УДК 8.82.282
Окорокова В.Б.,
д.ф.н., профессор СВФУ им. М.К.Аммосова
Эбээн суруйааччыта М.П.Федотова-Нулгынэт оҕо эрдэҕиттэн остуоруйа алыптаах эйгэтигэр үөскээбитэ. Кинини тулалыыр дьоно-сэргэтэ бары остуоруйа кэпсииллэрэ. Бэйэтэ эмиэ остуоруйаһыт быһыытынан биллэр, оҕолор муһуннулар да кэпсиир үгэстээх буолан, кинини кыра оҕолор эккирэтэ сылдьаллар. Ааптар „Нулгынэт“ романыгар биир „Омуннаах уонна Бырдах“ диэн уһулуччу бэтиэхэлээх кэпсээн баар. Ол эрээри манна юморы олох түбэлтэтэ үөскэппэт, омуннаах кэпсээн дьээбэлэрэ уонна национальнай характер уратыта үөскэтэр. Омуннаах Охонооһой уонна Бырдах Баһылай бииргэ үүммүт, тэҥҥэ кырдьыбыт үөлээннээхтэр. Кинилэр кэпсэтэллэрин истээри кыыс мантан арахпат эбит. Ийэтэ мөҕөр: „Хотуой, бу оҕонньотторго тоҕо кутурук маһа буоллуҥ… Ити быраатым Омуннаах уонна Бырдах күлүгү харбатар кэпсээннээх дьон, уокка бырахтахха кэҥсик тахсыбат кэпсээннээх оҕонньоттор. Кинилэр сымыйанан кэпсэтэллэрин истэ-истэ ууга-уокка түһүмэ, онтон тугу да туһаныаҥ суоҕа. Хата, үлэҕин толор, үөрэҕиҥ кинигэтин аах…“. Оҕонньоттор көрүстэллэр эрэ булт-алт туһунан омуннаан кэпсэтэн бараллар, остуоруйа-кырдьык икки ардынан сылдьаллар, куоталаһар оонньууга киирэллэр, оҕолоругар түһэр курдуктар. „- Бу умайа турар оһох саҕа таарбаҕаны бултаатым… – Мин аҕам тыыннааҕар, былыр, кырдьык улахан таарбаҕаны бултаан турардаах. Тириитин тиирбитим, бу балаакка оннун саҕа этэ. Истиэххин иккитэ баҕардаххына, тириитэ аҕабар суорҕаннаах тэллэх буолбута…“ – диэн бэйэ-бэйэлэрин күөртэһэ-күөртэһэ кэпсииллэр. „Аҕам тыыннааҕар“ диэн чопчулаан этии, төттөрүтүн, өйтөн оҥоруу буоларын бигэргэтэн биэрэргэ дылы. „- Миэнэ, сыата саатар элбэх ини, — Бырдах бэриммэт. – Сыатын уулларбытым икки биэдэрэ буолбута. – Миэнэ да сыата элбэх буолуо. Сыатын икки сыл устата сии сатаан баран тохтоппуппут…“ „- Ытыллыбыт тииҥи үөһэттэн түһэн истэҕинэ, хабан ылан өлүөн иннинэ, сүлэ охсобун…“ Онуоха Омуннаах тииҥи көтөн истэҕинэ сүлбүтэ тахсан маска сытынан кэбиһэр, сүлүллүбүтүн өйдөөбөккө да хаалар эбит. Манна барытыгар Омуннаах кыайыылаах тахсар. „- Доҕоор, Охонооһоой, эн миигин куруук аһара түһэн иһэҕин. Тоҕо итиннигий? – Хайыай, мин эйигиннээҕэр икки хонук эрдэ төрөөбүт киһи билэрим-көрөрүм элбэх буоллаҕа…“ Бу оҕонньоттор кэпсэтиилэрэ омуннаах остуоруйаҕа майгынныыр. Күн аайы маннык баай фантазияны истибит Нулгынэт төһөлөөх элбэҕи иҥэриммитэ буолуой.
