Тимофеева Н.И., Якутск
Институт языков и культур народов СВ РФ, Филолгия, гр. М-ИиС-16
Научный руководитель: Архипова Е.А., доцент, к.ф.н.
Иван Арбита курдук уһуннук,“умнуллууга”анньыллыбыт поэт суоҕункэриэтэ. Ол курдук кини үйэ аҥарыгар аата-суола сабыллан,айымньылара толору сырдатыллыбакка сылдьыбыттара.
Поэт, тылбаасчыт Иван егорович Слепцов – Арбита 1914 сыллаахха Мэҥэ улууһугар Тараҕай нэһилиэгэр. 1935 сыллаахха Якутскайдааҕы учуутал техникумун үөрэнэн бүтэрэн баран, Сунтаар оройуонугар учууталлаабыта. Онтон салгыы Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар редакторынан, “Кыым” хаһыакка үлэлээбитэ.
1942 сыллаахха муус устар 7 күнүгэр балыырга түбэһэн, Саха АССР ИдьНК сэриилэрин байыаннай трибуналынан “антисоветска й үлэтин иһин” диэн ааттанан, РСФСР УК 58-с ыстатыйатын 10-с пуунун 2-с чааһынан сууттаммыта. Ол бириигэбэри ССРС Верховнай суутун Байыаннай коллегията 1942 сыллаахха ыам ыйын 5 күнүнээҕи быһаарыытынан бигэргэппитэ. Өссө байыаннай кэм быһыытыгар-майгытыгар Советскай Армияҕа ыҥырыыттан уонна байыаннай учуоттан соруйан куотунууга буруйданан, РСФСР УК 193 ыстатыйатын 10 “а” пуунунан 5 сыл болдьохтоох хаайыыга ууруллубута. 1942 сыллаахха хаайыыга өлбүтэ. Арбита аата ити олоҕо суох буруйдааһыннартан ССРС Верховнай суутун пленумун 1965 с. балаҕан ыйын 15 күнүнээҕи уурааҕынан ырааһырбыта.
Иван Арбита айар үлэтин 1932 сыллаахтан саҕалаабыта. Кини хоһоонноро, кэпсээннэрэ “Бэлэм буол”, “Эдэр коммунист”, “Кыым”, “Социалистическая Якутия” хаһыаттарга, “Кыһыл ыллык” сурунаалга, эдэр суруйааччылар альманахтарыгар бэчээттэммиттэрэ. Кэлин 1967 с. тахсыбыт “Саха поэзиятын антологиятыгар” кини 9 хоһооно киирбитэ.
Поэт доҕоро, критик Георгий Васильев маннык суруйбута: “Иван Арбита бэйэтин поэтическай айымньылара, бэчээккэ тахсымыналар, ааҕааччы маассаҕа төрүт да тиийэ иликтэр. Кини литературнай наследствотыттан төһөтө ордон хаалбыта билигин чуолкайа биллибэт. Үксэ, арааһа, сүппүтэ буолуо. Бэйэтэ да бэрт ыһыллаҕастык тутара. Сүтэрэрэ да үгүс этэ. Кэлин тиһэх ыкса доҕотторун модьуйууларынан, кини бары хоһооннорун бэрээдэктээн биир сиргэ түмэргэ сөбүлэммитэ. Онон 12 цикллаах лирика кинигэтэ мунньуллан испитэ. цикллара маннык барыллаан ааттаммыттара: “Үрүҥ түүннэр”, “Көмүс күрүлгэн”, “Сиргэ түспүт сэрэбиэй”, “Кирилиэстэр”, “Муҥурданыы”, “Ямбалар”, “Олох ыллыгынан”, “Тайҕа таптала”, “Импровизациялар”, “Анабыллар”, “Ол-бу” уонна “Фрагменнар”.
Иван Арбита лирикатын кинигэтин рукопиһын Георгий Васильев көрөн-харайан илдьэ сылдьыбыта. Кини өлбүтүн кэннэ ити нэһилиэстибэ кыыһыгар Виктория Георгиевнаҕа хаалбыта.Ону кэлин 1989 сыллаахха “Хотугу сулус,, билиҥҥитинэн“Чолбон” сурунаалга бэчээттээбиттэрэ. Ыстатыйаны И. Е. Федосеев бэлэмнээн таһаарбыт эбит, арааһа С.Т.Руфов этиитинэн буолуо.Ойуччу тутан, саха норуотун уһулуччулаах поэтын Иван Арбитаны бар дьонугар эргитэн,сымыйанан буруйданан суорума суолламмыт поэт күн сырдыгын көрбөтөх хоһооннорун, тылбаастарын таһаарбыттарын үтүөтүн-өҥөтүн бэлиэтиэх тустаахпыт.
Манна тахсыбыттар “Итии таҥаста хомунуоҕуҥ!» диэн хоһооно,“Долгуннар” поэмата уонна А.С.Пушкины, М.Ю.Лермонтовы тылбаастаабытын бэчээттээн таһаарбыттар. Иван Арбита күн анныгар 29 сыл 5 ый сылдьыбыта, онтон балтараа сыла хаайыыга. Ол аата сүгүрүйэр поэттарыттан М.Лермонтовтан 1 сылынан ордук, Александр Пушкинтан 10 сылынан итэҕэс олорбут. 28 саас диэн — билиҥҥи биһиги поэттарбыт харахтарынан саҥа тылбыҥнатан көрөн-истэн аан дойдуну анааран эрэр кэмнэрэ, онтон Арбита ити кэмҥэ үлэтэ-хамнаһа үрүлүйэн сарсыардааҥҥы омурҕаныгар тиийбит кэмэ!
Онон Иван Арбита норуокка иккистээн, эрэллээхтик эргиллиитигэр “Чолбон” сурунаал улахан кылааты киллэрбитэ.