Андрей Кривошапкин поэзиятын уратыта

17 августа 3:36

УДК 821.512.211.09 Кривошапкин


 

Архипова Е.А.

Северо-восточный федеральный унверситет имени М.К. Аммосова, Якутск

Arhel72@mail.ru


 

Андрей Васильевич Кривошапкин — СӨ народнай суруйааччыта, эбээн норуотун патриота, народнай депутат, государственнай уонна общественнай деятель. Социологическай наука кандидата, Хотугу Форум Академиятын академига. Арктика уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын туруорсар, быһаарсар норуот тумус туттар киһитэ.

Айар үлэтин 1960-с сыллартан саҕалаабыта, бэйэтин тылынан кэпсээннэри, сэһэннэри, романнары суруйан эбээннэргэ эрэ буолбакка, бүтүн Россия ааҕааччытыгар киэҥник биллэр суруйааччы. Мин бүгүн А.Кривошапкин үрдүк патриотическай тыыннаах поэзиятын туһунан аҕыйах тылы этиэҕим. «Земля предков» диэн хоһооннорун кинигэтин нууччалыы тылбааһын Владимир Федоров оҥорбута. Кинигэ Дьокуускайга 1995 сыллаахха бэчээттэммитэ. Оттон сахалыы «Өбүгэм сирэ» диэн ааттанан 2006 сыллаахха Бичиккэ тахсыбыта, хоһооннору сахалыы поэт Василий Сивцевтылбаастаабыта [1]. Бу дьоҕус кинигэҕэ киирбит хоһооннорунан ааптары, Андрей Кривошапкины, норуотун туһугар сүрэҕинэн-быарынан ыалдьар улахан патриот, төрөөбүт айылҕатын муҥура суох таптыыр айылҕа оҕото, доҕордоһуу диэн тугун билэр, суолтатын өйдүүр дьиҥнээх доҕор, нарын, уйан дууһалаах, таптыыр сүрэхтээх лирик киһи быһыытынан ылынаҕын. Хас биирдии хоһооно дириҥ иэйиилээх, этэр санаалаах.

Хомуурунньукка киирбит бастакы хоһоонуттан саҕалаан баардыланыы, ол эбэтэр самоидентификация оҥостор: «Мин эбээммин» диир. Бэйэтин норуотунан, эбээн буоларынан киэн туттуу иһиллэр. Эбээн норуотун ааптар табаҕа холуур. Эбээн эстетикатыгар, олоҕу, кэрэни сыаналыырыгар таба уобараһа күүскэ көстөр, бэл диэтэр баар буолуу символын курдук ылынар. Таба баарын тухары эбээн баар диэн санааны тутуһар, ол иһин табаны харыстыыр, аһынар, таптыыр. Эбээн кутун-сүрүн таба илдьэ сылдьарыныы саныыр. А.Кривошапкин хоһоонноругар эбээн уонна таба биир ситимнээхтик өйдөнөллөр.

Холобура, Таба дьылҕатын хатылаан

Норуотум эстибэтэр ханнык… [1, с.13].

Атын хоһооҥҥо:

Таба баар буоллаҕына — эбээн баар,

Норуот курдук сананыа оччоҕо.

Таба сүттэҕинэ — эстиэ турар

Эбээн, арай ынчык хаалыаҕа. [1, с. 15].

Ааптар баҕа санаатын аһаҕастык суруйар:

Тунаарар күөх урсуҥҥа

Туллуктана көтөр таба

Туман буолан сүппэтэр! [1, с. 80].

Хотугу киһи, эбээн майгытын көрдөрөр хоһооннор, эбээн дьылҕатын кэпсиир, норуокка суоһуур алдьархай туһунан хоһооннор бааллар. Холобура, көмүс эбээн баайа буолбатах, сир-дойду алдьанар, булт-алт кэхтэр диэн санаа этиллэр. Эбээн сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр өйдөбүллэр ураты суолталаахтык хоһооҥҥо киирбиттэр: өбүгэлэрим дьиэлэрэ — ураһа, киэҥ да киэҥ туундарам, өбүгэ үгэһэ, таптыыр һээдьэбит, хайа үрэҕэ, мин ырыа курдук тылым (эбээн тыла этиллэр), мин хаарга үөрэбин, хаар сыта, маамыкта хоһооннорум, маамыкта санааларым, тугут. Бу тыллар норуот тыынын, үөрүүтүн, дьолун илдьэ сылдьар бэлиэ тыллар. Н.Тобуруокап «Андрей Кривошапкин» диэн уочаркатыгар суруйбутунуу, эбээн поэта олоҕу «эбээннии» көрөр. Бэйэтин туспа хараҕынан, туспа майгытынан. Ол иһин дойдутун, норуотун өрө тутар, инникигэ сирдиир.

Поэт хас да хоһооно доҕордоһууга анаммыт. Доҕор туһугар ыалдьыы, эрэллээх, бэриниилээх буолуу холобурдара көстөллөр. 23 сыллааҕыта суруллубут «Россия, бэйэҕин харыстан!» диэн хоһооно күн бүгүн даҕаны олус актуальнайдык иһиллэр. Дойдубутугар күн бүгүн араас өттүттэн бүрүүкүүр бөрүкүтэ суох сыһыаннарга бу хоһоон анаммыкка дылы.

