Төрөөбүт тылбыт барҕа баайын сыаналыыр, сатаан туһанар буолары ситиһэр сыалтан литература уруоктарыгар аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир сонун ньымалары, технологиялары туттан, бэйэ билиитин, сатабылын туһанан, сонуннук, интэриэһинэйдик тэрийэн ыытыахха сөп.
Кэнники кэмҥэ оҕо уус-уран литератураны ааҕар таһыма намтаабыта, сэҥээрбэт буолбута бэлиэтэнэр. Ол иһин учууталларбыт оҕону сонурҕатар, уруокка үлэлиир таһымын үрдэтэр сыалтан араас ньыманы уонна албастары тутталлар. Биир оннук ньыма оонньуу технологията буолар.
Мин 4-с кылаастан саҕалаан салайааччыбын кытта бу ньыманан литература уруоктарыгар оонньуулары толкуйдааммыт, сайыннарыылаах үөрэх технологиятын туһанабыт.
Сайыннарыылаах үөрэх сүрүн уратыта — оҕо учууталга холоонноох эмиэ дьайар күүс курдук көрүллүүтэ. Манна оҕо учууталлыын иккиэн биир тэҥ бырааптаах дьарык кыттыылаахтара оҥорор сыаллаах үөрэх тэриллэр. Бу туһунан сайыннарыылаах үөрэҕи салҕааччы В.В. Репкин бэйэтин «Развивающее обучение: теория и практика» (Томск, «Пеленг», 1997) үлэтигэр маннык этэр: «Ребенок может участвовать в учебном процессе как субъект лишь в том случае, если он способен самостоятельно находить способы решения возникающих перед ним задач. Для этого необходимо начинать обучение не с усвоения способов решения разнообразных частных задач (что характерно для традиционной школы), а с овладения общим принципом решения задач определенного класса. Овладеть же этим принципом ученик может, лишь осознав его объективные основания, т.е. внутренние свойства и отношения объекта действия (слова, предложения и т.п.), которые определяют закономерности его функционирования и возможности преобразования и которые составляют содержание научного (теоретического) понятия о данном предмете. Система научных понятий как предпосылка и основание самостоятельного построения способов решения задач определенного класса является основным компонентом содержания развивающего обучения».
Оҕо тус бэйэтин үөрэтэр дьарыгын учууталлыын бииргэ толоруута эбэтэр, атыннык эттэххэ, дьарык соругун учууталлыын быһаарыылара сайыннарыылаах үөрэх сүрүн ньымата буолар.
Бу үлэҕэ Тимофей Егорович Сметанин «Егор Чээрин» сэһэнин туһанан сайыннарыылаах үөрэх туһатын арыйар сыал турар.
Тимофей Егорович Сметанин оҕолорго анаан үгүс айымньыны суруйан хаалларбыта. Ол курдук, сөбүлээн аахпыт айымньыларбынан суруйааччы «Биирдэ» хоһооно, «Куоскалар уонна саһыл» үгэтэ, «Күөрэгэй» остуоруйата, доҕоро Яков Стручковтуун суруйбут «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» холбоһук айымньыттан «Куһу ураҕаһынан да бултуурбут», «Егор Чээрин» сэһэнэ, «Төбөбөр кус сымыыттаабыта, өлөр суолтан бөрө быыһаабыта» кэпсээннэрэ буолаллар. Бу айымньылар булугас өйдөөх, аһыныгас санаалаах, эйэҕэс майгылаах буоларга сирдиир аналлаахтар дии саныыбын. Ону тэҥэ Т.Е.Сметанин тус олоҕо оҕо аймахха эмиэ холобур буолар суолталаах.
Үчүгэй айымньы тартарыылаах буолар, айымньы геройдарын кытта бииргэ алтыһар курдук буолаҕын. Онтон айымньыны оонньоон хатылаатахха, өйгөр-сүрэххэр инэр, умнуллубат.
Т.Сметанин үтүөҕэ үөрэтэр, олоххо тардыһар үгүс айымньыларыттан биирдэстэринэн «Егор Чээрин» сэһэнэ буолуон сөп. Егор Чээрин киһи быһыытынан үчүгэй хаачыстыбалаах, булугас өйдөөх, хорсун санаалаах.
Чээрин быһыыта-майгыта билиҥҥи оҕолорго бу дьалхааннаах олоххо ыарахаттары тулуйарга, күүстээх санаалаах буоларга холобур буолуон сөп.
Бу курдук, суруйааччы хас биирдии айымньыта туох эмэ үтүө өрүккэ үөрэтэр, сирдиир аналлаах. Айымньыны үрдүнэн эрэ аахпакка, ис хоһоонун өйдөөн, сүрүн санаатын таайан аахтахха, ордук туһалаах буолар.
Суруйааччы, буойун, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Орловскай – Курскай туһаайыыга, Хотугулуу-Арҕаанны 2-с Прибалтийскай фроннарга буолбут кыргыһыыларга кыттыыны ылбыта. Сэрии толоонуттан дойдутугар «Хааннаах хара баттах», «Сүрэхтэн кэпсэтии», «Босхоломмут дэриэбинэ», «Саллаат ахтылҕана», «Бухатыыр Армия», «Саллаат» диэн буорах сыттаах хоһооннору суруйан ыыппыта.