Нулгынэт аан маҥнайгы остуоруйатын кинигэлэрэ „Кубалар хайдах үөскээбиттэрэ“ 2000 сыллаахха, „Үүтү көрдүүр тугутчаан“ 2002 сыллаахха тахсыбыттара. Хотугу норуоттар остуоруйаларын сүрүн геройдара үксүгэр кыыллар уонна көтөрдөр буолаллар. Бу фольклор саамай маҥнайгы геройдара буолалларын быһыытынан миф төрүттэрэ манна эмиэ көстөллөр. „Преобладающий вид у народного творчества эвенов – это сказки. Особенно многочисленны сказки о животных. Происхождение их относится к очень древним временам, когда эвены окружали животных суеверным почитанием и приписывали им особую, таинственную силу, верили в то, что звери живут так же, как люди. В них дается точная их точная характеристика. Объясняется, почему зверь стал таким маленьким, или почему оторвался хвост и т.д.“ [2, 43].
Ол курдук кыыллар, көтөрдөр хайдах үөскээбиттэрин туһунан быһаарар аналлаах остуоруйалар Нулгынэкка эмиэ бааллар. „Үүтү көрдүүр тугутчаан“ остуоруйа, аата да этэринии, геройа тугутчаан. Кини ийэтин бөрөлөр тарданнар, тулаайах хаалан хаалар. Үүт көрдүүр да, кинини ханнык да таба чугаһаппат. Көтөрдөр оҕобутун үүтүнэн аһаппаппыт дииллэр, чыс кутуйах үүтүм аҕыс оҕобор да тиийбэт диир. Кэмниэ-кэнэҕэс тугутчаан киһини булар, киһи киниэхэ үүт булан биэрэр. Остуоруйа А.Кривошапкин „Тоосопачаан“ кэпсээнин санатар. Ол гынан баран А.Кривошапкин айымньытын тугутчаана „үчүгэй уонна куһаҕан“ арааран өйдүүргэ үөрэнэр уонна жанра кэпсээн буолар. Оттон Нулгынэт остуоруйата сюжетынан уонна идеятынан „Таал-таал эмээхсин“ диэн саха остуоруйатыгар майгынныыр. Күн сиригэр киһиттэн күүстээх, өйдөөх, муударай суох диэн киһиэхэ гимн ылланар.
Нулгынэт 2005 сыллаахха „Хорооло Хоһуун“ остуоруйаларын кинигэтэ тахсыбыта. Барыта уон остуоруйа киирбит. Манна эмиэ кыыллар тустарынан остуоруйалар бааллар, ол гынан баран кинилэргэ ааптар олох-дьаһах боппуруостарын арыйар. Холобур, эһэ уонна кутуйах, биирэ күүһүн, иккиһэ албаһын холбоон сорсуннаах булчут буолан олороллор. Оттон киис уонна кырынаас батыспакка арахсаллар. Бу кинигэҕэ үһүйээн сюжетыгар майгынныыр остуоруйалар эмиэ киирбиттэр – „Сүлтэкээн чоҕо“, „Хаҕыны табалара“. Маҥнайгытыгар муударай дьахтар дьону араас алдьархайдары туоруурга үөрэтэр. Бу эбээн норуотугар олох оскуолата буолара эмиэ кэрэхсэбиллээх. Баай Хаҕыны үһүс кыра уола дьадаҥыларга көмөлөһөрүн иһин үүрэн кэбиһэр, оттон табалара уолу батыһан баран хаалаллар.
Ааптар икки остуоруйата олоҥхолуу ис хоһоонноох бэрт уһун кээмэйдээх айымньылар буолбуттар – „Ангаткаан уонна Уйама“, „Хорооло Хоһуун“. Олоҥхоҕо майгынныыр өрүттэрэ – кээмэйэ уһун, геройдара туохтаахтарын көрдөрөр уһун ааттара, үгүс сырыылардаах уонна элбэх геройдуу быһыыны оҥорор сюжеттара. Уонна, биллэн турар, ааптар баай тыла-өһө. Маннык баай уус-уран сахалыы тыллаах, олоҥхолуу матыыптаах уонна сюжеттаах „Куралай кустук!, „Күндэли Куо“ (1983) сэһэннэри эбэҥки суруйааччыта Д.Апросимов айан-суруйан сөхтөрөн турар. Ол үгэһи Нулгынэт эмиэ утумнаабыт.
Эбээн остуоруйатын фантазиятын ырыппыт К.Новикова бу остуоруйаларга туох барыта аптаах буолар, туттар маллара-саллара кытта охсуһааччы буоллалар диэн бэлиэтээбитэ. Ону кытта эбээн остуоруйатыгар хайаан да юмор киирэр эбит: „В произведениях эвенского фольклора много народной фантазии, народной мудрости, народного юмора. Для языка фольклорных произведений характерын простота, искренность, живость и непосредственность“ [2, 42].
