САХА ТЫЛЫН УЛАРЫЙАР БЭЛИЭТЭ (ТЫЛЫ СЫЫҺЫРДЫЫ)

24 декабря 6:29

Иванова Анастасия Харлампьевна, ИЯКН СВФУ, гр. НСТ-15

Научный руководитель: Герасимова Е.С., к.ф.н., доцент


 

Хайа да омукка сыыс тылы туттар идэ мэлдьи баар буолар, хомойуох иһин, киһи барыта ыраастык сатаан саҥарар буолбат.

Тылы сыыһырдыы араас эбит. Биирдэ эмэ көстөн ааһар түбэлтэ улахан кутала суох. Онтон киһи билиҥҥи кэмҥэ туттар, соруйан оннук саҥара сатыыр буоллаҕына сэрэхтээх көстүү буолар. Билиҥҥи саха тылыгар сыыс тылы туттууга сүрүннээн маннык сыыһа тахсар:

  1. Нууччалыыттан туруору тылбаастыырга солбуйар ааты кыбытыы. Билигин саха тыла саамай сыыһырар төрдө нууччалыы этиини туруору тылбаастыыртан тахсар, ол эбэтэр тылыттан тылыгар, биир да тылы көтүппэккэ тылбаастыы сатыыллар. Ону нуучча тылын үөрэҕэр “боязнь пропустить слово” диэн этэллэр. Нууччалыы саҥара үөрүйэх, нууччалыы толкуйдаах киһи ордук тылы кыбытабын диэн бэйэтэ да билбэт, маннык этэр сыыһа диэн арааран өйдөөбөт.


Манна сүнньүнэн кини, бэйэтэ солбуйар аат, быһаарар суолталаах аат туохтуур, уонна ситим тыл, дьөһүөл о.д.а. баар буолар. Маннык тыл киирдэҕинэ сахалыы этии тутула уларыйан барар, саха тылын отуора хамсыыр.

Холобур: Бэйэм аатым Валя диэн (аатым Валя диэн). Бэйэбит төрөөбүт дойдубутугар сайын баран кэлбиппит (сайын төрөөбүт дойдубутугар баран кэлбиппит). Устудьуоннар уонна кинилэр төрөппүттэрэ мунньахха кэллилэр (усутудьуоннар уонна төрөппүттэр мунньахха кэллилэр). Бу этиилэргэ нууччалыы этии туруору тылбаастара, ол эбэтэр онто да суох өйдөнөр, этиигэ наадата суох тыллар киирбиттэр.

  1. Билиҥҥи саха тылын биир сүрүн итэҕэһэ — официальнай тыл-өс (канцелярит) киэҥник тарҕаммыта буолла.


Ханнык баҕарар сайдыбыт омук тылыгар дьыала истиилэ диэн ааттаах бэйэтэ туспа сыаллаах-соруктаах, туспа бэлиэлээх функциональнай истиил бара биллэр. Ол истиил биир бэлиэтэ сүрүн бэлиэтинэн ураты тутуллаах кэпсиирэни туттуу буолар. Холобур: Эрийбит истээччигэ ыйытыы биэрэбин (эрийбит истээччиттэн ыйытабын). Мунньахха кэлбэтэх оҕолору кытта кэпсэтии барда (мунньахха кэлбэтэх оҕолору кытта кэпсэттибит). Кыттыыны ылла бастакы куурус устудьуона Васильева Анна (бастакы куурус устудьуона Васильева Анна кытынна). Учуутал ыйытыытыгар үөрэнээччи хоруй биэрдэ (үөрэнээччи учуутал ыйытыытыгар хоруйдаата). Старостат мунньаҕар этии киллэрбиттэрин бары билэр инигит (старостат мунньаҕар эппиттэрин бары билэр инигит).

3.Тылы кыайан билбэт киһи этиигэ наадата суоҕу аһара сиһилиир идэлээх буолар, холобур: Ийэм үүт биэрэр ынаҕын ыыр диэбит курдук.

Итиннэ маарынныыр этии билигин олус элбэх:       Бүгүҥҥү ыытыллыбыт мунньахха сылдьан кэллим (Мунньахтан кэллим). Быраатым мастан тутуллубут дьиэни хаартыскаҕа түһэрдэ (быраатым мас дьиэни хаартыскаҕа туһэрдэ). Эбэм туостан тигиллибит иһити эдьиийбэр бэлэхтээтэ (эбэм эдьиийбэр туос иһити бэлэхтээтэ). Маннык этиини киһи өйдүүрүнэн өйдүүр эрээри, сахалыы тыл ситимин үөрүйэҕин кэһэр буолан, тыл-өс култуурата намыһаҕын көрдөрөр.

  1. Этиигэ тылы хатылыыр түбэлтэ (тавтология) эмиэ тыл-өс мөлтөҕүн туоһулуур: Кыһын манна кыстыыр көтөрдөр олус да элбэхтэр (Манна кыстыыр көтөр олус да элбэх). Балаҕан ыйын 30 күнүгэр – тылбаасчыт күнэ буолар (балаҕан ыйын 30-гар тылбаасчыт күнэ буолар). Ааспыт сылга Сунтаар улууһун дириэктэрэ биэс сылга талыллыбыта (Былырыын Сунтаар улууһун дириэктэрэ биэс сылга талыллыбыта). Бастакы этиигэ кыһын уонна кыстыыр диэн, иккис этиигэ күнүгэр уонна күнэ диэни хатылаабыттар. Үһүс этиигэ тыл үөрүйэҕэ кэһиллибит, нуучча тылыттан в прошлом году диэни туруору тылбаастаабыттар. Ол иһин тылы хатылааһын тахсыбыт.


Түмүктээн эттэххэ, бу барыта нууччалыы толкуйдууртан, нууччалыы этиини туруору тылбаастаан саҥарартан тахсар дии саныыбын. Онон, сахалыы толкуйдаах, сахалыы саныыр, сыыс тыла суох ыраастык сахалыы саҥарар, төрөөбүт төрүт тылбытын харахпыт харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьыах тустаахпыт.

Литература испииһэгэ:

  1. Ефремова Н.А. Саха тыла. Истилиистикэ төрүтэ уонна тыл-өс култуурата. Дьокуускай, 2008.
  2. Петрова Т.И., Ефремова Н.А. о.д.а. Саха тыла: Тыл-өс култуурата. Дьокуускай, 2015.
  3. Петрова Т.И. Ыраастык сахалыы саҥарыах. – Дьокуускай, 1996.