Саха норуотугар үгүс киһи хоһоон суруйарга холонор, поэтическай көрүүлээх. Ол тугу туоһулууруй? Ол туоһулуур билигин даҕаны сахаҕа духуобунас үрдүк кэрдиискэ турарын!
2011-тэн 2016 сылга диэри Саха республикатын сойууһун иһинэн барыта 70 поэтическай хомуурунньук тахсыбыт. Үксүлэрэ “Бичик”, “Көмүөл”, ООО “Медиа-Холдинг Якутия”, “Дани Алмас”, Цумори Пресс о.д.а. издательстволар истэринэн бэчээттэммиттэр. Маны таһынан, ааптардар улуус иһинээҕи типографияҕа ааптарскай редакциялаах эмиэ хас да кинигэни таһааттарбыттар.
Поэтическай хомуурунньуктары кытары билсэн, ааҕан баран, сүрүн маннык бэлиэтээһиннэри оҥоруохха сөп:
- Форма өттүгэр:
Поэттар, хоһоонньуттар үксүгэр лиирикэни суруйарга холоноллор, түөртүү строкаттан турар строфанан, верлибр форматынан санааларын, иэйиилэрин тиэрдэллэр. Строкалар сүһүөхтэрэ үксүн 7-11 диэри халбаҥныыр. Хоһооннор лирическэй геройдара сүрүннээн ааптар эмоциональнай туругун арыйаллар. Таптал тиэмэтэ манна, биллэн турар, баһылыыр миэстэни ылар. Иэйии дэгэтин, санаа оонньооһунун сонуннук тиэрдибиттэр Егор Старостин-Байаҕантай, Мария Алексеева, Иван Мигалкин, Михаил Иванов, Августина Лонкунова.
Егор Старостин-Байаҕантай саха поэзиятыгар хайыы-үйэ туспа стиллээх, куоластаах поэт быһыытынан сэҥээриини ылыан ылла. Кини холку лиирикэтин нөҥүө биһиги саха эр киһитин иэйиитин, олоххо идеалын көрөбүт:
Ый быыһа түүн эйигин араҥаччылыыбын
Аар айылҕам нууралын, уоскулаҥын
Илиим иминэн илбийэн аҕалан
Үллүйэбин сылаас суорҕан гынан.
Саха народнай поэта Иван Мигалкин “Сулус санаалар” мини-хомуурунньугар киирбит лиирикэтигэр сонун, сэргэх уобарастааһыны эмиэ көрсөбүт:
Олох, эн былыргыны –
Өрүү эдэр хараххынан
Ааспыт үйэлэртэн
Өҥөйөн көрөҕүн.
Августина Лонкунова ааптарга маннык интэриэһинэй строкалары бэлиэтиибит:
Улуу Айылҕа оҕотобун,
Киэҥ Куйаар кыырпаҕабын,
Айыы Тойон Таҥара
Өрүү тыыннаах кыымабын.
(“Киэҥ куйаар кыырпаҕынабын”).
Михаил Иванов хоһоонноругар ийэ айылҕа, кэрэ кыыс, олоҕун аргыһа судургу тылларынан сонуннук хоһуллубуттар. Холобур, “Айылҕа дьиктитэ” хоһооҥҥо ааптар хатыҥнары олус иһирэхтик, чахчы да кыргыттар курдук, бу аттыбытыгар хаамса сылдьалларыныы, ойуулаабыт:
Килбик кыыс кэриэтэ
Кыбыста тутталлар,
Күөх баархат сарбынньах
Киистэнэн сапталлар.
Туус маҥан сотолор
Тунааран киирэллэр,
Көлүччэ уутугар
Үктэнэн тураллар.
Луиза Прокопьева-Уйулҕаана хас да поэтическай хомуурунньугун таһааттарбыт. Хоһоонньут суруйар буочарыттан сылыктаатахха, бэртээхэй сытыы сатираны суруйуон сөптөөх эбит. Онно холоноро буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.
Сорох ааптардар хоһоонноругар хайдах-тугу санаабыттарын, тугу сөбүлүүллэрин-сөбүлээбэттэрин көннөрү кэпсиир халыыбынан биэрбиттэрэ эмиэ баар суол.
Кытаанах формалар киэптэринэн Василий Сивцев, Х. Горохов сонет-хоһооннору айбыттар. Билэрбит курдук, бу поэттар өссө 1990-ус сыллардаахха маннык форманан балачча хоһоону суруйбуттара. Василий Сивцев ордук итальянскай сонет халыыбынан.
Лиро-эпическэй айымньы форматынан суруллубуттар Х.Горохов, Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ, Александр Дунаев “Дьол тааһа”, Николай Линдин “Эһэм аатын үйэтитэн”, Мария Алексеева “Окумал” поэмалара. Олоҥхо стилин ис хоһоон да, форма да өттүнэн тутуһан суруллубут “Окумал” диэн ХХ чаастан турар поэма ордук сэҥээриини ылар. Манна Ийэ олоҥхоһут, ЮНЕСКО стипендиата Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр олоҕо, айар дьоҕурун арыллыыта, олоҥхоҕо араас кэмҥэ хайдах сыһыаннаспыттара, билигин олоҥхо саха норуотугар суолтата хронологияҕа олоҕуран сиһилии, ол эрээри, поэтическай тыл-өс көмөтүнэн өрө көтөҕүллүүлээхтик ойууламмыт.
Маны таһынан, Н. Михалева-Сайа, Арчылан, Галина Фролова, Александр Дунаев хоһоонноругар матыып суруллан , саха эстрадатыгар ылланалларын бэлиэтиир тоҕоостоох.
