Геннадий Дьячков үгэһи салҕааччы

14 ноября 1:15

Кондратьева Сардаана Афанасьевна, ПО-СА-15

Научнай салайааччы: Архипова Е.А., ф.н.к.


        Дьүкээгир литературата, дьүкээгир тылынан суруллубут литература (палеоазиат тылларын дьүкээгир-чуван бөлөҕөр киирэр). Суруга-бичигэ нууччалыы алпаабыкка олоҕуран оҥоһуллубута. Дьүкээгирдэр (бэйэлэрин ааттара – одул, вадул) Саха сиригэр, Магадан уобалаһыгар олороллор. Дьүкээгир тылынан саҥараллар, туундара, тайҕа түөлбэтин тылыгар арахсар. Ахсааннара 800 (атын дааннайынан 1142) киһи.

Дьүкээгир фольклора былыргы үгэлэрдээх, остуоруйалардаах (аан маҥнай В.И. Иохельсон хомуйбута, 1900 сыллаахха таһаарбыта). Туоска суруллубут пиктограф суруктаах этилэр, ону маҥнай С.И.Шаргородскай сөргүппүтэ. Отутус сыллардаахха айыллыбыт сурук-бичик (латыын итиэннэ нуучча алпаабытыгар олоҕуран), түөлбэ тыллара олус уратылаһалларын иһин, тарҕамматах. Дьүкээгир билиҥҥи алпаабытын (туундара, Аллараа Халыма) Г.Н.Курилов (Улуро Адо, 1938) поэт, учуонай 1970 cc. оҥорбута. Дьүкээгир маҥнайгы суруйааччыта – Н.И.Спиридонов (Тэки Одулок 1906-1938). Литэрэтиирэҕэ ордук ини-бии Куриловтар биллэллэр.

Семен Николаевич Курилов – дьүкээгир уһулуччулаах суруйааччыта, романист, публицист, уруһуйдьут, дьүкээгир норуотун туһунан урут биллибэтэх сонуну, хатыламматы, уһулуччу уус-ураннык сырдатааччы. 1935 сыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр төрөөбүтэ. Төрөөбүт төрүт сирэ-уота – Аллараа Халыма улууһун Өлүөрэ нэһилиэгэ. Дьүкээгир омугун аан дойдуга биллэрбит дьонунан ини-бии Куриловтар буолаллар. Төрөппүттэрэ табаһыт идэлээх Николай Николаевич уонна Анна Васильевна Куриловтар норуот фольклорун үчүгэйдик билэр дьон буолан уолаттарын дьүкээгир култууратын чиҥник уонна киэҥник билэр гына иитэн таһаарбыттар. Семен бырааттара Гаврил (Улуро Адо) уонна Николай Куриловтар. Гаврил — лингвист учуонай, суруйааччы, дьүкээгир бастакы букубаарын ааптара. Николай Курилов дьүкээгир омугуттан бастакы идэтийбит худуоһунньук, ону таһынан поэт, прозаик, драматург, суруналыыс, «Геван» радиостанция үлэһитэ. Семен Курилов төрөөбүт норуотун үөһүгэр эттиин-хаанныын, өйдүүн-санаалыын быстыбат ситимэнэн сылдьыбыта. Кини суруйуулара норуот муудараһынан тыыналлар, норуот олоҕун көрдөрөллөр. Бу норуот аата – дьүкээгир. Дьүкээгир норуота үйэлэр тухары сүтүө суохтаах  өйдөбүлүн Семен Курилов кэпсээннэригэр номохтор, остуоруйалар дьикти күүстээхтик биэрэллэр. Кини киэҥ фантазиялаах, ойуулуур кыаҕын таһыма норуот муударай өйүн далааһынынан кэмнэнэллэр, олох өлбөт өрөгөйүн бигэргэтии тэтиминэн чиҥииллэр.

Кини айымньыларын сүрүн кыһалҕатын маннык үс көрүҥҥэ араардым.

  • Төрөөбүт тылга, дойдуга таптал («Туундараҕа көрсүөхпүт», “Үрүйэ»).
  • Историческай хабааннаах айымньылар («Ярхадана туһунан номохтор», «Лихманы эмтээһин», «Чаундаур»).
  • Айылҕаны хоһуйуу («Дьүкээбил уота», «Соҕотох хаалбыт кыталык»).


Семен Курилов дьүкээгир литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, омугун киэҥ далааһыҥҥа таһаарбыт киһинэн биллэр. Кини айымньыларын Михаил Дьячковскай, Николай Заболоцкай, Дмитрий Васильев сахалыы, онтон Р.Палехов, А.Гринес, Н. Гессе, М.Сучков нууччалыы тылбаастаабыттара. Семен Курилов айымньыларын киһи долгуйбакка эрэ көннөрү аахпат дии саныыбын.

