ПРОГРАММА РАЗВИТИЯ КЛАССА «ШКОЛА»

21 января 12:41
Оскуола, общественность, түөлбэ бары бииргэ, сүбэнэн үлэлииллэриттэн  улахан тутулуктааҕа саарбаҕа суох. Оҕо личность буола улаатарыгар, кини  сайдыытыгар үөрэх-иитии тэрилтэлэрэ сүрүн дьайыыны,көмөнү оҥороллор. Дьиэ кэргэн эргийэр киининэн оҕо буолар,киһи бэйэтин личность быһыытынан ииттинниитэ үс сүрүн хайысханан барар: бэйэ бэрээдэгэ, бэйэ билиитин-көрүүтүн,үөрэҕин үрдэтии уонна бэйэни бэйэ саыйннарыыта. Дьиэ кэргэн бэйэтин дьаһанар, ииттинэр процеһыгар хас биирдии киһи ис тэрээһинэ, өйө-санаата,дьулуура баар буолуохтаах, кини бэйэтин айымньылаахтык сайыннарар уонна тулалыыр эйгэни эмиэ кэрэҕэ уларытарга бэлэм буолуохтаах.

Тулалыыр эйгэ киһиэхэ араас билиини биэрэр. Ол билиигэ сатабыл,үөрүйэх түмүллэр. Онон, үөрэтии, иитии дьыалатыгар субьективнай, объективнай фактордары учуоттаан, комплекснай сыһыан ирдэнэр. Бэйэни ииттинии, дьаһаныы проблемата сытыытык турар. Ити курдук , маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирэр оҕолор, төһө да кинилэри оҕо саадыгар, төрөппүттэрэ бэлэмнээбиттэрин иһин, үөрэнэргэ бары биир бэлэмнээх буолбаттар.

Иитэр-үөрэтэр үлэ күүһэ үрдүүр. Ол иһин үлэлэтэр,үөрэтэр ньымалары сайдар тэтимин саҥардарга уонна сааһылыырга. Сайдыы сүрүн туруга оҕо кыра эрдэҕиттэн тус уратытын, ол эбэтэр бэйэтин ураты дьоҕурун сыаналаан,сайдыы саҥаттан-саҥа үктэллэригэр дабайан иһиитэ.Оҕо туохха дьоҕурдааҕын билгэлээһин, кэтээн көрүү ыытыллар.Оҕо айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун таба тайанан, онто сайдарыгар олук ууруллар. Оҕону бэйэтин олоҕун сатаан тэринэр гына иитии-ол аата кини киһи буолан үөскүүрүгэр программа оҥоруу буолар.

Эбии дьарыктар уруокка үөрэтии курдук буолбакка,көмө, өйөбүл, сэҥээрии-сэрэтии быһыытынан тэриллиэхтээх. Оҕо айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун таба тайанан, онно сайдарыгар олук ууруллуохтаах. 2012  үөрэх сылыгар маҥнайгы кылааһым төрөппүттэриттэн оҕо  дьоҕурун билэн, ханнык эбии дьарыкка сылдьалларыгар сакаас ылбытым.

Итинтэн  сиэттэрэн  «ОСКУОЛА» кылаас сайдыытын  программата оҥоһулунна.

Актуальнаьа: О5о уйул5атыгар тулалыыр эйгэ сабыдыалын тереппуттэргэ, иитэр-уерэтэр улэ тускулун тутуьааччыларга суолларын-иистэрин тобулуналларыгар, айар улэ албастарын булан, бар дьоҥҥо дэгиттэр тиэрдэллэригэр дьоьуннаах тосхолу онорсор.

Программа сүрүн өйдөбүллэрэ:

Программа сыала, соруга.

Сыала: Оҕону үтүө олоххо айанын суолун иилээн- саҕалаан иитии.

Соруктара:- саха оҕотун дьоҕура, талаана аһыллар уонна сайдар кыаҕын көрдүүр, булар, уһуйар ньымалары анаан чинчийэр араас хайысхалаах бөлөхтөру тэрийии;

  • оҕо бэйэтин эйгэтин ситимин быспакка эрэ, улахан дьон олоҕун-дьаьаҕын эйгэтигэр киллэрии;
  • Ү.Т.ҮӨ. үтүө санаатыгар олоҕуран, оҕоҕоо иһирэх сыһыан, кини кэскилигэр эрэнии үгэстэрин сайыннарыы;
  • оҕо эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдарыгар көҕүлээһин;
  1. Программанан улэ туhумэхтэрэ.


1кылаас. « Оскуола» дойдутун оҕотобун. «Мин»: куо уонна уол,  мин –уерэнээччибин, мин тулам, мин уерэнэбин.

2 кылаас «Оскуола» -олох суола.  Суол  Хараҥа   Сырдык   Охсуһуу   махтаныы. Үөхсүү      көмөлөһүү

3 кылаас Ү.Т.ҮӨ. олох суолугар тардыһыы.

4 кылаас Ү.Т.ҮӨ олох суолун ситиһии.

Үлэм түмүгэр маннык санааҕа кэллим. Үөрэтии кэмигэр оҕо үөрэх дьарыгын тус суолтатын өйдөөн, бэйэ кутун-сүрүн билиитин-көрүүтүн быһааран,сиэр-майгы өттүнэн тускуланыы курдук сыаннастары иҥэриннэҕинэ, үөрэнээччи бэйэтин тус уратытын, бэйэтин дьоҕурун сыаналана үөрэнэр, сайдыы саҥа үктэлигэр дабайар тус суолталаах дьайыылары олоҕурдар.Бу үлэбит саҥалыы суолун кэскиллээхтик саҕалаан истэхпитинэ, саха оҕото олоҕор позициялаах,үрдүк культууралаах, өй-санаа өттүнэн сытыы толкуйдаах, инники олоххо табытык үктэнэн, саханы нация быһыытынан сайыннаран иһиэҕэ.

                                   Туһаныллыбыт литература:

  1. Ыал Бии Билиитэ ⁄ хомуйан оҥордулар: Ф.С. Тумусов уо.д.а.; Кылаабынай ред. Ф.С. Тумусов.- Дьокуускай: Кудук, 2001
  2. Афанасьев Л.А. Сиэрдээх буолуу. – Кыра кылаас о5олоругар айыы Үөрэҕин туһунан кэпсээннэр
  3. Протопопова Н.И. «Олох эргиирэ» — 3 чаастаах Эдьиий Дора сүбэтэ.
  4. Попова Г.С. — Санаайа. Киһитийии сэһэнэ ⁄Г.С. Попова – Санаайа.- Дьокуускай Бичик, 2006
  5. Стручкова И.И. Саха бэргэн тыла – өһө. – Дьокуускай: Бичик, 2014.
  6. Формирование универсальных учебный действий в основной школе: от действия к мысли. Система заданий: пособие для учителя – М.: просвещение, 2013.
  7. “О5ону дьиэ кэргэҥҥэ үлэҕэ иитии” Саха Сиринээ5и норуот педагогикатын Ассоциацията. Дьокуускай, 2002с.;


Оҕону төрүт культураны тилиннэриинэн уонна салгыы сайыннарыынан уһуйан иитии-сайыннарыынан уһуйан иитии-сайыннарыы Эркээйитэ СРоҕолорун общественнай тэрилтэлэрин уонна холбоһуктарын союһа,Төрүт норуоттар оскуолаларын кыһалҕатын үөрэтэр Аан дойдутааҕы киин.Дьокуускай ,1994.;