүүн дьиҥнээх эбээн омук киһитэ этэ [2, 5]. Платон Ламутскай эбээн литературатын төрүттээччилэрэ — Николай Тарабукин уонна биллиилээх поэт Василий Лебедев — саҕалаабыт үтүө үгэстэрин салҕаабыта. Эбээн литературата сайдыытыгар сүҥкэн өҥөлөөх.
Платон Ламутскай чахчы норуотун төлкөтүнэн төлкөлөнөн [1] чаҕылхай олоҕу олорон ааспыт киһи буолар. Ону “Сырдыкка айан” диэн кинигэтигэр бэчээттэммит бэйэтин санааларын тиспит бэлиэтээһиннэриттэн уонна ахтыыларыттан билиэххэ сөп. “Сырдыкка айан” диэн кинигэни 1993 сыллаахха доҕоро, суруйааччы Степан Дадаскинов тылбаастаан таһааттарбыта. Платон Ламутскай бэлиэтээһиннэригэр чукча улуу суруйааччыта Юрий Рытхэу “Время таяния снегов” диэн автобиографическай айымньытын аахпытын туһунан суруйар [2, 48]. Бу айымньы эбээн суруйааччытыгар бэйэтин ааспыт оҕо сааһын, оскуолаҕа үөрэммит сылларын, олох ортотугар, үлэ үөһүгэр сылдьыбыт кэмнэрин иккистээн эргитэн элбэҕи санаттаҕа уонна ахтыы суруйарыгар төрүөт буоллаҕа.
Эбээннэргэ үгэс быһыытынан бастакы суруйааччылар бэйэлэрин олохторун автобиографическай хабааннаахтык суруйаллар эбит. Ол төрүөтүнэн норуокка кыра омук олоҕун-дьаһаҕын туһунан биллэрии, истиҥ иһирэх ахтыылары хаалларыы, бэйэлэрэ билбит суолларын кэпсээһин буолуон сөп. Платон Ламутскай ахтыыларыгар оҕо сааһын, оскуолатааҕы сылларын, Муомаҕа сылдьан сырдык үөрэх кыымын күөдьүтүспүт кэмнэрин туһунан суруйар. Кини төрөөбүт сураҕын истэн эһэтэ оҕонньор кыыһырар: “Бу кыһалҕа саҕана, буолаары буолан, тымныы үгэнигэр. Аһатар астаахпыт дуу, таҥыннарар таҥастаахпыт дуу?!” Платон Ламутскай “үрүйэлэр хаар анныгар сытар, халтаҥнаабат хайалар чочурааттара санааргыы иһийэр” кыһалҕалаах кэмҥэ күн сирин көрбүтэ. Сааһын ситэ туола илигинэ сотуун ыарыы туран, Алдан уонна Лена диэки олохтоох эбээннэр табалара ньимси эстибит. Дьоно сатыы кэриэтэ айаннаан, Нам түбэтин булбуттар. Түөрт сааһыгар диэри Намҥа олорон сахалыы эрэ саҥарар-иҥэрэр киһи буолбут. Кэлин дойдутугар көһөн баран ийэ тылын этигэр-хааныгар кытаанахтык иҥэриммит. Ол туһунан ахтыытыгар маннык суруйар: “Ийэм тыла буолан, саҥардахха босхотунан, эттэххэ улгумунан, истэргэ сылааһынан эвен тылыттан күндү суоҕун билбитим”. Сэттэ саастааҕар Николай-Нюку Кейметиновтан оскуола арыллар сураҕын истэн наһаа үөрэр, онтон ыла үөрэниэх санаата күүһүрэн испитэ. Оскуолаҕа бастаан кэлбитигэр учуутала чэйдэппит. Минньигэс саахары, арыылаах лэппиэскэни уонна кэмпиэти биэрбит. Учууталлара оскуолаҕа үөрэннэххитинэ өрүү маннык аһыаххыт диэн бастакы мэҥиэ быраҕан, умсугутан, үөрэххэ уһуйуу саҕаламмыт. Иккис кэлиитигэр харандаас, тэтэрээт биэртэлээбит. Тэтэрээт уонна боростуой харандаас үчүгэйдик үөрэнэргэ иккис мэҥиэ – уһуйуу эбит. Онтон кырааска харандааска тиксэргэ өссө үчүгэйдик үөрэниэхтээх эбит. Оскуолаҕа сылдьан Платон Ламутскай пионер буолбут. Пионерскай этэрээт соругун толорон үөрэҕэ суохтары үөрэхтээһиҥҥэ, пионерскай үлэҕэ хайдах сатыырынан тэрийсэн барбыта. Ити курдук оскуоланы бүтэрэн 14 саастааҕар Якутскайдааҕы педагогическай училищеҕа киирбитэ. 17 сааһыгар учуутал идэтин бүтэрэн Сиэгэн Күөлгэ учууталлыы барбыта. Сиэгэн Күөлгэ биир сыл учууталлаан баран ыраах Муомаҕа омугун оҕолорун үөрэтэ, эвеннии оскуоланы аһарга ананан барбыта. Муома сирэ Платон Ламутскай олоҕор улахан суолталаах буолбута. Манна кини кэргэнинээн Евдокиялыын билсибитэ, бастакы оҕото, уола Юрий төрөөбүтэ. Комсомолга киирэн улахан дьоннору үөрэхтээһиҥҥэ, хотоннору дьиэлэртэн араарыыга, колхоз тэрийсиитигэр үлэлэспитэ. Платон Ламутскай ахтыыларыгар Советскай олох дьоллоох күннэригэр эбээн норуота атын норуоттары кытта холбоһон бэйэтин култууратын сайыннарыытын, олоҕу тутууга активнайдык ылсыытын көрдөрөр, кэпсиир.
Доҕоро Степан Дадаскинов ааҕааччыга туһалаатын, оччотооҕу кэми өйдүүрүгэр көмө буоллун диэн поэт сүүсчэкэ дневнигиттэн талан бэлиэтээһиннэри киллэрбит. Бу бэлиэтээһиннэртэн Платон Ламутскай инникигэ былааннарын, олоҕу көрүүтүн, эдэр ыччакка сүбэлэрин, эбээн үгэстэрин, таптал туһунан билиэххэ сөп.
Платон Ламутскай сэбиэскэйдии санаалаах, иитиилээх этэ. Оччотооҕу олох туһунан кырдьыктаахтык суруйан хаалларбыт ахтыылара үрдүк историографическай суолталаахтар. Былыргы үөрэҕэ суох эбээн олоҕун-дьаһаҕын үөрэхтэнэн-сайдан баран, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдибитэ. Платон Ламутскай эбээнин норуотун наһаа таптыыра, култуурата сайдарыгар баҕарара. Кини суруйааччы эрэ буолбатах этэ. Эбээн норуотун култууратын хомуйбут, сайыннарбыт улахан өҥөлөөх. Бары өттүттэн дэгиттэр талааннаах, ыҥырыкка сылдьар музыкант, ааттаах үҥкүүһүт, мас ууһа, саахыматчыт.
Киһи бэйэтин холобура ордук күүстээх уонна умсулҕаннаах.
Литература
- Ламутскай, П.А. Сырдыкка айан: Ахтыылар, ыстатыйалар, хоһооннор, пьеса. — Дьокуускай: Бичик, 1993. — 160 с.
- Сахалыы бикипиэдьийэ https://sah.wikipedia.org/wiki/Степанов_Платон_Афанасьевич_–_Ламутскай