Н.Габышев кэпсээннэригэр хоту дойду темата

1 сентября 2:04

УДК 821.512.157.09

Алексеева Айыына Аркадьевна,

аспирант кафедры якутской литературы

ИЯКН СВ РФ СВФУ.

Научный руководитель:

Окорокова Варвара Борисовна, д.ф.н.

Үлэлээбит үлэтинэн, дьарыгынан киэҥ эйгэлээх улахан личность Николай Алексеевич Габышев сахаҕа кэпсээн маастарын быhыытынан биллэр. Кини кэпсээн жанр быhыытынан кыаҕын муҥутуурдук туhанан, олоҕу дириҥник ойуулаабыт, кэпсээн бары өттүнэн чаҕылхай холобурдарын айан хаалларбыт суруйааччы буолар.

Кини оҕо сылдьан, Амма Аччыгыйын ааҕа олорон суруйааччы буоларга бигэтик быhаарыммыт эбит. Онно сөхпүт иэйиитин олоҕун тухары умнубат: «Мин манна суруйааччы ойуулууругар ымсыырбыппын! Мин манна өйдөөбүтүм – кэпсээни суруйар син ойууну быhар курдук уустугун. (….) Чахчы баҕарбытым, билбитим – суруйааччы буолуом, маннык суруйуом!».[1] Итинник кини 4-с кылааска сылдьан быhаарыммыт. Онтон бастакы кэпсээнин 25 сааһыгар биирдэ, 1947 сыллаахха «Хотугу сулуска» бэчээттэтэр. Ол аата, быhаарыныаҕыттан балачча кэм ааспытын кэннэ (15 сыл кэнниттэн) айымньытын киэҥ эйгэҕэ таhаарар. Тута таһаарыылаахтык айан-тутан, бэчээттэнэн барбатах.  Бу төрүөтүн кини интервьюларыгар, ыстатыйаларыгар быhаарарнынан, суруйааччы бэйэтэ билбитигэр-көрбүтүгэр олоҕуран, “дьоҥҥо кэпсиирдээх” буоллаҕына суруйуохтаах диир: «Тема суоҕа… Туох да туhунан суруйарым суоҕа…»[2]. Ол курдук Н. Габышев үөрэҕин бүтэрэн, хоту дойдуга Аллайыаха оройуонугар учууталынан ананан тиийбитигэр эрэ, дьэ, кини кэпсээннэрин геройдара, темалара бэйэлэринэн кэлэн биэрбиттэр, бу хоту сиргэ тиийэн кини талаана арыллар, ити кэмтэн ыла суруйбутунан барар, айар үлэ абылаҥар күүскэ ылларан, кэпсээнньит быhыытынан норуокка биллэн барар. Айар үлэтэ хоту сир тыыныттан силис тардыбыт диэн этиэхпитин сөп. Биллэн турар, ол кини айымньыларыгар курдаттыы көстөр: хотугу дойду дьонугар, айылҕатыгар таптала. Ол курдук, Н. Габышев литератураҕа икки темаҕа сорук оҥостон үлэлээбит: таптал уонна хоту дойду. Биир интервьюга этэр: “Хотугу дьону халы-мааргытык ойуулаан көрдөрүү баара. Мин маны күүскэ утарбытым. Хотунан дьону куттууллара. Оттон мин таптаан, биhирээн ойуулуубун”, — диэн.[3] Бу темаҕа “Оо, хоту, хоту!”, “Хотугу оҕо”, “Кэтэ балык”, “Ыҥырыллыбатах ыалдьыттар” , “Үрүҥ дьол”, “Ахтылҕан”, “Балыксыттар”, о.д.а. кэпсээннэрин айбыта. Кинини үөлээннээхтэрэ “Хотугу кыраай ырыаhыта” диэн ааттаабыттара. Н.Габышев айымньыларыгар туундара муҥутуур кэрэ, эҥкилэ суох ыраас дойду буолан арыллар. Биир кэпсээнин геройун туhунан этиллэр: “Саамай сүрэҕин аалара – туундара ахтылҕана. Бу санаатахха, хоту эбит үрдүк халлаан, киhи хараҕа ылбат киэҥэ, эйгэтэ, сүөгэй ыраас салгын, үүт маҥан хаар, булт, балык, чуумпу олох”. (“Ахтылҕан 235с.”)

