УДК 8.82.282
Воронова Снежана Прокопьевна,
студент гр. ПО-МХК-16 ИЯКН СВ РФ
Научный руководитель:
Семенова Валентина Григорьевна,
к.ф.н., зав. кафедрой якутской литературы ИЯКН СВ РФ
Лирика — киһи уйулҕатын, иэйиитин туругун көрдөрөр уус-уран литература биир көстүүтэ. Поэзияҕа айылҕа көстүүтэ биир сүрүн миэстэни ылар. Үгүс поэт лирическэй герой айылҕаны кытта алтыһыытын, кини көстүүтүн ойуулуур-дьүһүннүүр. Төрөөбүт дойду айылҕатын кэрэ көстүүтэ хас биирдии уйан куттаах айааччы иэйиитин уһугуннарар, санаатын көтөҕөр, дууһатын чэпчэтэр. Ордук хотугу дойду айылҕатын көстүүтэ биһигини саҥаттан-саҥалыы долгутар уонна сөхтөрөр.
Мин талбыт темабын арыйаары Николай Тарабукин, Огдо Аксенова, Антонина Кымытваль, Виктор Кеулькут, Семен Курилов, Дмитрий Апросимов, Василий Лебедев, Василий Кейметинов-Баргачаан, Андрей Кривошапкин, Гаврил Курилов-Улуро Адо хоһооннорун хомуурунньуктарыттан халлаан эттиктэрин хоһуйбут айымньыларын көрдүм. Онно көрдөххө, хотугу норуоттар поэзияларыгар халлаан бэйэтэ, сулус, ый дьүһүлгэннэрэ үгүстүк туттуллар, ол оннугар былыт соччо улаханнык көстүбэт эбиттэр. Аны туран, халлаан эттиктэрэ хотугу норуоттар олохторун укулаатыгар чугаһатан ойууланаллар: сулустар песцами крадутся, халлаан – меховое одеяло. Ол эрээри хотугу дойду поэттара ордук элбэхтик уонна киэҥник күн уобараһын хоһуйбуттарын бэлиэтии көрдүм.
Ник. Зах. Копырин “Изобразительные средства якутской поэзии” (1997) үлэтигэр суруйар:“Поклонение солнцу – общее явление для народов мира в древности, так как солнце – источник жизни. Его живительные лучи, тепло и свет ощущали люди с доисторических времен”.
Ол да курдук, хас биирдии хотугу поэкка күн олус суолталаах миэстэни ылар. Хотугу дойдуга күннэрэ кыһын киирэн баран, саас биирдэ тахсар.Ол иһин олохтоохтор кыһынын күнү наһаа суохтууллар, ахталлар. Хотугу норуоттар поэттара күнү олус суохтуулларын маннык строкаларга көрөбүт: «Где музыка летних тропинок моих?! Их всё замели, завалили снега. И слабое солнце не вызволит их и будет зима бесконечна долга…», «О, бледное Солнце — память моя. О, яркое солнце — вера моя», «Так и хочется песню запеть о весне и о солнце горячем» (УлуроАдо), «И душа забыла про печали, солнечную радость обретя» (Василий Кейметинов). Поэттар хас биирдии хотугу дойду киһитэ ис санаатын, дууһатын, хайдах курдук күҥҥэ махтанарын, ытыктыырын, барытын түмэн көрдөрөн, иэйэн суруйбуттар.
Кинилэр кэтэһиилээх күннэриттэн сэниэ ылаллар, оҕо курдук наһаа үөрэллэр. Холобур, «О, свети, моё солнце…» (УлуроАдо), «Солнечный свет с особой яркостью сияет…» (Николай Тарабукин), «Мы, словно солнце, улыбались, согрев улыбками сердца…» (Василий Лебедев). Итинэн кинилэр хотугу норуоттарга күн — сырдык, күн — сылаас, күн – олох буоларын ойуулаан, ааҕааччыга күн күндүтүн чопчу тириэрдэллэр, бэйэлэрин хоһооннорунан күнү хоһуйанолох, дьылҕа туһунан толкуйга, санааҕа сатаан киллэрэллэр.
