ОСКУОЛА ОҔОТУГАР АНАЛЛААХ «САХАБЫТ ТЫЛЫН БАРАММАТ БААЙА» ИНТЕРАКТИВНАЙ ООННЬУУ

2 сентября 7:40

Охлопкова Ирина Алексеевна,

Северо-Восточный федеральный университет,

студентка ФЛФ РСОК-15

Научный руководитель: Герасимова Е.С., к.ф.н., доцент


 

Билиҥҥи сайдыылаах олоххо араас техника көрүҥэ элбээн киһи-аймах компьютертан, телевизортан, Интеренет ситимиттэн тутулуктаах буолан эрэр. Форумнары, социальнай холбоһуктары, киинэлэри, биэриилэри бүгүҥҥү күҥҥэ ааҕан сиппэккин.

Бу сүүрээҥҥэ улахан дьонтон ордук түргэнник уонна олус кытаанахтык оҕо-аймах ылларар. Аныгы оҕо компьютерынан, төлөпүөнүнэн сиэрэ суохтук үлүһүйүүтүттэн доруобуйата кэхтэрэ, өйө-санаата мөлтүүрэ баар суол. Онон саҥа техниканы оҕо сайдыытыгар туһалаах оҥоруу – билиҥҥи кэм сүрүн сыала.

Элбэх учуонайдар, педагогтар кэтээн көрүүлэригэр оҕо үөрэҕи сөптөөхтүк ылынарыгар оонньуу халыыба ордук табыгастааҕын бэлиэтээбиттэрэ. Дьиктитэ диэн, оонньууга баар сорудахтар, быһаарыылар оҕо өйүгэр кинигэ аахпыттааҕар, кэниспиэк суруйбуттааҕар дэбигистик хатаналлар диэн этэллэр.

Мин онтон сиэттэрэн оскуола оҕолоругар анаан саха тылын баайын тиэмэтигэр интерактивнай оонньуу оҥорорго сананным.

Үлэ сыала: оскуола саастаах оҕолор төрөөбүт тылларын бараммат баайын үөрэтэллэригэр интэриэһи үөскэтии, билиилэрин сайыннарыы.

Үлэ соруктара:


  • сөптөөх матырыйаалы булан анаарыы;
  • саха тылын өс хоһооннорун, сомоҕо домохторун оскуола оҕотугар сөп түбэһиннэрэн наардааһын;
  • талыллыбыт матырыйаалы оонньуу халыыбыгар киллэрии.

Үлэ сонуна: аныгы техниканы уонна оонньуу халыыбын саха тылын үөрэтиигэ туттуу.

Үлэ туһата:


  • Оскуолаҕа саха тылын уонна литературатын уруоктарыгар билиини хаҥатарга, бэйэни бэрэбиэркэлэнэргэ туспа, ураты дьарык.
  • Саха тылыгар анаан тэрээһиннэргэ тэттик оонньуу.

«Саха тылын бараммат баайа» оонньуу тутула.

Бу оонньуубун оҕоҕо өйдөнүмтүө буоларын курдук «Своя игра» биэрии көрүҥүн, быраабылаларын туһанным. Манна хас да оҕо хамаандаҕа арахсан эбэтэр соҕотохтуу да кыттыахтарын сөп.

Оонньуу биэс тиэмэнэн ыытыллар:


  1. Өс хоһоону ситэр.
  2. Сомоҕо домоҕу ситэр.
  3. Утарыта суолталаах тыллар.
  4. Өс хоһоон суолтата.
  5. Сомоҕо домох суолтата.

Хас биирдии тиэмэ тус-туһунан уонтан биэс уон баалга тиийэ ыараханыттан көрөн араарыллыбыт биэс ыйытыктаах. Холобур, оонньооччу отут бааллаах ыйытыгы талан баран сөпкө хоруйдаатаҕына отут баалы толору ылар. Оттон, арай, сыыһа хоруйу биэрбит буоллаҕына баал эбиллибэт, хоруйдуур кыах утары хамаандаҕа бэриллэр. Эбиитин, хоруйдуур кэмэ ыгым буолара эрэйиллэр. Оччоҕо оҕо түргэнник толкуйдуу, кылгас бириэмэҕэ санаатын сөпкө сааһылыы үөрэнэр.

Оонньуу бэйэм кэтээн көрүүбүнэн сүрүннээн улахан кылаас оҕолоругар сөп түбэһэр. Ол эрэн оонньууну ыытааччы кыттар оҕолор саастарынан, аахпыт айымньыларынан сирдэтэн ыйытыктары, тиэмэлэри уларытыан сөп. Холобур, саха литературатын уруогар аахпыт айымньылартан быһа тардыыны, геройдар тас көрүҥнэрин, майгыларын булан таабырын оҥорор олус табыгастаах.

Ону таһынан, оонньууну кэҥэтэн-хаҥатан биэстэн элбэх тиэмэ, ыйытык оҥоруохха сөп. Биллэн турар, сахабыт тыла олус баай, онон мин оонньуубар сорох эрэ чааһа киирэн сылдьарынан сибээстээн, биир улахан оонньуу түһүмэҕин быһыытынан туттуллуох тустаах.

Оҥорбут үлэбин инники да чинчийэр, эбэр-сабар былааннаахпын. Киинэ буолбут айымньылары, ырыа буолбут хоһооннору кылгас мультимедийнай бырагыраама быһыытынан киллэрэн биэриэхпин баҕарабын.

Бу курдук, аныгы сайдыылаах олох киһитэ буоларым быһыытынан, компьютеры, техникэ күүһүн сөптөөхтүк туһана, тутта үөрэнэбин.

Литература


  1. Кулаковский, А.Е. Якутские пословицы и поговорки. – Якутск, 1945.
  2. Нелунов, А.Г. Сомоҕо домохтор: кылгас тылдьыт. – Якутск, 2010.
  3. Федоров, Г. Быһаарыылаах өс хоһоонноро уонна тыл номохторо. – Якутск, 2009.