НИКОЛАЙ ТАРАБУКИН «ОҔО ЭРДЭХТЭЭҔИМ» СЭҺЭНИН УРАТЫТА

8 мая 5:36

Григорьева Сюзанна Павловна, ПО-СА-15
Научнай салайааччы: Архипова Е.А., ф.н.к.


Эбээн тыла тунгусо-маньжурскай көрүҥҥэ киирсэр. Суруга-бичигэ нуучча тылын алпабыытыгар олоҕуран оҥоһуллубута. Эбээн литературата аҕыйах ахсааннаах норуоттар литератураларыгар биир сүрүн миэстэни ылар. ХХ-с үйэ 30-с сылларыттан саҕалаан сайдан барбыта. Эбээн литературатын биир бастакы, бастыҥ суруйааччытаНиколай Тарабукин буолар. Кини истиилин, төрүттээбит үгэстэрин элбэх хотугу суруйаачччылар батыспыттара.Варвара Григорьевна Белолюбская, Антонина Афанасьевна Винокурова 2009 сыллаахха эбээн тылынан оҕолорго аналлаах хомуурунньук бэчээттээн таһаарбыттара. Бу хомуурунньукка эбээн суруйааччыларын хоһоонноро, кэпсээннэрэ киирбиттэрэ. [1; 35].
Эбээн литературата поэзияттан саҕаламмыта, бастакы поэттар: Н. Тарабукин уонна П.Ламутскай этилэр. Ол кэнниттэн П.Ламутскай уонна А.Кривошапкин кэпсээн, сэһэн, роман суруйар буолбуттара. Эбээн литературатын уратыта, бэлиэтэ диэн:хотугу литератураларга саамай элбэх суруйааччылаах уонна бары кэриэтэ бэйэлэрин төрөөбүт тылларынан айымньылары суруйар дьоҕурдаахтарынан биллэллэр. Ол иһин кинилэр көмөлөрүнэн эбээн тыла сайдар, сүппэт суолун тутуһар. Эбээн литературата саха литературатын кытта ыкса сибээстээх, үгүс айымньылара саха тылынан суруллубуттара, бэчээттэммиттэрэ, ити П.Ламутскай уонна А.Кривошапкин айымньыларыгар көстөр. [2; 69-70].
Мин эбээн бастакы суруйааччыта Николай Тарабукин “Оҕо эрдэхтээҕим” сэһэнин сөбүлээн аахтым. Кини 1910 сыллаахха Муома улууһун Эһэлээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа олус ыарахан сордоох-муҥнаах этэ, эрдэ тулаайах хаалан баайдарга үлэлээбитэ. Үөрэххэ сырдыкка тардыһыыта Тэки Одулок курдук олус күүстээҕэ. Н. Тарабукин бэйэтэ ааҕарга, суруйарга үөрэнэн баран 1928-32 сс. Саха рабфагар үөрэммит, ол кэнниттэн үөрэҕин салҕыырдыы Ленинград куоракка Хотугу норуоттар Институттарыгар барар уонна1937 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэр. Николай Саввич күүстээхтик айар үлэнэн уонна науканан дьарыктанарга сыал-сорук туруоруммут. Ол эрэн В.Г. Богораз өлбүтүн кэннэ уонна кини чугас доҕоро, кинини айар үлэҕэ кучуйбут киһитин ытан өлөрбүттэрин кэнниттэн кини Ленинградка олорор кыаҕа суох буолан дойдутугар төннүбүтэ. Дойдутугар кэлэн баран син биир ол түгэн кинини эрэйдиирэ, элбэх ыарахаттары көрсүбүтэ. Оччотооҕу кэмҥэ эбээннэртэн биир үрдүк үөрэхтээхкиһи, хомойуох иһин, дойдугар кэлэн баран үлэ сатаан булбатаҕа. Ленинград куораттан үөрэнэн кэлэн баран уонча сылы быһа биир да хаһыакка, биир да сурунаалга айымньыта бэчээттэммэтэҕэ, ити суруйааччы олоҕор, айар үлэтигэр улахан трагедия, охсуу буолар. Дьон кэпсээнинэн, кини айымньы бөҕөтүн суруйбут эбит, ону барытын Ленинград куоракка ыытан иһэр эбит, сотору кэминэн аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыт. Сэрииттэн сылтаан туох баар суруктара, айымньылара сүтэн хаалбыттар. [1; 35-36].
