Ю.И. ШАМШУРИН АЙЫМННЬЫЛАРЫГАР ӨЛҮӨНЭ ӨРҮҺҮ УОБАРАСТААҺЫН

8 мая 7:55

Өбүгэбит былыр-былыргыттан Өлүөнэ өрүс уобараһын ырыатыгар ыпсаран, хоһоонугар холбоон күннээҕи олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын, иэйиитин туойара. Иитиллэн үөскээбит өрүһүгэр ытыктаан, харыстаан сыһыаннаһара. Өрүс син эмиэ киһи курдук саныыр санаалаах, өйдүүр өйдөөх, үөрэр-санньыйар дууһалаах курдук ылынан сүгүрүйэрэ, бэлэх-туһах уурара, көрдөһөрө. Онон уобараһа кини сүнньүгэр уутуйан үөскээбит омуктар литератураларыгар эрэ буолбакка кинини айаҥҥа сылдьан кэрэтин, уоҕун көрөн сөхпүт-махтайбыт араас тыллаах омуктар литератураларыгар  эмиэ көстөр.

Ол курдук, Саха сиригэр 13 сааһыгар көһөн кэлбит, нуучча литературатыгар аан бастаан Хотугу норуоттар тустарынан суруйбут Ю.И. Шамшурин прозатыгар Өлүөнэ өрүс уобараһа сиһилии арыллар.

Өрүс уобараһа айымньыга үксүн саҕаланыаҕыттан бүтүөр дылы көстөр. Ааптар бу ньыманан кини геройдара ханна олороллорун, туох дьарыктаах, үгэстээх дьону буолалларын кэбэҕэстик арыйар. Холобура: “Выстрел” кэпсээҥҥэ геройдар өрүһүнэн Булуҥкааҥҥа устан иһэллэрин, кинилэр айаннаан иһэн ардыгар бултуулларын суруйар.

Ю.И. Шамшурин прозатыгар Өлүөнэ өрүс – географическай эрэ буолбакка ассоциативнай уобарас быһыытынан суолтата сүҥкэн. Холобура, өрүс уобараһа айымньы геройун характерын сиэркилэтэ буолар. Ол курдук, “Выстрел” диэн кэпсээнин киириитигэр герой өрүһүнэн мотуордаах оҥочонон  нус бааччы, холкутук айаннаан иһэрэ ойууланар “Полдня я ехал на обомшелом валуне, прочно застрявшем на самом краю… реки. Ни катера, ни парохода...” [2, 202]. Оттон ааптар Өлүөнэни ойуулууругар өрүһү эмиэ холку диэн суруйар: берег пустынной реки… Лена была спокойна и величественна [2, 202].

Суруйааччы  улуу өрүһү сөҕөрүн-махтайарын геройун санаатын нөҥүө тиэрдэр: Широкой извилистой полосой проложила она себе дорогу между еще лежали грязные клочья нестаявшего снега. Угрюмые скалы с натеками щебня у оснований, с выветрившимися причудливой формы серыми утесами неподвижно застыли над рекой [2, 202]. Бу ойуулааһын ааптар Хотугу кыраайга күүстээх тапталын кэрэһэлииллэр.

Ю.Шамшурин айымньыларыгар киһи айылҕаны кытта быстыспат сибээһин орудук бэлиэтээн суруйар. Кини сүрүн геройдара үксүн айылҕаттан улахан тутулуктаах дьон:  булчуттар, табаһыттар, балыксыттар, өрүскэ үлэлээччилэр. Эрээри кинилэр айылҕа суруллубатах сокуонун, улахан сыала-соруга суох кинини тыытар наадата суоҕун билэллэр. Ол курдук, “Выстрел” кэпсээҥҥэ старшина: Пятый год в низовьях Лены хожу. Горы, камни да тундра вокруг… А появился зыерь совсем другой вид! Что проку, если бы я подбил баран…. Нет, животное без смысла губить нельзя, [2, 202]диэн этиитэ кини төһө да бултуон баҕардар, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаннааҕын, суобастааҕын көрдөрөр. Бу айымньытыгар Ю. Шамшурин өрүс кэрэтин, уоҕун сөҕөрүн-махтайарын таһынан ааҕааччыны туталыыр эйгэни харыстыырга ыҥырар. Профессор З.К. Башарина суруйааччыга герой айылҕаҕа сыһыана кини култуурунай таһымын, майгытын-сигилитин ис дьиҥин көрдөрөр диэн  биэлиэтиир. Онон айымньыга геройа-старшина култуурунай таһыма көстөр.

Ю.И. Шамшурин Өлүөнэ өрүһү хоһуйарыгар саха суруйааччыларын айымньыларыгар курдук кини Саха сиригэр күүстээх таптала, бэриниитэ көстөр. Кини айымньылара нуучча уонна саха литературатын быстыспат ситимнэрин туоһулара буолаллар.

Туһаныллыбыт литература

  1. Башарина З.К. Взаимодействие русской и якутской литератур в ХХ веке (история и проблемы взаимосвязей) : монография / З.К. Башарина. – Якутск : Издательский дом СВФУ, 2013. – 280 с.
  2. Шамшурин Ю.И. Северная широта. – М., 1956. – 224 с.
  3. Шамшурин Ю.И. Человек идет по Северу. – М., 1965. – 400 с.

Literature

  1. Basharina Z.K. Vzaimodejstvie russkoj i jakutskoj literatur v ХХ veke (istorija i problemy vzaimosvjazej) : monografija / Z.K. Basharina. – Jakutsk : Izdatel’skij dom SVFU, 2013. – 280 s.
  2. Shamshurin Ju.I. Severnaja shirota. – M., 1956. – 224 s.
  3. Shamshurin Ju.I. Chelovek idet po Severu. – M., 1965. – 400 s.