Саха фольклоругар Ийэ олоҥхоһут Николай Михайлович Тарасов «Күн Эрили» олоҥхотун ойуулуур-дьүһүннүүр дэгэтин чинчийэр, дириҥник ырытар үлэ суох. Билим хабааннаах үлэлэргэ Н. Тарасов олоҥхоһут быһыытынан бэрт сэмэйдик ахтыллар. Н. Тарасов «Күн Эрили» олоҥхотугар көстөр ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалар:
- Кэккэлэтии. Кэккэлэтии олоҥхоҕо ордук этиэхтэн эриэккэстик, сиэдэрэйдик бэриллэр. Н.М. Тарасов «Күн Эрили» 2286 строкалаах олоҥхотугар 275 кэккэлэтии баар. Кэккэлэтии арааһын көстүүтэ:
- Тыл суолтатыгар олоҕурар:
а) биир тыл эбэтэр биир тыл ситимэ хаста эмэ хатыланар:
Хоойго сытар
Холоонноох доҕор оҥостуоҕум,
Тэллэххэ сытар
Тэҥнээх доҕор оҥостуоҕум…[4: 49];
б) маарыннаһар суолталаах тыл төхтөрүйэн хатыланар:
Айгырастаах тэһииннээх эбит,
Аарыктаах сулардаах эбит,
Көһүүн көнтөстөөх эбит.. [4: 21];
в) синоним эбэтэр антоним тыл туттуллар:
Сыһыыттан сылгылаан,
Хонууттан хомуйан… [4: 58];
г) пааралаһар тыл туттуллар:
Өлөр тыыны өрүһүйэ,
Хаалар тыыны харыһыйа… [4: 59];
- Кэккэлэтии тыл олох биир эбэтэр маарыннаһар форматыгар олоҕурар. Холобур:
Үрүҥ көмүс ыҥыырынан
Ыҥыырдаан кэбистэҕэ,
Дьапта көмүс чаппарааҥынан
Чаппараактаан кэбистэҕэ,
Кыыһар-ыыһар кычымынан
Кычымнаан кэбиһэн баран… [4: 58];
- Кэккэлэтиигэ тылын ахсаана үксүгэр тэҥ буолар:
Көтүрдэр тиистэрин миилэтин,
Көрдөр харахтарын харатын… [4: 59].
Бу холобурдарга көстөрүнэн, олоҥхоһут олоҥхотугар хатылааһыны синонимнарга олоҕуран туттар эбит. Онтуката көннөрү этэн кэбиһэрдээҕэр быдан дорҕоонноохтук, хомоҕойдук иһиллэр.
- Гипербола.Олоҥхо омуннаах фантазията ордук чаҕылхайдык бухатыыр дьүһүнүн-бодотун, быһыытын-таһаатын, дьиэтин-уотун, сирин-дойдутун, сэбин-сэбиргэлин, охсуһууларын ойуулааһыҥҥа көстөр. Ол курдук олоҥхоҕо Күн Эрили бухатыыр төрөппүттэрин балаҕана холооно суох дарбатыллан этиллэр:
Орто дойдуга
Ороһуоллаах салгын оҕустаҕына
Ороскуоттаах буолуо диэннэр
Отут хос ойоҕостообут эбиттэр.
Үөһэттэн үс бииһин
Үргүөрэ үргүйдэҕинэ
Үлүгэр дьүөрэлээх буолуо диэннэр
Үс хос үрүттээбит эбиттэр… [4: 16]
Онтон абааһы бухатыырын хаан чаҕаан сэбэрэтин маннык сүрдээн-киэптээн ойуулуур:
Чаан олгуй саҕа төбөлөөх,
Чааскы саҕа харахтаах,
Тимир хотуур курдук тыҥырахтаах,
Моонньугар мойбордоох,
Кутуругар буоҕалаах,
Далан Өксөкү
Таҥнары көтөн сабырыйан
Түһэн тиийэн кэллэҕэ… [4: 27].
Ити курдук, олоҥхо фантастиката муҥура суоҕун көрдөрөр түгэннэр «Күн Эрили» олоҥхоҕо элбэхтэр.
- Литота. Литотанан омуннаан — олус кыччатан этии Н.Тарасов олоҥхотугар көстөр. Ол курдук:
Уҥа диэки олорор киһи
Улар саҕа буолан көстөр,
Кэтэҕириин диэки баар киһи
Кэҕэ саҕа буолан көстөр
Улахан дьоһуннаах дьиэ буолар эбит… [4: 17].
- Эпитет. Н. Тарасов олоҥхотугар уустаан-ураннаан этэр кубулуйбат эпитеттар араастарын табыгастаахтык туттар, холобур, күнү – аламай маҥан күн; халлааны – өндөл дьүрүс маҥан халлаан, киҥкиниир киэҥ халлаан, сиикэй маҥан халлаан, араҕас сабыдал маҥан халлаан, добун маҥан халлаан;былыты – эбил чаҕыл былыттар; ыйы – тэргэн ый.