Николай Тарабукин дойдутугар культурнай-сырдатар уонна советскай — тэрийэр үлэнэн дьарыктаммыт. Өссө ол сылдьан табаһыттыыр эбит. Арай биирдэ табалара сүтэн хаалбыттар,оччотооҕу сокуонунан кинини хайыылаахтар лааҕырдарыгар ыыппыттар. Онно да сылдьан мэлдьи айар, суруйар эбит. Үлэ кэнниттэн сынньалаҥҥа болокунуотугар суруна олорон сүрэҕэ тохтообут, онон улахан суруйааччы илиитигэр харандааһын туппутунан охтубут. [2; 72].
Н. Тарабукин эбээн литературатын аан маҥнай төрүттээбит киһи буолар. Кини бастакы «Песня тайги»диэн кинигэтэ 1936 бэйэтин төрөөбүт тылынан бэчээттэнэн тахсыбыта. Ол кэнниттэн 1937 с. «Полет золотой девушки» диэн иккис кинигэтэ эмиэ бэйтин төрөөбүт тылынан тахсыбыта. Ону тэҥэ айымннылара нууччалыы тылбаастананнар, кини ааҕааччылара элбээбиттэрэ. [1; 36].
Н. Тарабукин студенныы сылдьан нуучча литературатын таптаабыта, ол кини айар үлэтигэр улахан оруолу оонньообута биллэр. Кини Пушкин поэзиятын таптаан ааҕар эбит, кинилиин билсиһээри памятнигар барбыт. Оруобуна Пушкин «памятник» диэн хооһоонугар курдук тахсыбыт, ол хоһооҥҥо Пушкин маннык диэбитэ: “Не зарастет толпа народная,/ И всяк придет, и дикой тунгус…” Пушкин поэзияттыттан иэйии ылан лириката суруллар. Кини бэйэтэ эрдэттэн сэрэйэр эбит, эбээннэргэ аан маҥнайгы поэт суруйааччы буолар аналлааҕын. [2;72-73].
1938 сыллаахха суруйааччы “Оҕо эрдэхтээҕим” диэн сэһэнин суруйан саҕалыыр, бэчээккэ эмиэ ити сыл тахсыбыта. Бэчээттэнэн, нууччалыы тылбаастанан киэҥ эйгэҕэ тарҕаммыта. Кини киэн туттар, сөбүлээн ааҕар, холобур гынар прозаик суруйааччыта Максим Горькай буолар. Н. Тарабукин эһэтин олус күүскэ таптыыр эбит, Максим Горькайы эһэтигэр ханыылаабыта, ол курдукэһэтэ кини хайдах бултуурга үөрэппит буоллаҕына, М. Горькай кинини ааҕарга, суруйарга уонна айар үлэҕэ угуйбут киһитэ буолар. [2; 78].
Позабыл я свой промысел белки
И взялся за перо.
Я увлекся писанием
“Оҕо эрдэхтээҕим” автобиографическай хабааннах сэһэнин Н.Тарабукин дьонугар-норуотугар анаан, кинилэр сэргии аахтыннар диэн М.Горькай суолун батыһан суруйбута. Сэһэн композицията ураты: 22 кэпсээнтэн уонна икки хоһоонтон турар. Айымньыны сахалыы Георгий Митрофанович Васильев тылбаастаабыта. Бу айымнньыны Варвара Борисовна Окорокова ырыппыта, айымньы туох уратылааҕын билиэтээбитэ. Сэһэнин автор хоһоонунан сэргэх, бэһиэлэй баҕайытык арыйар, хоһооҥҥо кыракый уолчаан хайдах тулалыыр олоҕу кытта билсэрин туһунан кэпсэнэр. Кыра эрдэҕиттэн ийэтин, эһэтин, эбэтин эрэйдээбитин, мэник бөҕө мэниктээн улаатан испитин туһунан хоһуйуллар. Онтон салгыы арыый да улааппытын кэннэ айылҕаттан арахпат куруук тыаҕа чыычаахтар ырыаларын иһиллээн кинилэри кытта тэҥҥэ ырыа ыллаһар буолбут. Мантан көстөр кини төрөөбүт дойдутун айылҕатын таптыыра киниэхэ чугас буолара. Хотугу киһи айылҕаҕа олус чугас буолар. Айылҕалыын алтыһан, айылҕаттан аһаан-таҥнан олордохторо дии.