- Тиэмэ өттүгэр:
Таптал лиирикэтэ ханнык баҕарар кэмҥэ өлгөмнүк суруллара. Билигин да поэзия бу өттүнэн баай диэтэхпитинэ сыыспаппыт. Ол эрээри, поэтическай тыл-өс аныгы киһи гражданскай позициятын эмиэ арыйан көрдөрүөхтээх. Россия аатырбыт поэта Евгений Евтушенко: “В России поэт больше чем поэт” диэн эппитэ ханнык баҕарар кэмҥэ актуальнай. Бу өттүнэн, биллэн турар, биһиги бастакынан Наталья Михалева-Сайа лиирикэтин бэлиэтиибит. Поэтесса төрөөбүт дойду, норуот, ийэ тыл туһунан хоһоонноро сытыылар, тоҕоостоох проблеманы таарыйаллар.
Сайа Төрөөбүт тыл туһунан хоһооно этитиилээх:
Ийэ тылым –
Ийэ кутум!
Этитиилээх эстэр
сэбим…
Харысхаллаах
Хаарыан күүскүн
Хаалар тыаска барыам суоҕа,
Таттарыылаах
Талба күүскүн
Таҥнарыыга таҥыам
суоҕа,
Үөтүтүүлээх үрдүк
күүскүн
Үлүгэргэ туттуом
суоҕа…
Философскай хабааннаах хоһооннор. Биһиги билэрбит курдук, хас биирдии хоһоон, ханнык баҕарар тиэмэҕэ – таптал, айылҕа, гражданскай лиирикэ да буоллун, бөлүһүөктээн этиилээх буолар. Ол эрээри, философскай жааныр саха литературатыгар билигин баар, туспа сайдар диэтэхпитинэ сыыспаппыт. Онон, бу кэмнээҕи поэзия философскай жаанырга ситиһиитинэн ааттыахха сөп Анна Парникова-Сабарай Илгэ “Күһүҥҥү ыһыаҕым” диэн ааттаах үһүс кинигэтин. Сирдээҕи олоҕу түмүктүүр олукка үктэммит уонна ол туругу анаан-минээн кэтээн көрөр, ол турукка тирэнэн туран олох туһунан анаарар лирическэй геройу манна көрсөбүт.
Поэтесса барыта үс кинигэтин ситимниир сүрүннээн икки матыып баарын бэлиэтиэххэ сөп: таптал матыыба уонна өлүү матыыба! Үһүс кинигэҕэ бу икки матыып ордук күүһүрэн, дириҥ ис хоһооннонон бэриллибиттэр. Таптал олох олорорго сылтах, төрүөт буолар:
Кимтэн – туохха, киһиттэн – киигэ
Кубулуйуохпут иннинэ,
Уйгуура иэйиэх-туойуох, доҕорум,
Утуйбат гына уһун уубутун.
Буору кытта буор, сири кытта сир
Буолуохпут да буоллар, син биир
Талбаара таптаһаммыт, көмүһүм,
Таһы-быһа умнуох өһөрбүтүн.
Өскөтүн поэтесса иккис кинигэтигэр олохтон арахсыы уустугун туһунан элбэхтик этиллэр эрээри, трагедияҕа тэҥнэспэт, олох муҥ уһугун быһыытынан сыаналаммат буоллаҕына, үһүс кинигэ бу тиэмэни өссө кэҥэтэр, дириҥэтэр.
Өлүүнү биһиги, ааҕааччылар, олох биир түмүк кэрдииһин, тыынар-тыыннаах мүлчүрүйбэт ыйааҕын быһыытынан ылынабыт. Киһи аймах тыыннааҕын тухары өлүү туһунан саныыр эрээри, төһө кыалларынан ону дириҥэппэт.
Сабарай Илгэ, бу таптал уонна өлүү, олох уонна өлүү, дьол уонна өлүү алтыһыыларын дириҥник хорутан, уобарастаан арыйар. Эттэххэ дөбөҥ, суруйуох диэтэххэ – ыарахан! Ааптар өлүү нөҥүө олоҕу уруйдуур эрэ диэтэхпитинэ Сабарай Илгэ хоһооннорун, ааптар быһыытынан санаатын ситэ өйдөөбөтөх, ылымматах буолан көстүөхпүтүн сөп. Бу санаа-хомуурунньукка баар дириҥ бөлүһүөктээһин, поэтесса айар үлэҕэ ураты сыһыана, бастыҥ айымньыны айар туһугар тус олоҕу бүүс бүтүннүү толук ууруу!
Поэтесса хоһооннорун ис номоҕо кэмҥэ-кэрдиискэ хаайтарбаттар, манна ааспыт, билиҥҥи, кэлэр кэм диэн өйдөбүллэр суохтар, баар арай үйэлэри мэлдьэһэр туруук таастыы тулхадыйбат ис турук.
Түмүккэ уопсай бэлиэтээһин быһыытынан манныгы этиэхпитин баҕарабыт: саха лиирикэтин сэҥээрээччи, айар дьоҕурдаах дьон элбэҕэ киһини үөрдэр, долгутар, саха литературата инникилээҕин кэрэһэлиир. Ол эрээри, поэтическай хомуурунньуктар, ордук ааптарскай редакциянан улуус типографияларыгар тахсыбыттар грамматика, тылы-өһү туттуу өттүнэн алҕастара балай эмэ. Онон, ааптардар итиннэ болҕомтолорун уураллара буоллар, ааттаах-суоллаах издательстволар нөҥүө айымньыларын таһааттараллара буоллар, кинигэлэр хаачыстыбалара бэркэ тупсуо этэ!