Мария Федотова – Нулгынэт “Тулаайах уол” остуоруйата уонна саха норуотун остуоруйата: тэҥнээн ырытыы

18 августа 7:00

                                                          Заровняева У.А., Нам улууһун

 Е.С.Сивцев-Таллан Бүрэ аатынан

Бөтүҥ орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ.

                                                 Научнай салайааччылар: Новгородова М.Д., саха тылын, литературатын учуутала,

Григорьева Л.П., ф.н.к., ХИФУ доцена


Федотова Мария Прокопьевна-Нулгынэт оҕолорго аналлаах «Тэбэнэттээх Нулгынэт» диэн бастакы кинигэтэ 1995 c. тахсыбыта. 1997 c. «Нулгынэт айаҥҥа турунар» диэн сэһэн салгыыта бэчээттэммитэ. Бу сэһэнэ аан дойдутааҕы литературнай күрэскэ ,,шорт-лист” иһигэр киирбитэ.

Маны таһынан, Нулгынэт остуоруйалары айан суруйар, билигин уопсайа 21 остуоруйалаах (“Очоо уол туһунан остуоруйа”, “Баҕа санаа”, “Эбдэки кыргыттара”, “Сүлтэкээн чоҕо”, “Биэс быраат тарбахтар”, “Доҕордуулар” о.д.а.).  Ааптар сүрүннээн аҕыйах ахсааннаах норуоттар олохторун-дьаһахтарын ойуулуур. Кини остуоруйалара, сэһэннэрэ дьонҥо тиийимтиэлэр, итэҕэтиилээхтэр. Нулгынэт айымньыларын ааҕан баран киһи хоту дьон олорор уустук усулуобуйатын билэр. Нулгынэт остуоруйаларын сүрүн ис хоһоонноро киһи олоххо бэйэтин миэстэтин булунарын, олох суолтатын  туһунан кэпсииллэр. Үгүс остуоруйалара олох-дьаһах тиэмэтигэр анаммыттар. Холобур, “Түргэн оҕолор”, “Биэс уоллаах умнаһыт оҕонньор”,”Истиҥ таптал” уо.д.а.

Мин «Тулаайах уол» остуоруйаны олус сөбүлээн, интэриэһиргээн аахтым, онон саха остуоруйатын кытта тэҥнээн көрөргө холоннум.

Остуоруйаҕа норуот бэйэтин баҕатын, эрэлин этэр, кэрэхсээн истиллэр дьикти-дьиибэ, фантастичекай кэпсээннэрэ ааттаналлар. Остуоруйа бүтүн аан дойду үрдүнэн бары омуктарга барыларыгар баар. Сорох остуоруйалар фантастикалара, араас дьикти-дьиибэ образтара итэҕэлтэн, мифологияттан ситимнээх буолар. Оттон сорох остуоруйаларга норуот түҥ былыр олорон ааспыт олоҕор көрсүбүт быһыытын-майгытын суолларын көрүөххэ сөп. Сорох остуоруйаларынан норуот бэйэтин дириҥ философиятын, эстетическэй көрүүтүн этэр. Ханнык да остуоруйаны көрдөххө-иһиттэххэ бэрт боростуой курдук гынан баран, ис номоҕо дириҥ буолар [ 3, с.143].

Нулгынэт остуоруйалара олус интэриэһинэйдэр, дьиктилэр уонна оҕону үөрэтэр-такайар, үчүгэйгэ тардыһар сүбэни биэрэллэр.

Нулгынэт «Тулаайах уол» остуоруйатыгар ийэтэ, аҕата суох тулаайах уол туһунан кэпсэнэр. Остуоруйа сүрүн геройун мүччүргэннээх сырыылара олус киэҥник ойууланаллар. Тулаайах уол аччыктааһын, соҕотохсуйуу муҥун билэр. Ол гынан баран, остуоруйа түмүгэр уол саҥа улахан дьиэ кэргэни булар, уонна бу дьоно уолламмыттарын үөрүүтүгэр үс күн малааһынныыллара кэпсэнэр. Тулаайах уол саҥа дьиэ кэргэнин кытта уһуннук, дьоллоохтук олорорунан остуоруйа түмүктэнэр.

Оттон саха норуотун остуоруйатыттан эмиэ «Тулаайах уол» диэн олус дьикти остуоруйаны таллым. Бу остуоруйа дьиктитэ айымньы ис хоһоонугар сытар. Остуоруйаҕа соҕотох, тулаайах уол сырыылара кэпсэнэр. Сюжет Тулаайах уол бултуу барарыттан саҕаланар. Түмүгэр ыраахтааҕы Тулаайах уолга кыыһын ойох биэрэр. Бу курдук, уол Тулаайах буолан бүтэн, уһуннук дьоллоохтук олорбута үһү.