Хас биирдии кэпсээҥҥэ кини оҕо сааһын чаҕылхай түгэннэрин оҕо санаатынан, оҕо хараҕынан суруйбута кэрэхсэбиллээх. Эбээннэр оҕону иитиигэ ураты болҕомтону уураллара көстөр, олох мөхпөккө, атаахтатан, таптаан, үөрэтэн-такайан үчүгэй киһи гынан таһаараллар эбит. Уол кыра эрдэҕиттэн хайҕанан, куруук таптанан улааттаҕына кини үчүгэй сымнаҕас майгылаах, үтүө санаалаах буола улаатар. Холобура, биир тэттик кэпсээнигэр уол чыычаах уйатыттан эбэтигэр сымыыттары аҕалар, ону эбэтэ көрөн баран мөҕөөрү гынар, онуоха эһэтэ тохтотон кэбиһэр«оҕобут эбэтин аһатаары бултаан аҕалбыт» диир, эбэтэ хайҕаабыта, үөрбүтэ буолар. [5;13]. Уол аҕата эрдэ өлбүт буолан, киниэхэ аҕатын оруолун эһэтэ солбуйар. Эһэтэ олус күүскэ сиэнин таптыыр, кини дьоллоох оҕо буолан улаатарыгар кыһаллар. Эбэтэ эмиэ уолу көмүс курдук иитэр, кини төһө да мэниктээтэр оҕону мөҕөн таһыйан кэбиспэт. Уол барахсан улаатан иһиэҕиттэн онно манна үөрэнэн истэҕэ, ити кыра сылдьан оҥорбут алҕастарын аныгыскыга хатылаабат, тоҕо диэтэххэ, кини тапталга уонна кыһалҕалаах олоххо улаатар. Аҕалара өлбүтүн кэннэ ийэтинээн соҕотох олордохторуна, кинилэргэ урукку курдук сибиэһэй булт-алт суох. Ийэтэ барахсан бэйэтэ ону маны бултаан оҕотун иитэн аһатан улаатыннарар. Кини аҕата, эһэтэ кэпсииринэн, олус сэмэй үөрэ-көтө сылдьар киһи эбит, сиэнин аҕатын курдук буола улааттын диэн олус эрэнэ саныыр. Эбээн омукка уол эмиэ атын омуктарга курдук өрө тутуллар, эр киһи баар буоллаҕына ас-үөл уонна дурда-хахха баар буолар. Аҕа оруолун толорор чугас киһитэ тапталлаах эһэтэ, кини баар буолан, уолчаан бултуурга-алтыырга үөрэнэр. Арай биирдэ эһэтинээн куобахтыы бараллар, эһэтэ куобаҕы кыҥыы олордоҕуна уол күлэн куобаҕы куоттаран кэбиһэллэр, онно даҕаны эһэтэ кинини мөхпөт «Аны көрдөххүнэ, адьас хамсаабат буол. Үчүгэй оҕо буоллаҕыҥ дии» диэн кэбиһэр. [5;18]. Ити киэҥ, холку буоларга үөрэтэр быһыы. Уол итинник кыра кыралаан эһэтэтигэр көмөлөһөн, бултуур-алтыыр буолар. Дьыл кэмэ кинилэр дойдуларыгар олус чаҕылхайдык кэлэрин, ол туһунан Н. Тарабукин кыра хоһооннорунан ойуулуур. Бу ыарахан тыйыс тымныыга уол ийэтинээн көскө сырыттахтарына тоҥор диэн эрэйи көрөллөр, уол барахсан онно бастакытын улаханнык тоҥмут буолан, өйүгэр умнуллубаттык хаалан хаалбыт. Кырдьык санаан көрдөххүнэ, кинилэр көс олохторо былыр хас биирдии киһиэхэ доруобуйаларыгар улахан охсуулаах буоллаҕа, ол эрэн омук омук атын, киһи кэминэн итинник олоххо үөрэнэр быһылаах.