Үгүс хотугу поэттар хоһоонноругар күнү тыыннааҕымсытан суруйаллар, киһи олоҕунан олордоллор, кини мэлдьи тыыннаах: «И солнце за мерзлую землю уйдет…» (Огдо Аксенова), «Вышло солнце — влюбленная женщина в огненном платье…», «Появляется солнце — наш праздник приносит оно!» (Андрей Кривошапкин), «Свет пробьется и зажжет остуженные дни…» (УлуроАдо), «Солнце встает…», «Солнце качнуло…» (Виктор Кеулькут), «И солнце, омыв в ручьях лучи, сквозь стекла защекотало лежебок…» (ВасилийКейметинов) диэн суруйаннар, күнү тыыннаах көстүүнэн ааҕан, бэйэлэрин санааларын арыйаллар.
Оттон саханоруотун ыллахха, сахаларбылыр-былыргыттан күҥҥэ сүгүрүйэллэр. Кинилэр күн анныгар олоробут, күн оҕолоробут дэнэллэр.
Ол курдук, саха норуоднай поэта Иван Михайлович Гоголев «Күнү олус таптыыбын» диэн хоһоонугар маннык суруйар: «Күнү таптыыр буоламмын, Күннээх санаа миэхэ баар, Күнү кытта сылдьаммын, Күннээх буолуом, атастаар. Күнү, күнү таптыыбын, Күнү олус таптыыбын». Оттон «Күннээхтик олоруохха» диэн эмиэ биир хоһоонугар «Биир күн көрөр саҕахха, Сүрэххэ сүүс күн тыгар, Күннээхтик олоруохха Күн элбиирин туһугар» диэн дьону күннээхтик, ол эбэтэр сырдыктык, дьоллоохтук олорор туһугар ыҥырар.
Н.З.Копырин бигэргэтэринэн, өбүгэлэрбит саамай кэрэхсиир өҥнөрө – үрүҥ. Саха хараҕа тугу сөбүлүү көрөрө, санаата кэрэхсиирэ бүтүннүү үрүҥ өҥүнэн бэлиэтэнэр. Сахалар күнү үрүҥ күн диэн ааттыыллар. Холобур, Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлэ» поэматын саҕаланыытыгар маннык суруйар: «Аҕыс сардаҥалаах маҥан күн алаарыйа тахсан эрдэҕинэ». Алампа хоһоонноруттан үгүстүк саһарҕалаах маҥан күн, күндү маҥан күн, кылбайар маҥан күн, күндүл маҥан күн диэн ситимнэри булабыт. Семен Данилов «Сааскы кэм барахсан» хоһоонугар: «Үрүҥ күн мичээрин күүһүнэн үллүктүүр хаардары сууһарыый», — диэн көрдөһөр. Сахаларга күнү үрүҥ өҥүнэн хоһуйуу былыргы итэҕэллэрин кытары ситимнээх буолуон сөп. Ону таһынан, уһун кыһын халлааҥҥа туман быыһынан сырдаан көстөр дьүһүнүн бэлиэтиэхтэрин сөп.
Дьэ ити курдук, саха поэттара үрүҥ, маҕан күн диир буоллахтарына, хотугу норуоттар поэттарын күннэрэ кытархай, чаҕылхай өҥнөөх: «Сочна морошка и свежа, в неё так много солнца влито!», «Какое веселое солнце над тундрой пылает в зените» (Семён Курилов), «И добыл от солнца огня, и костер оранжевым пламенем жарко взлетел…» (Дмитрий Апросимов), «Солнце светом алым вершины красит» (Василий Кейметинов), «Солнце рыжее встаёт» (Виктор Кеулькут), «Медно-красное солнце» (Василий Лебедев). Арааһа, кинилэргэ күннэрэ сайын эрэ көстөр буолан, кытархайынан ойуулууллара буолуо. Оттон сахаларга күннэрэ кыһынын кытта көстөр буолан, маҕан өҥүнэн дьүһүллэрэ буолуо. Ол эрээри саха поэзиятын кытта хотугу поэзията марыннаһыылара диэн- күнү уруйдууллара — айхаллыыллара, өр өтуталлара буолар. Үгүс поэт, омугуттан тутулуга суох, хоһоонугар күҥҥэ үҥэр, таҥара оҥостор,кини баар буолан – олох баар,туох барыта чэчирии үүнэр-сайдар диэн бэлиэтиир.
Онон, хотугу норуот олоҕор-дьаһаҕар күн улахан оруолу ылар буолан, күнү үҥэр таҥара, сүгүрүйэр күүс оҥостон баччааҥҥа дылы илдьэ кэлбиттэр. Билиҥҥи да поэзияҕа күн уобараһа биир сүрүн миэстэни ылар, суолтата сүппэт.