Суруйааччы ааҕааччы кутун туппут баай, кэрэ ис дууhалаах судургу геройдарын ахсааныгар  хоту сир дьоно элбэх. Кини кэпсээннэригэр хоту дойду дьоно – хайдах баарынан көстөр туруору көнө майгылаах, оҕолуу ыраас дууhалаах, кэрэ эйгэлээх дьон. Суруйааччы 50 сааһын туолуутугар интервьюга этэр: «… мин истибиппин, көрбүппүн, эппинэн-хааммынан билбиппин эрэ суруйабын. Геройдарым – бэйэм кэминээҕи дьон диир кыра, кинилэр – мин доҕотторум, билэр дьонум, чугас ыалларым…».[4] Ол иhин кини кэпсээннэригэр киhи бэйэтин да «көрсүөн» сөп. Холобур, «Апчырай Арамааҥҥа» биhигини суруйбуккун диэн түөрт оҕонньор Габышевка өhүргэммитэ үhү.[5]

Суруйааччы кэпсээннэригэр туундара айылҕата араас өттүттэн кэрэтэ көстөр. Суруйааччы ойуулааhыннара кылгастар, чаҕылхай тэҥнэбиллэринэн баайдар уонна сэhэргээччи тус ураты көрүүтүгэр олоҕураллар. Холобур, “Туундара уhун ардах кэнниттэн сып-сылааhынан, огурсу сытынан тыынар. Хантан туундараҕа итинник сыт үөскүүрүй? Соhутарын сатыыр буолбут айылҕа бэйэтэ да билбэт ини” (“Оо, хоту, хоту” 140 с.) Эбэтэр: “Туундара диэн тугуй? Алаадьылаах улахан хобордоох. Алаадьылара күөллэр. Оттон хобордоохпут буоллаҕына халлаанныын тула силбэhэр. Оччо улахан нэлэккэй хобордоох. Дьиэлээх хотун хобордооҕун ортотугар кэтити килэгир быhаҕын сытыары ууран баран умнан кэбиспит. Ити өрүс. Хотугу улахан өрүс. Маны барытын болоорхой өҥнөөх дьэҥкир таас хаппаҕынан бүрүй, тоҕо-хоро итиннэ кумаарда симп – сайыҥҥы туундара буоллаҕа ити. Оттон кыhын туундара – үрүҥ лэппиэскэ”. Кэпсээннэргэ хоту сир хаара, салгына,  өрүhэ, о.д.а. көстүүлэрэ араастык ойууланаллар эрээри саамай сүрүн болҕомтону халлаан ылар. Биир кэпсээнигэр этэр: “Хотугу киhи до5оро – халлаан. Мэлискэх, дархан, холку уонна уодаhыннаах халлаан”.(“Оо, хоту, хоту!”140 с). Сэhэргээччи ааҕааччыга халлаан хайдах буолбутун, туругун, көстүүтүн ааҕааччыга куруук биллэрэ сылдьар. Ону тэҥэ халлаан эттиктэрэ: күн, ый, сулус, былыт, дьүкээбил элбэхтэ көстөллөр. Онно тыыннааҕымсытыы, тэҥнэбил бэргэн холобурдара үгүс: “Күн ортото туундара, киирбэт эрээри, сиртэн олус үѳһэ таласпат, нэс, нукаайы үрүҥ  күнэ аат эрэ харата сыҕарыйар, тохтоон, дьааһыйарга дылы. Кини икки-үс күн ардах былытын кѳхсүгэр саһан утуйбута, бүгүн саҥа быкта да – хайы сахха сүрэҕэлдьии охсубут” (134с.) “Самыыр дьэ ситэри астара буолбут. Быһытталаммыт аҕыйах былыт испэктээх кэнниттэн соннорун ыла ыстаммыт дьоннуу, ѳрүс уҥуор элэҥнэһэ сырсаллар. Үрүҥ күн хомойбут артистыы сууммут дьэҥкир халлааҥҥа соҕотоҕун туран хаалбыт.”

Е. Неймохов Н. Габышевтыын 80-с сыллар бүтүүлэригэр Черскэйгэ көтөн иhэн самолеттара табыллыбакка түүн Чокурдаахха түспүттэрин ахтыытыгар кэпсиир. Онно Н. Габышев вокзал иннигэр туран тымныы салгыны эҕирийбит уонна долгуйбут куолаhынан саҥарбыт: «Олоҕум саамай үчүгэй кэмнэрэ манна хаалбыттара. Биирдэ мин оннооҕор ыт көлөнөн Черскэйтэн Чокурдаахха тиийбитим. Аны манна кэлэрим биллибэт, онон төрүт сирдэрбит бүтэhигин көрөбүн…».[6] Үөhээ Бүлүү Хомустааҕар төрөөбүт-үөскээбит киhи хотугу дойдуну ити курдук ис сүрэҕиттэн таптаабыта уонна ол таптала айымньыларыгар көстөр.

Литература


[1] Габышев Н. Олох романтикатын көрдүөххэ. // Хотугу сулус. – 1978, №10. – С.121.

[2] Работать, работать, работать. // Молодежь Якутии. 1972, 8 апреля.

[3] Попов Б. Олохо оргуйар үөhүгэр. // Хотугу сулус. – 1982. — №3. – С. 86.

[4] Работать, работать, работать. // Молодежь Якутии. 1972, 8 апреля.

[5] Босиков В.И. – Василий Босяк. Николай Алексеевич Габышев. // Босиков В.И. – Василий Босяк. Суруллубут суоруллубат: (Ыстатыйалар, этиилэр, ахтыылар). – Дь.: Бичик, 2002. – С.127.

[6] Неймохов Е. Со стариками – старик, с детьми – дитя… // Якутия. – 2002. – 25 апреля. – С.7.