Нулгынэт „Эбдэки кыргыттара“ кинигэтэ 2006 сыллаахха тахсыбыта. Манна барыта тоҕус улахан кээмэйдээх остуоруйалара киирбиттэр. Саха олоҥхолоругар кыыһы сыһытан, кэргэн ылаллар. Чахчыта да, кыыс хаҥыл буоллаҕа. Оттон эбээн остуоруйатыгар ааптар уолу сыһыттыларын арыйар, кыыс сыһытыллыан баҕарбат эбит, кини төһө да эр киһиттэн күүстээх буоллар, муударайынан эмиэ баһыйар буолан, эр киһиэхэ тэҥнээх доҕор буолар. Уопсайынан да, хотугу норуоттарга дьахтар былыргыттан тэҥ бырааптааҕынан биллэр, ол туһунан А.Пошатаева маннык суруйар: „Поскольку женщина в первобытном обществе и на стадии отцовско-родового строя сохраняла функции хранительницы очага и имущества, главенствовала при дележе добычи, она тем самым и на более поздних социальных стадяих социального развития не находилась в подчиненном и зависимом положении. Как мы видели, это отражено и в эпосе северных народов“ [3, 70]. Манна эбэн эттэххэ, олох итинник быһыыта-майгыта остуоруйаҕа кытта көстөр эбит.
„Эбдэки кыргыттара“ остуоруйаҕа огдообо эмээхсин үс кыргыттара кэрэ дьүһүннээх, үлэһит, иистэнньэҥ эбиттэр. Ол иһин эмээхсин кыргыттарын баай уолаттарга эргэ биэриэн баҕарар да, олор көстүбэттэр. Бэйэлэрин көрдөтө ыытар. Эмээхсин тылын кыра эрэ кыыһа истэн кураанах ураһаҕа таҥас буолан ыйанан турар. Ким кэппиккэ ойох тахсыахтаах. Бырааттыылартан кыра уоллара кэлэн кэтэр, кыыһы ойох ылар. Улахан оҕолортон үрүҥ тириилээх дьон, орто ыалтан халлаан күөҕэ харахтаахтар, оттон кыра уҥуохтаах, хара хара харахтаах, хара баттахтаах кыра кыыстан уонна кини кэргэниттэн эбээннэр үөскээбиттэр эбит. Онон остуоруйа аан дойду дьоно хайдах үөскээбиттэрин көрдөрөр эмиэ этимологическай ис хоһоонноох айымньы буолан тахсар.
„Хоруотаан“ остуоруйаҕа халлаан сулуһунааҕар элбэх табалаах, сылгылаах Сотор баай олорбут, кини дьону дьээбэлиир идэлээх эбит. Хоруотаан уол ийэтэ өлөөрү ас көрдөһө тиийбитин мас тардыһан кыайдаххына биэриэм диир, уол кыайбатын билэн аккаастанар, оттон баай этэр, ол курдук эн хаһан төлүөххүн биэриэмий диэн. Уот иччитэ дьадаҥы уолга сүбэһит буолар. Хоруотаан аан дойду күүстээҕэ буолан хаалар. Баайга кэлэр, баай сэнээн аҥаар илиитинэн тардыһар уонна баайын чиэппэрин сүүйтэрэр. Икки илиибинэн баҕас кыайан, баайбын төнүннэрэр инибин диэн баран, баайын аҥарын сүүйтэрэр. Өйдөрүнэн холоһууларыгар эмиэ кыайан, аны баай кыыһын ойох ылар. Остуоруйа геройдарын да ааттарыттан көрдөххө, уот иччитэ, алгыс да баарыттан, баай-дьадаҥы конфлигыттан көрдөххө, бу сахалыы остуоруйа буолар. Ону кытта тоҥсоҕойтон аптаах оту ылаары уйатын хаптаһынынан бүөлээһинэ үүт-үкчү Амма Аччыгыйа „Сааскы кэм“ романыгар баар сюжет буолар. Ол гынан баран интэриэһинэйэ диэн, көтөр уйатын алдьатан дьикти күүһү ылыы Россия уонна Америка, Канада хотугу норуоттарын саамай архаичнай мифтэрэ буолар эбит. Онон манна сахалыы уонна хотугу матыып дьиктитик алтыһаллар.