Геннадий Алексеевич Дьячков – поэт, прозаик, драматург. 1946 сыллаахха Үөһээ Халыма оройуонун Нэлэмэн нэһилиэгигэр булчут-юкагир дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аармыйаҕа сулууспалаан баран үлэлии барбыт, онтон Максим Горькай аатынан литературнай үнүстүүтү бүтэрбит. 80-с сылларга Геннадий Дьячков айымньылара өрөспүүбүлүкэ сурунаалларыгар күргүөмнээхтик бэчээттэнэн испиттэрэ, кинини эдэр, талааннаах, инникитин да күүскэ үлэлиэх суруйааччы диэн сыаналыыллара. 1984 сыллаахха Геннадий Дьячков «Казбек» диэн маҥнайгы кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Кини «Розовая чайка» диэн пьесата Платон Ойуунускай аатынан драматическай тыйаатырга туруоруллан, дьон биһирэбилин ылбыта. Геннадий Дьячков литература араас жанрдарыгар үлэлээбитэ, бэйэтин холонон көрбүтэ, ол курдук: драматургияҕа, прозаҕа, поэзияҕа. Ааҕааччыларга сүрүннээн драматург уонна прозаик быһыытынан биллэрэ. Кини хоһоонноро күн баччатыгар диэри дьон-сэргэ ааҕарыныы, бэчээттэнэн тахса иликтэр. Суруйааччы архыыбыгар эрэ бааллара сабаҕаланар. Геннадий Дьячков айымньыларыгар сытыы проблемалары күүскэ туруорар диэн бэлиэтээтим, ол курдук:

  1. Төрөөбүт төрүт тылы, култуураны харыстааһын («Казбек», «Розовая чайка», “Ыһыах”, «Калмык»).
  2. Саҥа олох кирбиитин. Эдэр ыччат туругун (“Ыһыах”, “Казбек”, “Розовая чайка”).
  3. Куһаҕан дьаллыкка ылларыыны («Казбек»).


Оттон бу туруоруллубут проблемалары барытын кэриэтэ Семен Курилов көтөхпүтэ. Семен Курилов айар үлэтин, кини литературнай үгэстэрин Геннадий Дьячков салҕаабыт дии санаатым. Ол кини айымньыларын тематикатыгар, туруоруллубут сытыы проблемаларыгар, тылыгар-өһүгэр, толкуйугар көстөр. Дьячков айымньыларын ааҕан баран кини норуотун инникитин, олоҕун, дьылҕатын туһугар күүстээхтик кыһаллар суруйааччы быһыытынан биллим уонна кини миэхэ биир сөбүлээн, дуоһуйан олорон ааҕар суруйааччым буолла. Суруйааччылар Г.Дьячков курдук патриот буолуохтаахтар диэн санааҕа кэллим.

Семен  Курилов «Ярхадана туһунан номохтор» айымньытын уонна Геннадий Дьячков «Розовая чайка» диэн легендатын сүрүн геройа Ярхадана – кэрэ, сэмэй, килбик, уһуну-киэҥи толкуйдуур, чугас дьонун-сэргэтин туһугар кыһаллар, күүстээх-хорсун санаалаах, нарын-намчы кыыс. Ааптардар иккиэн даҕаны сүрүн геройдарын ис сүрэхтэриттэн таптаан хоһуйалларын ааҕааччы тутатына өйдүүр. Семен Курилов этэринэн Ярхадана диэн аат быһаччы үчүгэй дьүһүннээх кыыс буолан хаалбыт күндээркэй уулаах хайа үрэҕэ, оттон Геннадий Дьячков этэринэн, Ярхадана диэн аат дьүкээгир тылыттан «ярха» – муус диэн тылтан үөскээбит, аат уопсайынан тымныы диэн тылбаастанар. Бу айымньылар идеялара, ис хоһоонноро олус маарыннаһаллар, биир толкуйга тиэрдэллэр дии санаатым.

Биир ураты бэлиэнэн буолар Геннадий Дьячков “Розовая чайка” пьесатыгар уонна Семен Курилов “Ханидо уонна Халерха” романыгар хопто уобараһынан төрөөбүт тылларын ойуулууллара. Хопто — ийэ тыл курдук күндү, кэрэ, Кыһыл кинигэҕэ киирбит дьикти көтөр. Ааптардар ийэ тылбытын хопто көтөр курдук ытыктыахха уонна харыстыахха диэн ааҕааччыларын ыҥыраллар.

Геннадий Дьячков «Розовая чайка» диэн айымньыта дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕанан, дьон биһирэбилин ылбыта. Бу пьесатынан ааптар төрөөбүт тылы харыстыырга, уһун үйэлииргэ турунар. Төрөөбүт дойдута кэрэтин, айылҕата дьиктитин, ийэ тыла баайын туһунан сэһэргиир. Мин олус сөбүлээн аахтым.

Геннадий Алексеевич Дьячков дьүкээгир литературата сайдарыгар сүдү кылааты киллэрбит суруйааччы. Кылгас олоҕу олорон ааспыта хомолтолоох. Кини омугун дьылҕатын аныгы олоххо хайдах баарынан көрдөрбүтэ. Геннадий Дьячков үгэһи салҕаабыт талааннаах суруйааччы.

 

Туһаныллыбыт литература:

  • Окорокова, В.Б. Юкагирский роман. — Якутск, ЧИФ Ситим, 1994. – С.3-102.
  • Дьячков, Г. Полет розовой чайки. – Якутск: Бичик, 2003. – 112 с.
  • Курилов, С. Ярхадана туһунан номох: кэпсээннэрэ, номохтор. – Дьокуускай: Бичик, 2005. – 64 с.
  • Юкагирская литература: сборник. Составитель: Вячеслав Огрызко. – М.: Литературная Россия, 2006. С.300-340.
  • Дьячков, Г. Сноп золотых искр: рассказы, повесть. — Якутск: Бичик, 2010. – 112 с.