Бу остуоруйалар хас даҕаны майгыннаһар өрүттэрин буллум. Бастакытынан, бу остуоруйалар иккиэн дьиктилээх-алыптаах остуоруйа диэн тиэмэҕэ киирсэллэр. Иккиһинэн, бу остуоруйалар геройдара — тулаайах уолаттар. Кинилэр иккиэн аччыктыыр эрэйин-муҥун билбит геройдар.

Мария Федотова “Тулаайах уол” диэн остуоруйатын уонна саха норуотун “Тулаайах уол” остуоруйатын майгыннаһар уонна уратылаһар өрүттэрин маннык көрдөрүөххэ сөп:












Остуоруйалар майгыннаһар өрүттэрэ:

Нулгынэт остуоруйата Саха остуоруйата
1.Остуоруйа аата «Тулаайах уол» “Тулаайах уол”
2. Буолар кэмэ Кыһын Кыһын
3. Саҥа дьону кытта билсиһии Биир уоллаах дьиэ кэргэн Аан бастаан соҕотох эмээхсини кытта олорор, онтон ыраахтааҕы кыыһын көрсөр
4. Остуоруйа түмүгэ Малааһын бырааһынньыга Уруу тэрийиитин бырааһынньыга
Остуоруйалар уратылаһар өрүттэрэ:

Нулгынэт остуоруйата Саха остуоруйата
1.Олорор дьиэлэрэ Ураһа Балаҕан
2.Остуоруйа сүрүн геройа, ол эбэтэр тулаайах уол олоҕо Сааһа, тоҕо тулаайах хаалбыта чопчу этиллибит Сүрүн герой олоҕо ситэ этиллибэтэх
3. Хас да төгүллээн саҥа дьону көрсүү Биирдэ Иккитэ


Тэҥнээн ырытан, Мария Федотова-Нулгынэт уонна саха норуотун остуоруйатын ис хоһоонноро арыый ураты да буолбуттарын иһин, майгыннаһар өрүттээхтэрин биллим. Остуоруйалар сүрүн этэр санааларынан бу орто дойдуга киһи хаһан даҕаны соҕотох буолуо суохтаах диэн быһаардым. Саха уонна Нулгынэт «Тулаайах уол»  остуоруйалара киһини толкуйдатар уонна үөрэтэр өрүттээхтэр диэн түмүккэ кэллим.

Мин санаабар, остуоруйа суруйар киһи дьоҥҥо, оҕолорго үтүөнү, кэрэни баҕаран туран суруйуохтаах. Остуоруйа алыптаах дойдутугар хас биирдии киһи оҕо сылдьан сөбүлээн ааҕара, истэрэ, көрөрө. Остуоруйаттан сиэттэрэн, кинигэ ааҕыытыгар улахан болҕомто үөскүүр. Онон остуоруйаҕа хас биирдии төрөппүт оҕолоругар интэриэс тартаҕына, оҕо кыра эрдэҕиттэн куһаҕан, үчүгэй диэни араарарга, айылҕаны, сүүрэри-көтөрү таптыырга үөрэтэр.

Мария Федотова-Нулгынэт эбээн норуотун талааннаах суруйааччыта. Кини сүрдээх үчүгэй остуоруйалары айбыт, бэйэтин норуотун олоҕун, дьылҕатын сырдатан суруйара кэрэхсэбиллээх.

 

 

Туһаныллыт литература:

  1. Окорокова В.Б. Сияние полярных огней. — Якутск: Бичик, 2013.
  2. Саха остуоруйалара Якутские сказки: [кыра саастаах оскуола оҕолоругар остуоруйалар=сказки для детей младшего школьного возраста] / [хомуйан оҥордо А.А.Борисова; сахалыыттан нууччалыы тылбаастаата С.Н. Шуртаков; оҕолорго анаан тупсарда П.Д. Аввакумов; худ. В.Ф. Ноева]. — Дьокуускай: Бичик, 2011. 200 с.
  3. Суорун Омоллоон. Айымньыларын уонна үлэлэрин 14 томнаах толору хомуурунньуга= полное собрание сочинений и трудов в 14 томах/ Суорун Омоллоон; [редкол.: В.Н.Иванов (гл. ред.) и др.]-Дьокуускай: Якутия, 2006 .
  4. Федотова Мария-Нулгынэт Хорооло хоһуун: кыра саастаах оскуола оҕолоругар эбээн остуоруйалара. — Дьокуускай: Бичик, 2001.
  5. Федотова М.П.-Нулгынэт Аптаах остуоруйа: кыра саастаах оскуола оҕолоругар.- Дьокуускай: Бичик, 2012. 56с.
  6. Федотова М.П.-Нулгынэт Эбдэки кыргыттара: Кыра саастаах оскуола оҕолоругар остуоруйалар. — Дьокуускай: Бичик, 2006. 72с.