„Эбдэки кыргыттара“ кинигэ тоҕус остуоруйалара сюжеттара уһун аптаах-алыптаах остуоруйалар буолаллар. Суруйааччы бытовой бэлиэтээһиннэрэ уонна геройдарын характердарын, ис туруктарын, санааларын арыйан психологическай хартыыналары ойуулуур. Онон остуоруйалар төһө да былыргы олоҕу көрдөрбүттэрин иһин билиҥҥи олоххо туһаайыллыбыттар, остуоруйа кэмэ, чахчыта да, бүппэт, хатыланан кэлэ турар, салҕанан барар. Саха остуоруйаларын сабыдыала төһө да күүстээҕин иһин, Нулгынэт остуоруйаларын баай фантазиятын күүһүнэн өйүттэн айар.
Онон Нулгынэт нуучча, саха, эбээн остуоруйаларын үгэстэрин барытын туһанан, холбоон дьикти айымньылары суруйар дьоҕурдаах, ким баҕарар тартаран ааҕар айымньыларын айбыт остуоруйаһыт-суруйааччы буолар.
Билиҥҥи кэмҥэ хотугу дойду норуоттарыгар остуоруйа айыллара уурайда диэн бэлиэтииллэр эбит. „Эпические жанры постепенно забываются. Не создаются, по-видимому, и сказки, во всяком случае, сказок на современные темы нам записать не удалось“ [2, 43]. Ол эрээри остуоруйалар билиҥҥи кэмҥэ айылла туралларын уонна кыра ааҕааччыны абылыылларын, ааҕарга тардалларын М.Федотова-Нулгынэт уонна юкагир суруйааччыта Н.Курилов айар үлэлэригэр көрүөхпүтүн сөп.
Интэриэһинэйэ диэн, билигин остуоруйалар кэмнэрэ бүтүн аан дойдуга тарҕанан эрэр. Ол курдук араас дьикти айымньылары, киинэлэри айаллар – „Алиса в стране чудес“, „Властелин колец“, „Гарри Поттер“ эҥин курдук. Итилэртэн иккитин дьахтар-суруйааччылар айбыттарын болҕомтоҕо ыллахха.
Нулгынэт остуоруйалара иитэр-үөрэтэр, биллэрэр-көрдөрөр суолталарынан күүстээхтэр уонна оҕо өйүн-санаатын абылаан, умсугутан ааҕар суолга киллэрэр тосхоллоохтор. Онон оскуола оҕолоругар бэртээхэй айымньылар буолаллар. Интэриэһинэйэ диэн, суруйааччы бу ураты талаанын ырытыы олох суох эбит, Арай В.Г.Белолюбская-Аркук бэлиэтээһинэ баар: “Истинный знаток фольклора и родного языка, Нулгынэт от природы Мудрый учитель и потому очень тонко воспринимает детскую психологию, верно улавливает мелодию детской души. Такое чутье не каждому дано. Эта неповторимая мелодия вплетена в саму природу кочевой жизни, она и в хорканьи оленя, и в звоне ручья, в шероте падающего снега, и в скрипе нартенных полозьев. Поэтому создаваемые образы писателя своеобразны и неповторимы. Другой особенностью таланта Нулгынэт является ее искренний неподдельный юмор, столь необходимый для жизни в суровых условиях Севера“ ([1, 55].
Онон М.П.Федотова-Нулгынэт саха, нуучча, эбээн тылларынан тахсыбыт барыта алта остуоруйа кингэтигэр биэс уонча айымньылаах, баай фантазиялаах, кэрэ уобарастардаах, алыптаах тыллаах, иитэр-үөрэтэр соруктаах остуоруйаһыт-суруйааччы буолар. Итиннэ барытыгар кини икки утаҕы холбуур, кини айааччы быһыытынан, биир өттүттэн, эбээн фольклорун салгыыр, иккис өттүттэн, литератураны байытар суруйааччы буолар.
Туһаныллыбыт литература
- Белолюбская В.Г.-Аркук. Оленьи нарты Марии Нулгынэт// Нулгынэт. Хорооло Хосун. – Якутск: Бичик, 2012. – С.54-55.
- Новикова К. Об устном народном творчестве эвенов// Эвенская литература. Составитель Огрызко В. – М.: Литературная Россия, 2005. – С.39-50.
- Пошатаева А.В. Литература народов Севера. – М.: Наука, 1988. – 168 с.