Профессор Н.Д. Дьячковскай үлэлэрэ саха историческай фонетикатын, диалектологиятын, морфологиятын уонна былыргы саха, түүр тылларын дириҥник тэҥнээн үөрэтэргэ бигэ тирэх буолаллар. Николай Демьянович туттубут методиката атын түүр тылларын дорҕоонун тиһигин үөрэтэргэ методологическай төрүт, холобур буоларынан улахан суолталаах.
Н.Д. Дьячковскай “Звуковой строй якутского языка. Ч 1. Вокализм” нууччалыы билим академиялыы хос истиилинэн уонна “Саха билиҥҥи тыла. Фонетика” сахалыы билим үөрэх хос истиилинэн суруллубут үлэлэригэр саҥа дорҕоонун сиһилээһинэ ырытылынна.
Үөрэх хос истиилинэн суруллубут үлэ устудьуоннарга анаан арыый да судургутуллубут, оттон академиялыы хос истиилинэн суруллубут үлэ анал үөрэхтээх дьоҥҥо анаммыт буолан тыла-өһө уустук, араас тиэрмин элбэх.
Дорҕоон сиһилээһинигэр 134 холобур көрүлүннэ. Сахалыытыгар уопсайа 67 холобуртан 25-һэ судургу этиинэн (37%), 42-тэ холбуу этиинэн (63%) бэриллибит. Холбуу этии 3 арааһа баар: а) баһылатыылаах холбуу этии (24 холобур), билим истиилигэр үксүн тэҥниир салаа этиилээх уонна быһаарыы, толоруу салаа этиилээх БХЭ туттуллар; б) уустук тутуллаах баһылатыылаах холбуу этии (5 холобур); в) тэҥҥэ холбоммут холбуу этии (13 холобур).
Чинчийээччи билим үлэтигэр тэгили суолталаах үгүс тиэрмини туттан, уустук көстүү араас өрүттэрин биир-биир быһааран, толкуйун сайыннаран, баай ис хоһоонноох, чиҥ дакаастабыллаах кэрчиктэри таҥар. Маннык соругу судургу этии үгүс түбэлтэҕэ кыайан толорбот буолан, баһылатыылаах холбуу этиини саха санааны ордук киэҥник сиһилиир, төрүөтүн, суолтатын ыйан, барытын олохтоохтук быһаарарын иһин билим истиилигэр ордук элбэхтик тутталлар, холобур: Кроме 8 кратких и 8 долгих монофтонгов, в якутском языке имеется 4 дифтонга, которые в графике принято обозначать двумя гласными буквами: иэ, үө, ыа, уо. В других тюркских, очевидно, дифтонгов как самостоятельных фонем не существует, однако во многих тюркских языках известны дифтонгические сочетания звуков и дифтонгоиды.
Оттон бэриллибит 67 нууччалыы этиилэртэн 19-һа холбуу этии (28%), 48-һа судургу этии (72%).
Билим истиилигэр туттуллар тэнийбит быһаарыы этии ис хоһоонун эрэ кэҥэтэр, дириҥэтэр соруктаах буолан, дьүөрэ дорҕоонноох сиэдэрэй нуормаҕа наадыйбат: Үү – гласный звук переднего ряда, верхнего подъема, лабиализованный.
Билим истиилигэр биир уустаах чилиэни туттуу билим өйдөбүлү, көстүүнү ситэри-толору быһаарар, барыта ураты суолтаны, ис хоһоону илдьэ сылдьар. Этии биир уустаах чилиэнэ араас истиилгэ туттуллар, тылын-өһүн баайа, экспрессията киэҥ. Онон, этиини судургутук биэрэр оннугар, этии биир уустаах чилиэнин арааһын тутуннахха, болҕомто тардар буолар, элбэх информацияны тириэрдэр.
Кыбытык кэрчик (вставные конструкции) – этиигэ сигэнии синтэксиичэскэй ньыма буолар. Ол курдук, нууччалыы тылынан тахсыбыт үлэтигэр Н.Д. Дьячковскай кыбытык кэрчиктээх этиилэри үгүстүк туттар, холобур: По Бетлингку, они “образуются посредством соединения восьми простых основных гласных с и: аи, эи, ои, өи, ыи, ии, уи, үи. С.В. Ястремский, вслед за В.В. Радловым, вместо терминов О.Н. Бетлингка “тяжелые” и “легкие” употребляет термины “широкие” и “узкие”. Таким образом, эти дифтонги можно назвать восходящими.
Н.Д. Дьячковскай дифтоннары уонна уһун аһаҕас дорҕооннору академиялыы уонна үөрэх хос истииллээх үлэлэригэр биир халыыбынан, биир тииптээх этиилэринэн биэрэр, холобур: иэ дифтонг саҕаланыыта кыараҕас уһун ии эбэтэр кылгас арыый киэҥ и фонемаларга майгыннаах. – Дифтонг иэ начинается с положения для долгой закрытой фонемы или краткой, более открытой фонемы и заканчивается при укладе языка для переднего закрытого. Ии – айах илин уһун аһаҕас дорҕооно. – Ии – гласный переднего ряда, высокого подъема, нелабиализованный.
Н.Д. Дьячковскай академиялыы хос истииллээх үлэтигэр дифтону сиһилээһинигэр ордук судургу этии, онтон сахалыы тылынан тахсыбыт үлэтигэр холбуу этии баһыйар. Тоҕо саха тылыгар холбуу этии, онтон нуучча тылыгар судургу этии баһыйарый диэн ыйытыыга маннык эппиэттиэххэ сөп.
Бастакытынан, араарыллыбыт ойоҕос чилиэннээх этиилэр өйдөбүлү ордук толорутук биэрэр буоланнар, улахан кээмэйдээх үлэлэргэ үгүстүк туттуллаллар. Ол иһин нууччалыы тылынан тахсыбыт, академиялыы хос истииллээх үлэтигэр уустугурдуллубут судургу этии баһыйар.
Иккиһинэн, билим сахалыы истиилигэр нуучча тылыгар курдук эмиэ болдьох салаа этиилээх, төрүөт салаа этиилээх баһылатыылаах холбуу этиилэр ордук элбэхтик туттуллаллар.
Үсүһүнэн, автор тус истиилин бэлиэтигэр көстөр. Ол курдук хас биирдии учуонай бэйэтэ суруйар ураты истииллээх буолар. Н.Д. Дьячковскай суруйар идэтин уратын суолун-ииһин, туттар үгүс ньымаларын биһини кини үгүс үлэлэригэр көрөбүт.
Литература:
- Аммосова Е.Н. Саха тыла сайдарын туһугар (профессор Н.Д. Дьячковскай туһунан ахтыылар). — Дь., Бичик. 2002.
- Дьячковский Н.Д. Звуковой строй якутского языка. Ч.1. Вокализм. – Якутск, 1971.
- Дьячковский Н.Д. Звуковой строй якутского языка. Ч.2. Консонантизм. – Якутск, 1977.
- Дьячковскай Н.Д. Саха билиҥҥи тыла. Фонетика. – Дьокуускай, 2000.
- Слепцов П.А. Ступени и проблемы якутского языкознания. – Якутск. 2008.