- Тэҥнэбил. Олоҥхоҕо тэҥнээһин ньымата бэрт киэҥник туттулллар. Н. Тарасов «Күн Эрили» олоҥхотугар 68 тэҥнэбил баар. Олоҥхо тэҥнэбилэ — омуннаах тэҥнэбил.
Тииккэ тэҥнээһин:
Бу уол
Суллаабыт тиит курдук сотолоох,
Быллыа тиит курдук былчыҥнаах,
Хастаабыт тиит курдук харылаах… [4: 23];
Хатыҥҥа тэҥнээһин:
Кийиит дьахталлар
Киэргэнэн-киэргэнэн бараннар,
Ханыылаһан-сиэттиһэн
Хаамсан киирэн иһэллэрин курдук,
Сиэрэй солко сэбирдэхтээх
Хатыҥ мас хаймыылардаах эбит… [4: 14];
Хатыҥ мас курдук
Хантачччы таттаран… [4: 55];
Холобурдарга көстөрүнэн, олоҥхоҕо тэҥнэбил олоҥхоһут өйүн үлэтин, толкуйдуур дьоҕурун туоһулуур.
- Архаизмнар. Олоҥхоҕо кэлин туттуллубат буолан эргэрбит тыл баар. Эргэрбит тыллары икки сүрүн бөлөххө араараллар: сүппүт (архаизмнар) уонна былыргыны бэлиэтиир (историзмнар) тылларга. Холобур, олоҥхоҕо маннык былыргыны бэлиэтиир тыллар бааллар: саар ыаҕас, удьаа хамыйах, бадаайы хамыйах, сир иһит уо.д.а.Манна көстөрүнэн, ордук дьиэ-уот тэрилэ, мал-сал былыргыны бэлиэтиир тыллар араҥаларыгар көспүттэр.
- Киирии тыллар . Н.Тарасов «Күн Эрили» олоҥхотугар 7 нууччаттан киирии тыл баар. Холобура, даҕааһын аат: кытаайыскай, долуой, бэйбэриэт; аат тыллар: арсыын, чиэппэр, сыбаайба. Бу тыллар олоҥхоҕо хаста да туттуллаллар:
Айах тутаннар
Үрдүк үөрүүнү,
Сырдык сыбаайбаны
Сылаанньыта тэрийэн… [4: 69];
Ол илдьэ тиийэн кэлэннэр
Дьэ эмиэ сырдык сыбаайба
Үрдүк үөрүү буолла… [4: 70];
Н. Тарасов «Күн Эрили» олоҥхото сэбиэскэй кэмҥэ суруллубут буолан, ол кэмҥэ саха тылыгар бүтэһиктээхтик киирбит нууччалыы тыллар көстөллөр.
Түмүктээн эттэххэ, олоҥхоҕо эгэлгэ араас ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалар: кэккэлэтии, гипербола, литота, эпитет, кубулуйбат эпитет, тэҥнэбил дэлэччи туттуллубуттар. Ханнык баҕарар олоҥхоҕо туттуллар эргэрбит (архаизм) тыллар олоҥхоҕо хойуутук көстөллөр. Бу олоҥхоҕо сүрүннээн ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалартан тэҥнээһин, омуннааһын, кэккэлэтии, эпитет үгүтүк туттуллубуттар. Николай Михайлович Тарасов киин улуус олоҥхоһута буолан, олоҥхоҕо хотугу диалект суох. Тылыгар-өһүгэр кэм сабыдыала көстөр. Олоҥхоһут үгэстэн туораабакка халыыптары киэҥник туттан, дорҕооннор үөрэ-дьүөрэ этиллиилэрин тылтан тылы дьүөрэлээн, ойуулуур-дьүһүннүүр тыл эгэлгэтин, уус-уран тэҥнээһиннэри, ойуулааһыннары сатаан хоһуйар.
Туһаныллыбыт литература
- Афанасьев П.С. Саха билиҥҥи тыла. Лексикология. – Дьокуускай: Саха государственнай университетын издательствота, 1996. – 192 с.
- Васильев Г.М. Якутское стихосложение. – Якутск: Якутское книжное издательство, 1965.- 128 с.
- Копырин Н.З. Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. – Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1981. — 192 с.
- Тарасов Н.М. Күн Эрили. – Кировскай: Саха республикатын Горнай улууһун Кировскай нэһилиэгин дьаһалтата, 1999. — 82 с.
Literature
- Afanas’ev P.S. Saha biliҥҥi tyla. Leksikologija. – D’okuuskaj: Saha gosudarstvennaj universitetyn izdatel’stvota, 1996. – 192 s.
- Vasil’ev G.M. Jakutskoe stihoslozhenie. – Jakutsk: Jakutskoe knizhnoe izdatel’stvo, 1965. — 128 s.
- Kopyrin N.Z. Saha pojezijatyn d’үһүnnүүr n’ymalara. – Jakutskaj: Saha sirinjejeҕi kinigje izdatel’stvota, 1981. — 192 s.
- Tarasov N.M. Kүn Jerili. – Kirovskaj: Saha respublikatyn Gornaj uluuһun Kirovskaj njeһilijegin d’aһaltata, 1999. — 82 s.