Тимофей Сметанин бэйэтин хараҕынан көрбүтүн, инчэҕэй этинэн билбитин суруйара, ол курдук сэрии сылларын араас түгэннэрэ: армияҕа ынырыллыы, аймах дьоннуун бырастыылаһыы, фронт олоҕун түгэннэрэ, бааһыран госпитальга эмтэнии, таптал, ахтылҕан, кыайыы үөрүүтэ, төрөөбүт алааска эргиллии – бу барыта суруйааччы айымньыларыгар чаҕылхайдык арыллар.
Ол курдук, суруйааччы биир чаҕылхай айымньыта «Егор Чээрин» сэһэнэ буолар.
Саха саллаатын Чээрин уобараһа национальнай характер буолара араас ньымаларынан бэриллэр. Кини икки уостаах сааны көрөн истинник иэйиитэ, булчут киһи өйүнэн-санаатынан толкуйдааһына, сахалыы тыл этэн партизаннарга көмөлөһүүтэ, сис туттан хаамара, холкута, мындыра – бу чахчы саха саллаата, тайҕа, тыа олоҕо үгүс сатабылларга үөрэппит киһитэ буоларын туоһулууллар. Чээрин – хаһан да санаатын түһэрбэт, оҕолуу ыраас, аһаҕас дууһалаах, билиэн-көрүөн баҕалаах киһи. Бу өттүнэн кини А.Твардовскай Василий Теркиныгар чугаһын Николай Егорович Петров бэлиэтээн турар. Ол аата, бу уобараска омугуттан тутулуга суох ханнык баҕарар киһиэхэ бэриллэр үтүө хаачыстыбалар иҥмиттэр, ол да иһин кини бэйэтин курдук көнө, судургу, холку нуучча уолун Гурьяновы кытта ыкса доҕордоһор.
Бу айымньы бастатан туран, уол оҕо булугас өйдөөх, хорсун быһыылаах, туохтан да чаҕыйбат буоларыгар үөрэтэр. Ону тэҥэ доҕордуу буоларга, төрөөбүт дойду иннигэр эппиэтинэстээх, төрөөбүт дойдуну таптыырга, киэҥ туттарга үтүө холобур буолар.
«Егор Чээрин» мультипликационнай киинэни уруокка туттуу
Уруок кэмигэр учуутал оҕолору икки бөлөххө араартыыр. Бастакы бөлөх «Егор Чээрин» сэһэни көннөрү ааҕан баран ырытар. Онтон иккис бөлөх мультипликационнай киинэ көмөтүнэн үлэлиир. Кинилэргэ бастаан киинэни көрдөрөллөр. Онтон озвучката суох мультигы көрөн олорон бэйэлэрэ геройдар оннуларыгар саҥарыахтаахтар. Маҥнай оҕолор күлсэллэр, онтон улам айымньы иһигэр киирэн бэйэлэрэ интэриэһиргээн бараллар. Бу үлэ тоҕоостооҕун быһаарарга анаан үөрэнээччилэр ортолоругар ыйытык ыытылынна. Уонна ыйытык түмүгүнэн диаграмма оноһулунна
Бастакы бөлөх үөрэнээччилэрэ айымньыны бэйэлэрэ сэргээн буолбакка, учуутал эрэ эппитин иһин ааҕаллара билиннэ. Кинилэр интэриэһи тардар сонун ньымаларга наадыйаллар.
Оттон иккис бөлөххө үлэлээбит үөрэнээччилэр айымньы ис хоһоонун быдан дириҥник ылыммыттара геройдар ааттарын, сэһэн сюжетын сиһилии өйдөөбүттэригэр көһүннэ.
Бу холоон көрүү «Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй» орто кылааһын үөрэнээччилэрин ортолоругар мультипликационнай киинэ оҕо айымньыны үөрэтэригэр сабыдыалын кэтээн көрөр сыаллаах ыытылынна.
Үлэ 3 түһүмэхтэн турар:
I түһүмэх – билиһиннэрии. Айымньыны үөрэтии уонна ырытыы
II түһүмэх – чиҥэтии. Мультипликационнай киинэни көрдөрүү уонна ыйытык ыытыы.
III түһүмэх – түмүк. Ыйытык түмүгүнэн үөрэнээччи айымньыны төһө өйдөөбүтүн билии.
Онон, түмүктээн эттэххэ, оонньуу уонна анимационнай киинэ оҕо сайдарыгар улахан суолталааҕын үлэлээн, ол үлэлээбити кэтээн көрөн чахчы итэҕэйдим.
Бу маннык үлэ оҕо аахпыт кэпсээннэрин өйдөөн хааларыгар, тылын баайын хаҥатарыгар көмө буолар.
Үлэни уруоктарга, кылаас таһынан дьарыктарга, уһуйааннарга туһаннахха, оҕо, үөрэнээччи ааҕыыны умсугуйара, литэрэтиирэни интэриэһиргиирэ күүһүрэр, толкуйдуур дьоҕура сайдар.
Туһаныллыбыт литература:
- Аржаков А.И. Тимофей Сметанин 1 том Дьокуускай: Бичик, 1999
- Аржаков А.И. Тимофей Сметанин туһунан ахтыылар
- Васильева А.Н. Улуу саха, улуу талаан Дабаан хаһыат: 1999 №90
- Попов Б.Н. — Барыл5ан Уус-уран литератураҕа саҥалыы сыһыан Дьокуускай: Бичик, 2002
- Копырин И.Н. Тяжелое испытание Якутск, 1994
- Попова М.П. Саха төрүт культурата дь чааһа
ф