… Россия, сөһүргэстээмэ адьырҕаҕа.

Өрө көтөх киэн тутта төбөҕүн,

Бэйэҥ суолгун тэлин буурҕаҕа,

Силлиэни курдаттаан ис, өрүүтүн!

Бэйэҕин булун, Россия ийэкэм!

Харыстан даа, бэйэҕин харыстан!

Кэрэ буолуо син биир кэлэр кэм —

Ол иннигэр олорор туһуттан

Охсуһуом. Оттон эн кынатыҥ

Көмүскэлин анныгар

Түмүөҥ бары норуоттаргын.

Оннук кэм кэлэрэ буоллар!  [1, с. 9].

1993

Бу хоһоон бүтэһик куплетыгар поэт анжанбеман — тылы атын строкаҕа көһөрүү ньыматын сатабыллаахтык туттубут. Атын хоһоонноругар стилистическэй фигуралартан ордук риторическай ыйытыыны туттарын бэлиэтээтибит:

Дьугдьуур тэллэҕэр тураммын

Ыар санааҕа халыҥ хаардыы баттаттым:

Эбэҥки умсулҕаннаах тылын дорҕооно

Төрүт сиригэр төннүө дуо?  [1, с. 8].   Онуоха ким да хардарбат.

1986

Троптартан ордук сөбүлээн тэҥнэбили туттар (хайа үрэҕин тааһын курдуктар, халлаан көмүс сулустарыныы о.д.а.), метафоралар бааллар (үйэ илдьитэ, суобас куолаһа, тыйыс сир сүрэҕэ ууллар уо.д.а.).

Философскай кэм-кэрдии туһунан, сиэр-майгы, таптал туһунан вечнай темаҕа, проблемаҕа анаммыт хоһоонноро мэлдьи да ааҕылла туруохтара дии саныыбын. Айар үлэтин туһунан биир интервьюга ыйыппыттарыгар кини маннык хоруйдаабыта баар:

Предстоит еще многое сделать в творческом плане, чтобы через труды писателя люди узнавали о его народе, надо выйти на широкий круг читателей. Задача любого писателя заключается в том, чтобы всю свою творческую энергию направить на укрепление взаимопонимания, взаимоподдержки, дружбы, братства между народами. Вот только тогда писатель вносит свой весомый вклад в общее дело укрепления отношений внутри республики, страны и мира в целом. Сейчас я нахожусь в свободном творческом полете… Никогда в жизни свои личные интересы не ставил выше, чем интересы народа, общества. Меня таким воспитали родная мать и Советская власть… Онон айар үлэ үөһүгэр сылдьар эбээн поэта өссө да норуотун туһунан, инники кэскилин түстээн элбэҕи айыаҕа.

Ийэтин туһунан мэлдьи истиҥник ахтар. Биир хоһоонун«Ийэм оскуолата» диэн ааттыыр, онно маннык строкалар бааллар:

Арай куттас буолума

Дьонуҥ-сэргэҥ иннигэр:

Кыбыстыбакка охсуһан

Суобаһыҥ куолаһын истээр. [1, с. 76].

Ол иһин даҕаны ийэтин сүбэтин, кэриэһин күн бүгүҥҥэ диэри чиэстээхтик өрө тутан кэллэҕэ. Андрей оҕо сылдьан үөрэнэ диэн ааттаан аан бастаан ыраах Саккырыырга айанныырыгар суолу быһа ийэтин, бииргэ төрөөбүттэрин санаан кэлэ-кэлэ, кимиэхэ да көрдөрбөккө кистээн ытыы испит, «Я не понимал тогда, что это означало что мать меня наделила добром, чутким чердцем» диэн кэлин ахтыбыта баар [2, с. 8].

Онон, олоххо, омукка, бэйэҕэ таптал киһиэхэ ийэтин үүтүн кытта тэҥҥэ иҥэр. Ол холобурун биһиги эбээн поэтын Андрей Кривошапкин олоҕор уонна поэзиятыгар көрөбүт.

Түмүктээн эттэххэ, А.Кривошапкин поэзията бэйэтин эбээннии, хотугулуу тыынынан күүстээх. Кырдьыгы этэринэн итэҕэтиилээх. Норуотугар, төрөппүт ийэтигэр күүстээх тапталынан, бэриниитинэн ханнык баҕарар ааҕааччы кутун тутар, ытыктабылын, убаастабылын ылар аналлаах.


 

Литература


  1. Кривошапкин А.В. Өбүгэм сирэ: хоһооннор / А.Кривошапкин (В.Сивцев тылб.) — Дьокуускай: Бичик, 2006. — 88 с.
  2. Тобуруокап Н. Андрей Кривошапкин (очерк жизни и творчества). — Якутск, 1999. — 76 с.
  3. Окорокова В.Б. Северное созвездие. Якутск: Бичик, 2002. — С.50-55.