Уолаттары кытта оонньуу тахсан баран, хайаан даҕаны ытаан-соҥоон кэлэр, барахсаны дьээбилээн туоратан тахсаллар. Ол да буоллар киниэхэ биир соҕотох доҕордоох, кинилиин куруук хачайдана оонньууллар эбит, эбээннии “токураан” диэн. Сарсыардаттан хара киэһэҕэ диэри токурааҥҥа хачайданаллар эбит. Саас табалар төрүүр кэмнэрэ кэлэр, бу күнү уол олус күүтэр. Кини таба оҕотун көрөөрү күнү быһа табалартан арахпакка сылдьан кэтэһэрэ. Таба диэн кинилэргэ күндү кыыллара буолар, холобура, сахаларга ынах, сылгы сүөһү курдук. Табалара суох кинилэр омук буолбаттар, табалара суох кинилэр бу көс олохторугар тыыннаах хаалар кыахтара суох. Ол иһин былыр былыргыттан табаны дьиэ кыылын курдук ииппиттэр. Таба оҕотун эбээннэр тугут дииллэр, ол курдук уол биирдэ тугуту илиитигэр көтөхпүтүн олус үчүгэйдик ахтан ааһар. Бу түгэн киниэхэ саамай үөрүүлээх уонна кэтэһиилээх буолар. Ханнык баҕарар кыра оҕоҕо туох эрэ баҕа санаалаах буолар, ол курдук кини баҕа санаата тугуту илиитигэр көтөҕүү эбит.
Онон “Оҕо эрдэхтээҕим” сэһэни ааҕан олус сөбүлээтим. Сэһэн маннык уратыларын бэлиэтиибин:
1. Тутула. Быстах-быстах туспа ааттардаах кэпсээннэртэн турар
2. Кыракый эбээн уолун аатыттан кэпсэнэр
3. Оҕо психологията, олоҕу анаарыыта олус бэркэ көстөр
4. Тыла-өһө судургу, өйдөнүмтүө
5. Ис хоһооно сэргэх, кэрэхсэбиллээх, элбэҕи биллэрэр-көрдөрөр
6. Киһини элбэххэ үөрэтэр: оҕону иитиигэ, айылҕаҕа таптал, тулалыыр эйгэни кэтээн көрөргө, эбээн олоҕун-дьаһаҕын, майгытын билэргэ.
Айымньыны өйдүүрбэр диэн уонна бу сэһэни ааҕан билбит, биһирээбит тылларбынан тылдьыт оҥордум:
Тугут — таба оҕотун ааттыыллар.
Ньимын — таба хааныттан оҥоһуллубут эт ас.
Хабдьы — туһах.
Маамыкта -
Атхачах — тааһынан оонньуу.
Һакандьа — үрэх аата.
Һорча — хаппыт эт.
Буҕдиндьа — Элэмэсчээн, улахан буур таба аата.
Гулдендьэ — Маҥхачаан, эмиэ сэлиик таба аата.
Алаке — соһуйдахха туттуллар тыл.(оксиэ)
Һээдьэ — эбээн омук национальнай үҥкүүтэ.
Чыҥыччы — күөгү.
Һодьа — түргэнник, хамсаахтаа.
Маҥай — төрөөбөт буолут тыһы таба.
Һусчака — түүтэ тас өттүгэр тириинэн тигиллибит эргэ сон.
Дудикам — кылгас саҕынньах.

Туһаныллыбыт литература:

1. Окорокова, В.Б. История литератур народов севера Якутии. – Якутск, 2004.
2. Окорокова, В.Б. Сияние полярных огней. – Якутск, 2013.
3. Илларионова, М.К. Писатели Земли олонхо. – Якутск, 2000.
4. Огрызко, В.В. Зарождение эвенской литературы: как это было. – Москва, 2005.
5. Тарабукин, Н.В. Мое детство. перевод Васильев Г.М.—Якутск 1980.